Салгыы
Мари Сырдык Күүс: «Бүлүү өрүс киртийэрин көрөбүн…»

Мари Сырдык Күүс: «Бүлүү өрүс киртийэрин көрөбүн…»

05.03.2024, 19:30
Хаартыска: социальнай ситимтэн.
Бөлөххө киир:

Кулун тутар 4 күнүгэр көрбүөччү Мари Сырдык Күүс саҥа көрүүлэниилэрин таһаарда. Кини «бу көрүүлэнии сорҕото, хараҥа өттө буолар, сырдык чааһын сотору таһаарыам» диэн суруйар.

«Биһиги чахчы устуоруйаҕа киирэр кэмҥэ олоробут. Мин көрөрбүнэн, олохпут фантастическай киинэттэн ылыллыбыт курдук түгэннэрдээх.

  • Кавказка, илиҥҥи дойдуларга, Уһук Илиҥҥэ элбэх сир хамсааһыннарын, вулканнары көрөбүн. Айылҕа бэйэтин уларытыыларын киллэрэр, сир-дойду ньуурун уларытар. Бүтүн континеннар аҥаарданыахтарын сөп.
  • Уу кыралаан биэрэккэ тахсан, ылан иһиэҕэ. Сорох сирдэргэ, төттөрүтүн, өрүстэр, үрэхтэр уолуохтара.
  • Бүлүү өрүс киртийэрин, кыһыл ууну көрөбүн, ол сүрдээх куһаҕан содуллаах. Дьон-сэргэ долгуйар. Атын эрэгийиэннэргэ эмиэ маннык буоларын көрөбүн.
  • Хотугу табаларга «зомби-вирус» тарҕанар, дьиэ кыылларыгар дьиҥ куттал суоһуур.
  • Түҥ былыргы үөннэр биллибэт саҥа көрүҥнэрэ, баараҕай кыыллар уҥуохтара көстөн, дьону сөхтөрөллөр. Ол эрээри, сир анныгар ханнык эрэ «монстр» уһуктара куһаҕан…
  • Кибер-түөкүннээһин олус элбэх, оҥоһуу өй (искусственный интеллект) киһини утары барар, ол иһин ону хааччахтыыр тэрили айыахтара, хонтуруоллуур министиэристибэлэри тэрийиэхтэрэ.
  • Мааска кэтэ сылдьан, «дойдуга сиэрдээх кырдьык» туһугар охсуһар дьон баар буолуохтара.
  • Бастакы андроиднай роботтар саҥа көлүөнэлэрэ айыллар. Ыччат киберпанковскай истиили ордорон, олоххо фантастика киинэлэригэр курдук футуристичнай истиили талара элбиир. Бу олорор олохпут үүт-тураан буолбатаҕын, сороҕор өстөөхтүү да сыһыаннааҕын билэн, «идеальнай» виртуальнай эйгэҕэ бараллара үксүүр.
  • Интэриниэппит сабыылаах (сувереннай) буолуоҕа, атын да дойдуларга оннук буолуоҕа».

(Ааптар хайдах суруйбутунан тылбаастанна).

+1
6
+1
2
+1
2
+1
3
+1
11
+1
8
+1
14
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: