Мари Сырдык Күүс: «Улуу уларыйыылар буолуохтара»

Мари Сырдык Күүс: «Улуу уларыйыылар буолуохтара»

23.01.2024, 19:30
Хаартыска: социальнай ситимтэн
Бөлөххө киир:

Тохсунньу 22 күнүгэр көрбүөччү Мари Сырдык Күүс саҥа билгэлээһинин таһаарда. Кини маны «билгэ хараҥа чааһа» диэн ааттаабыт. Маны дьон сэрэтии курдук ылыналларыгар баҕарбыт.

  • Суолларыгар тугу барытын алдьатар, күүстээх  алдьатыылаах тыаллары көрөбүн. Бэл, биһиги куораттарбытыгар смерч, торнадо курдук күүстээх тыаллар түһэллэрин көрөр дьикти баҕайы.
  • Күүтүллүбэтэх сиргэ кумах буурҕалар түһүөхтэрэ.
  • Сир хамсыыр, улахан хайдыы үөскүүр уонна кэҥээн иһэр, каньоҥҥа кубулуйуоҕа. Ол сир түгэҕиттэн дьикти гаастар уонна өссө туох эрэ дьиибэ (куһаҕан) тахсыаҕа.
  • Тыһыынчанан двигатель тыаһын курдук муора ньиргийэр, цунами чугаһаан иһэр (бэлиэлэри көрөбүн).
  • Кыылларга «зомби Апокалипсис» буолар, ол эбэтэр, сорох көрүҥнэр Сир үрдүттэн букатын сүтүөхтэрин сөп.
  • «Мутант-вирус» төрөөтө, коронавирус чугас аймаҕа.
  • Сир аайы байыаннай дьайыылар уонна сэбилэниилээх утарыта турсуулар. Элбэх киһи өлүүтүттэн аан дойду «дьигиһийиэҕэ».
  • Элбэх норуот долгуйуутун көрөбүн, улуу уларыйыылар буолуохтара.
  • Хара мааскалаах, хара былаахтаах, ханнык эрэ бастаанньыстар киин диэки хааман иһэллэрин көрөбүн.
  • Биир дьадаҥы судаарыстыбаҕа «оружие массового поражения» көстүөҕэ, күүһүнэн өттөйүү саҕаланыаҕа.
  • Биир арыы үрдүнэн атын планета хараабыла көтө сылдьар, кими да арыыга чугаһаппат, ханнык да сирдээҕи тиэхиньикэ чугаһыыр да кыаҕа суох.

Салгыыта өссө тахсыаҕа. Өссө элбэх интэриэһинэй көрүүлэнии баар буолуо…

(Хайдах суруллубутунан тылбаастанна).

+1
4
+1
8
+1
2
+1
1
+1
13
+1
4
+1
22
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: