Марианна Хаптагаева: «Владимир Путин эбии төлөбүр туһунан дьаһалын өйүүбүн!»

Марианна Хаптагаева: «Владимир Путин эбии төлөбүр туһунан дьаһалын өйүүбүн!»

16.02.2024, 15:40
Хаартыска Хаптагаева М.Н. архыыбыттан
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин кыра нэһилиэктэргэ, оройуон кииннэригэр, куораттарга үлэлиир миэдиктэр хамнастарыгар кулун тутар 1 күнүттэн эбии төлөбүрү төлүүр туһунан быһаарыытын Саха сирин дьоно-сэргэтэ, мэдиссиинэ үлэһиттэрэ биһирии иһиттилэр.

Дьокуускай куоракка баар 3-с №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи килиниичэскэй балыыһа ыстаарсай мэдиссиинискэй сиэстэрэтэ Марианна Хаптагаева санаатын үллэстэр:

— Дойдубут баһылыга Владимир Владимирович Путин доруобуйа харыстабылын инники күөҥҥэ тутан миэдиктэргэ эбии төлөбүрү оҥорорго быһаарбытын туһунан этиитин олус үөрэ иһиттим. Ордук тыа сиригэр уонна уһук хоту, суол-иис, сырыы мөлтөх сирдэригэр, мэдиссиинэ үлэһиттэригэр олус ыарахан. Онон, саатар итинник хамнаска эбии төлөбүр оҥоһуллан, толуйуллара ордук дии саныыбын. Кэнники сылларга мэдиссиинэҕэ болҕомто ууруллан, Саха сиригэр элбэх балыыһа, билсэр-акушер пууна, о.д.а. тутуллар, аныгы тэрилинэн хааччыллыы барар. Мэдиссиинэ технологията, тэрил дэлэйдэҕинэ, төһөлөөх элбэх киһиэхэ туһалаах, абыраллаах буолуо этэй! Онон дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин эбии төлөбүр туһунан дьаһалын өйүүбүн!

+1
10
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -30°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 69% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: