Салгыы
Марианна Заболоцкая: “Уйулҕа туругун бөҕөргөтүүгэ ис сүрэхпиттэн көмөлөһө сылдьабын”

Марианна Заболоцкая: “Уйулҕа туругун бөҕөргөтүүгэ ис сүрэхпиттэн көмөлөһө сылдьабын”

Ааптар:
04.06.2023, 14:50
Мария Васильева, СИА
Бөлөххө киир:

СӨ Дьиэ кэргэни уонна ыччаты социальнай психологическай өттүнэн өйүүр киинин Хаҥалас улууһунааҕы филиалын психолог педагога Марианна Заболоцкая психолог-педагог быһыытынан байыаннай дьайыыга барбыт дьонноох дьиэ кэргэттэргэ психолого-педагогическай көмөнү, өйөбүлү оҥорууга үлэлии сылдьар.

Кэргэнэ байыаннай дьайыыга барбыт буолан, бу үлэтэ кинилэргэ улахан наадалааҕын уонна көмөлөөҕүн тус бэйэтинэн билбитин, ол иһин буойуттар кэргэттэрин, дьоннорун уйулҕаларын туругун бөҕөргөтүүгэ ис сүрэҕиттэн көмөлөһөрүн туһунан кэпсиир.

— Биһиги, Заболоцкайдар дьиэ кэргэн, Хаҥалас улууһун Покровскай куоратыгар олоробут. Кэргэним бу сыл олунньутуттан байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар. Барарын саҕана манна «Саргы түһүлгэтэ” култуура киинигэр үлэлии турар гуманитарнай көмөнү тутар пуун байыаннай дьайыыга сылдьарыгар наадалааҕынан итиэннэ суунар тэрилинэн көмөлөспүттэрэ. Ону таһынан «Технопаарк” дьиэтигэр баар байыаннай сулууспалаахтарга көмөлөһөр добровольческай пууунтан тас таҥаһынан хааччыйбыттара. Бу добровольческай түмсүүлэргэ аҕабыт хомунан барарыгар улахан көмө буолбуттарыгар истиҥ махталбытын тиэрдэбит. Өрөспүүбүлүкэттэн 200 тыһыынча солкуобай уонна улуустан 2 оҕобор 10 тыһыынча солкуобай көмө харчы биэрбиттэрэ.

Өлүөхүмэ улууһун баһылыга Николай Николаевич Харбин өйөбүлүнэн бу күннэргэ баһыылка ыыттыбыт. Баһылыкпытыгар биһиги дьиэ кэргэн махталбыт улахан.

Бу баһыылканы ыытарбытыгар Айыл Дьулурҕа салайааччылаах СӨ волонтёрдарын үлэтин сүрүннүүр киин эмиэ көмө буолла. Оҕо көмүскэлин күнүгэр Покровскай куорат урбаанньыттара минньигэс кэһии аҕаланнар, оҕолорбутун үөрдүбүттэригэр махтанабыт. Оҕолорбун үөрэх управлениета лааҕырга суруттарбыта. Онон бу сайын лааҕырга барарга оҕолорбут үөрэ-көтө бэлэмнэнэ сылдьаллар. Биһиги бу сылдьан өрөспүүбүлүкэ да, улуус да өттүлэриттэн байыаннай сулууспаҕа сылдьар дьоммутугар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһүүгэ үлэ бөҕөтө ыытылларын биллибит. Баһаам үлэ бара, тэриллэ турар.

Бэйэм Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай кииҥҥэ психолог-педагогунан үлэлиибин. Онон байыаннай дьайыыга барбыт дьонноох дьиэ кэргэттэргэ психолого-педагогическай көмөнү, өйөбүлү оҥоро олоробут. Кэргэним байыаннай дьайыыга барбыт буолан, бу үлэбит кинилэргэ улахан наадалааҕын уонна көмөлөөҕүн тус бэйэбинэн билэбин. Ол иһин буойуттар кэргэттэрин, дьоннорун уйулҕаларын туругун бөҕөргөтүүгэ ис сүрэхпиттэн көмөлөһө сылдьабын. Хаҥалас улууһуттан уонна Сахабыт сириттэн байыаннай сулууспаҕа барбыт дьоннорбут чэгиэн туруктаах этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр бука бары баҕарабыт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
17 сентября
  • -1°C
  • Ощущается: -6°Влажность: 86% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: