Салгыы
Марина Герман  үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ индексация мэхэньииһимин быһаарда

Марина Герман  үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ индексация мэхэньииһимин быһаарда

24.12.2024, 17:15
Хаартыска: PxHere
Бөлөххө киир:

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Арассыыйа социальнай пуондатын отделениета үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн страховка биэнсийэтин кээмэйин индексациялааһыны сөргүтүөҕэ.

«Саҥа сылтан индексация  таһыма 7,3% буолара былааннанар. Күн бүгүҥҥэ диэри биэнсийэлээх киһи индексацияны үлэттэн уурайдаҕына эрэ ылар кыахтанара. Үрдэтии мэхэньииһимин уратытынан индексация төлөнөр биэнсийэҕэ буолбакка,  олохтоммут кээмэйгэ (үлэлиир кэминээҕи индексациялар учуоттаналлар)  туһаныллара буолар. Маннык көрүҥ биэнсийэлээхтэргэ индексация түмүгэр биллэр эбиллии оҥоһулларын туһугар туһаныллар”, — диэн Арассыыйа социальнай пуондатын отделениетын управляющайа Марина Герман ахсынньы 24 күнүгэр брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.

Хаартыска: SakhaGov

Кини индексация таһыма үлэлиир биэнсийэлээх билигин ылар сууматыттан буолбакка, үлэлээбэтэ эбитэ буоллар ылыахтаах сууматыттан ааҕылларын туһунан быһаарда.

+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
25 декабря
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 75% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: