Марий Эл Аан дойдутааҕы норуоттар оонньууларыгар мас тардыһыыта буолуоҕа

Share

Марий Эл Өрөспүүбүлүкэҕэ Йошкар-Ола куоракка Бойобуой ускуустуба көрүҥнэригэр Аан дойдутааҕы норуоттар оонньуулара ыытыллар.

Икки тыһыынчаттан тахса спортсмен кыттыылаах улахан күрэхтэһиилэргэ Сахабыт сиригэр үөскээбит сахалыы мас тардыһыытыгар киирсиэхтэрэ. Сахалыы мас тардыһыыта үгэскэ кубулуйбут успуорт көрүҥнэрин быһыытынан оонньуулар  көрүҥнэригэр киирдэ. Мас тардыһыыга күрэхтэһии от ыйын 27 күнүгэр буолуоҕа.

Мас-рестлинг күрэхтэһиитигэр сэттэ эрэгийиэн хамаандатыттан 40-ча спортсмен кыттыаҕа. Күрэхтэһиигэ Саха сирин спортсменнара барбатылар эрээри, атын эрэгийиэннэртэн мас-рестлердэр, ол иһигэр дойду чөмпүйэнээтин призердара кытталлара биллэр.

Санаттахха, Ил Дархан Айсен Николаев 2021 сыллаахха суруналыыстары кытары пресс-кэмпириэнсийэ кэмигэр аны 20 сылынан Сахабыт сиригэр үөскээбит мас тардыһыыта успуорт олимпийскай көрүҥэ буолуон сөп диэн эппитэ. Биллэн турар манна элбэх үлэ барыахтаах.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Социальнай төлөбүрдэр тохсунньуга хаһан түһүөхтэрэй?

Социальнай төлөбүрдэр тохсунньуга кыраапыгынан түһүөхтэрэ. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы социальнай управление иһитиннэрдэ.   70-80 саастарын туолбут…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Ахсынньы 31 күнүгэр «Хара Ый» үүнүөҕэ

Ахсынньы 31 күнүгэр - 2024 сыл бүтэһик күнүгэр саҥа Ый үүнэр. Бу күҥҥэ "Хара Ый"…

7 часов ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Мария Столярчик: “Дьиэ кэргэним – дьылҕам бэлэҕэ”

Аҕыйах хонугунан Дьиэ кэргэн сылын атаарыахпыт. Онон бу үтүө сылы түмүктээн, Саҥа дьыллааҕы хаһыаппытыгар элбэх…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокутаат Виктор Лебедев оҕолорго бэлэхтэри туттарда

Дьокутаат Виктор Лебедев уонна "Саханефтегазсбыт" аатыттан М.Е. Николаев аатынан Мэдиссиинэ киинин - 1-кы №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи…

8 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Намҥа сүппүт киһини көрдүүллэр

Бүгүн, ахсынньы 30 күнүгэр, Нам улууһун Түбэтигэр  1949 сыллаах төрүөх киһи сүппүт. Бу туһунан СӨ…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

1977 сыллаах моҕойдор: «Оҕо буолан ылар курдук дьол суох…»

Кэлээри турар сылга, Моҕой сылыгар төрөөбүт дьон 12 сыл  анараа өттүгэр Саҥа дылы хайдах көрсүбүттэрин,…

9 часов ago