Марина Бахилина Алдаҥҥа «Лена» упрдор үлэһиттэрин кытта көрүстэ

Share

РФ Бэрэсидьиэнин дуоһунаһыгар хандьыдаат Владимир Путин итэҕэллээх киһитэ Марина Бахилина Алдан оройуонугар «Лена» федеральнай упрдор үлэһиттэрин  кытта көрүстэ.

Марина Бахилина Буойуннар дьиэ кэргэттэрин Саха сиринээҕи кэмитиэтин эригийиэннээҕи ыстаабын  салайааччытын быһыытынан «Дьокуускай-Невер айан суолун урправлениета» ФГУ федеральнай казеннай тэрилтэтин кэлэктиибин үлэтин-хамнаһын кытта билистэ, санааларын иһиттэ, кэпсэттэ, үлэлэригэр бэриниилээх сыһыаннарыгар махтанна. Кини үлэлиир кэмитиэтин туһунан сиһилии сырдатта.

«Алдаҥҥа айаннаан кэлэн иһэн, суол хаачыстыбалаах оҥоһуутун бэлиэтии көрдүм. Кэлиҥҥи сылларга суол оҥоһуутун хаачыстыбата биллэ тубуста. Арассыыйа үрдүнэн сайдыы балысханын бэлиэтиир тоҕоостоох. Дойдубут ис күүһүн туһанара харахха быраҕыллар. Ол иһигэр ДНӨ уонна ЛНӨ инфраструктуратын уонна суолларын сайыннарыы күүстээхтик барар. Бу курдук ылсыбыт дьыалаҕыт ситиһиилээх буоллун!» —  диэн бэлиэтээтэ Марина Бахилина.

«Лена» федеральнай айан суолун управлениетын салайааччыта Алексей Бубнов иллээх кэлэктиибин туһунан кэпсээн туран, «Лена» федеральнай айан суолун  А-360  трассата уустук зонанан биллэрин,  Невер — Дьокуускай айан суола Амур уобалаһын икки оройуонун уонна Саха сирин түөрт улууһун хабарын,  онон суол оҥорооччулар ураты болҕомтолорун ууран туран үлэлииллэрин бэлиэтээтэ. Суолу тутааччылар туруоммут соругу чиэстээхтик толорорго дьулуһалларын эттэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

8 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

11 часов ago