Марина Бахилина энергетиктэргэ махтанна
РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Саха сиригэр итэҕэллээх киһитэ Марина Бахилина энергетиктэр кэлэктииптэрин кытары көрүстэ.
Марина Бахилина Алдан улууһугар «Дальневосточная распределительная сетевая компания» АУо салаатын энергетиктэрин кытары көрсүһүүтүгэр кэлэктиипкэ бэйэлэрин харыстаммат үлэлэрин иһин махтанна. Кини энергетика салаата дойду экэниэмикэтин төрүтүнэн буоларын, кинилэр үлэлэрэ экэниэмикэ сайдыытыгар ыйааһыннаах оруоллааҕын бэлиэтээтэ.
«Энергетика систиэмэтэ туруктаахтык уонна хаачыстыбалаахтык үлэлиирин хааччыйар эһиги үлэҕит хас биирдии киһи олоҕун-дьаһаҕын тупсаҕай оҥорор. Дьиссипилиинэ, тэрээһиннээх буолуу уонна үлэҕэ үрдүк таһым курдук хаачыстыбалар инникитин да Саха сиригэр энергетика инфраструктуратыгар куттал суох уонна эрэллээх буоларын хааччыйыыга уустуктары туоруургутугар көмөлөһүөхтэригэр эрэнэбин”, — диэтэ Марина Бахилина.
“Күһүҥҥү-кыһыҥҥы кэмнэри аһарарга наадалаах усулуобуйалар кэмигэр оҥоһуллубуттара, өрөмүөннээһин бырагыраамата толоруллан, тэриллэр бары бэлэмнэммиттэрэ, онтон исписэлиистэр хамаандалара саахал тахсар балаһыанньатыгар түргэнник уонна көдьүүстээхтик дьаһанарга бэлэмнээхтэр”, — диэн «Дальневосточная распределительная сетевая компания» АУо салаатын дириэктэрэ Александр Кулемин иһитиннэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: