Марина Бахилина: “Киһи оҕо сааһыттан тапталга улаатыахтаах”

Share

М.К.Аммосов аатынан ХИФУ-га “Аныгы уопсастыбаҕа патриотизмҥа иитии: сытыы кыһалҕалар” научнай-үөрэтэр сэминээр буолла. Онно дойдуга бэриниилээх буолууга иитии ситэтэ суоҕа этилиннэ. Кыттааччылар ССРС кэмигэр патриоттуу иитии үчүгэйдик олохтоммутун бэлиэтээтилэр.

“Оҕо эрдэхпитинэ битэмиин биэрэллэрэ уонна эһиги доруобуйаҕытыгар кыһанабыт дииллэрэ. Ону тэҥэ пионерскай хамсааһын тэриллэн, түмсүүлээх буолбуппут”, — диэтэ М.К.Аммосов аатынан ХИФУ историяҕа, обществознаниеҕа уонна политологияҕа кафедратын сэбиэдиссэйэ Ольга Парфенова.

Көрсүһүү модератора Сэбиэскэй Сойуус ыһыллыбытын кэннэ патриотизм тиэмэтэ иккис былааҥҥа көспүтүн аҕынна.

Сэминээр төрөппүт оҕотун кытта биир тылы буолуохтааҕар туһуланна.

Дьокуускайдааҕы опера уонна балет тыйаатырын дириэктэрэ Владислав Левочкин култуура уонна национальнай бырайыактар көмөлөрүнэн патриотизмҥа иитии аныгы көрүҥнэрин дьоһун суолтатын туһунан эттэ.  “Кэнники кэмҥэ хас биирдии туруоруубутугар патриотизм тиэмэтин таарыйабыт, онуоха төрөөбүт дойдуга таптал уонна гражданскай эппиэтинэс туһунан хас биирдии көрөөччүгэ тиэрдэбит. Ону тэҥэ нацбырайыактар төрөөбүт дойдуга тапталга иитэллэр. Мааны көстүүлээх дьиэлэри, аллеялары, сквердэри уонна аныгы уопсастыбаннай эйгэни тэрийэн, куораппытыгар тапталбыт күүһүрэр”.

Көрсүһүүгэ ДНР-га Саха сирин тирэх пуунун волонтера Марина Бахилина Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин эрэгийиэннээҕи салаатын үлэтин туһунан кэпсээтэ. Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр араас көмө оҥоһулларын эттэ. Кини үс уолун патритическай киинэлэри көрдөрөн төрөөбүт дойдуларын таптыырга ииппит.

“Мин оҕолорбор кыра эрдэхтэриттэн дойдуга оҥоһуллар киинэлэри көрдөрөр этим, ол түмүгэр уолум аҕыс саастааҕар ВДВ-га сулууспалыан баҕарбыта. Уонна мин кистэлэҥим – оҕолорбун ис сүрэхпиттэн таптааһын. Киһи оҕо эрдэҕитэн тапталы билиэхтээх”, — диэтэ Марина Бахилина.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

2 часа ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

3 часа ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

3 часа ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

4 часа ago