Марина Бахилина: «Курскай уобалас олохтоохторун өйүөхпүт”
— Биһиги ВСУ Курскай уобаласка тоҕо анньыбытын билэн баран, олус долгуйдубут, ордук дьиэлэриттэн барарга күһэллибит оҕолору, кырдьаҕастары аһынныбыт, — диэтэ СӨ Дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Марина Бахилина.
— Ол иһин, биһиги тута гуманитарнай көмөнү: суорҕаннары, сыттыктары, утуйар таҥастары, успуорт көстүүмнэрин – ким тугу кыайарынан хомуйан барбыппыт. Халааҥҥа барбыт Оренбург уобалаһын олохтоохторугар көмөлөспүппүт курдук көмөлөһүөхпүт. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр мин тугу сөбүлүүбүнүй? Биһиэхэ, хотугу дойдуга дьон кытаанах, тыйыс буолуохтарын сөбө, ол гынан биһиги норуоппут үтүө санаалаах, аһаҕас. Баһаар буоллун, халаан буоллун – мэлдьи көмөлөһөллөр.
Гуманитарнай көмөнү маннык аадырыстарга ылаллар: Дьокуускай куорат, Курашов уулуссатын 24, Аммосов уулуссатын 18 дьиэлэрэ, Чайковскай уулуссатын 2/2 дьиэтэ.
Кэлиҥ, алдьархайга өйүөҕүҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: