Марина Бахилина: «Кыайыыны тыылга уһансаҕыт»
Бэрэсидьиэн Саха сиригэр итэҕэллээҕэ Марина Бахилина «Теплоэнергия» тэрилтэ уонна «Дальний Восток» ФКУ филиалын кэлэктииптэрин кытта көрүстэ. Кини үлэһиттэри өрөспүүбүлүкэ, дойду сайдыытыгар бэриниилээх үлэлэрин иһин махтанна уонна Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэт эрэгиийиэннэээҕи салаатын үлэтин туһунан кэпсээтэ. Саала иһэ толору, киһи элбэх этэ.
— Эһиги күнүстэри-түүннэри тохтоло суох үлэҕит түмүгэр, биһиги дьиэлэрбитигэр куруук итии уу, сылаас баар. Бу — олох төрдө. Ону тэҥэ, федеральнай суоллары тутааччылары эмиэ бэлиэтиэм этэ. Бу курдук бэриниилээх, оҥорон таһаарар үлэһиттэр баар буолан, дойдубут бөҕөргүүр, тыылга Кыайыы уһансыллар, — диэн кини эттэ.
Санатар буоллахха, Киин быыбардыыр хамыыһыйа Владимир Путин дэбиэрэннэй дьоннорун — 544 киһилээх испииһэги бигэргэппитэ. Бу испииһэккэ култуура, ускуустуба, спорт, биисинэс, мэдиссиинэ эйгэтин биллэр-көстөр бэрэстэбиитэллэрэ киирбиттэрэ. Холобур: артыыстар Сергей Безруков, Владимир Машков, режиссер Никита Михалков, дирижер Юрий Башмет, тириэньэр Ирина Винер, уо.д.а.
Маны тэҥэ, эрэгийиэннэргэ эмиэ дэбиэрэннэй дьон талыллыбыттара. Кинилэр билигин үгүс үлэһит дьону кытта көрсөллөр, кэпсэтэллэр. Саха сиригэр Марина Бахилина, Алексей Егоров талыллыбыттара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: