Салгыы
Марина Бахилина: “Таптал уонна бигэ эрэллээх буолуу дьиэ кэргэҥҥэ түстэнэр”

Марина Бахилина: “Таптал уонна бигэ эрэллээх буолуу дьиэ кэргэҥҥэ түстэнэр”

20.02.2024, 17:30
Бөлөххө киир:

Олунньу 19 күнүгэр Аҕа дойдуну көмүскээччи күнүн көрсө, Дьокуускайдааҕы уу тырааныспарын институтугар “Патриотизм диэн тугуй?” тиэмэҕэ санаа атастаһыыта буолла.

Устудьуоннары кытта Саха сириттэн Владимир Путин итэҕэллээх киһитэ, Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин эрэгийиэннээҕи салаатын салайааччыта Марина Бахилина, ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай килиниичэскэй балыыһа кылаабынай бырааһа Иван Луцкан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Подголов, Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин эрэгийиэннээҕи салаатын салайааччытын солбуйааччы Альбина Винокурова кытыннылар.

Көрсүһүүгэ патриотизм туһунан кэпсэттилэр, бу эрэллээх буолууну, төрөөбүт дойдуга тапталы уонна көмөҕө кэлиини кэрэһилиирин эттилэр.

Марина Бахилина устудьуоннарга байыаннай дьайыы зонатыгар хайдах сылдьыбытын, Аҕа дойдуларыгар бэриниилээх буолууга холобурунан буолар төрөппүт уолаттарын туһунан кэпсээтэ.

Таптал уонна бигэ эрэллээх буолуу дьиэ кэргэҥҥэ түстэнэр диэн бигэтик итэҕэйдим. Төрөппүт сүрүн соруга – дьоҥҥо-сэргэҕэ хайдах ытыктабыллаахтык сыһыаннаһарга оҕолорун  үөрэтии”, — диэн санаатын үллэһиннэ Бахилина.

Тэрээһин түмүгэр Альбина Винокурова Буойуннар дьиэ кэргэттэрин аатыттан устудьуоннарга “Азбука о важном” өйдөбүнньүк кинигэни туттарда. Бу кинигэ Аҕа дойду  уонна төрүт сыаннастар тустарынан кэпсииргэ көмөлөһөр тыллартан уонна терминнэртэн турар. “Азбука о важном” бырайыак 2023 сыл муус устар ыйга саҕаламмыта. Бу бүтүн Арассыыйатааҕы бырайыагы Арассыыйа Федерациятын бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев көҕүлээбитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: