Марина Герман: 2024 сылга Саха сиригэр 39,6 тыһ. тахса оҕоҕо биир кэлим босуобуйа ананна

Share

2024 сыл саҕаланыаҕыттан Арассыыйа социальнай пуондатын Саха сиринээҕи отделениета 39 651 оҕоҕо уонна 754 оҕо күүтэр ийэлэргэ биир кэлим босуобуйаны  анаата. Бу туһунан бүгүн, кулун тутар 12 күнүгэр, Арассыыйа социальнай пуондатын Саха сиринээҕи салаатын управляющайа Марина Герман иһитиннэрдэ.

«2024 сыл олунньу 5 күнүттэн  биир кэлим босуобуйалар төлөбүрдэрин сорох чааһын чуолкайдыыр үлэтэ ыытыллар. Билигин дохуоттара суох буолууну туоһулуурга, сайабылыанньа биэрээччи эбэтэр кини дьиэ кэргэнин чилиэттэрэ 23 саастарыгар диэри күнүскү өттүгэр үөрэнэллэрэ учуоттанар. Урут саастарын туһунан чуолкайдааһын суох этэ. Бэйэ дьарыктанааччыларга (самозанятый) босуобуйаны аныырга гражданин киллэриммит дохуота ааҕыллар. Быйыл үлэ төлөбүрүн алын кээмэйэ 19 242 солк. тэҥнэһэр. Саҥа быраабыланан  бэйэ дьарыктанааччылар 2 бүтэһик ыйга үлэ төлөбүрүн кээмэйэ хамнас алын кээмэйиттэн тахсыа суохтаах, ол эбэтэр 38 484 солк. кээмэйдээх буолуохтаах. Бу иннинэ ааҕыллар кэмҥэ дохуоту ылыы толору бириэмэтэ эмиэ учуоттанара», – диэтэ Марина Герман.

Отделение управляющайа баҕа өттүнэн сулууспалааччылар дохуоттарын учуоттааһына  эмиэ  биир бэрээдэгинэн байыаннай сулуспалааччыларга курдук үлэлииллэр диэн эбэн эттэ.

«Дьиэ кэргэҥҥэ биир кэлим босуобуйа аныырга баҕа өттүнэн сулууспалааччыларга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр ананар биир кэмнээх, олохторун-дьаһахтарын, доруобуйаларын тупсарынарга бэриллэр компенсационнай төлөбүрдэр учуоттамматтар. Сайабылыанньа биэрээччи өлбүтүн кэннэ эбэтэр төрөппүт быраабыттан уһуллар түгэнигэр бу төлөбүр атын сокуоннай бэрэстэбиитэлигэр ананар. Ону кытта бу быраабыла  оҕону иитэ ылбыттарга  эмиэ тарҕанар», — диэтэ Марина Герман. Оттон босуобуйаны ылааччы дойду атын субъегар көстөҕүнэ, төлөбүрдэр олорор сиринэн кэлэр ыйтан төлөнөллөр.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга:  ахсынньы 14 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий?  Ленскэй, Халыма-Индигиир улуустарыгар, күнүс Дьааҥыга…

30 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

12 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

13 часов ago