Марина Герман: Саха сиригэр биир кэлим босуобуйаҕа 1,2 млрд солк. ыытылынна

Share

Биир кэлим босуобуйа сокуона күүһүгэр киириэҕиттэн, кулун тутар 10 күнүнээҕи дааннайынан, Саха сиригэр судаарыстыбаннай өйөбүл саҥа дьаһалынан 42 809 оҕоҕо, 1982 хат дьахтарга босуобуйа ананна.

РФ Социальнай пуондатын салаатынан 1 млрд 201 мөл. солкуобай биир кэлим босуобуйаны ылааччы дьиэ кэргэҥҥэ ыытылынна. Ол туһунан бүгүн брифиҥҥэ РФ Социальнай пуондатын Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Марина Герман иһитиннэрдэ.
Марина Герман биир кэлим босуобуйаҕа бэриллэр сайабылыанньаны толоруу сүрүн быраабылатын санатта.
«Биир кэлим босуобуйаҕа сайабылыанньа биэриэххит иннинэ дьиэ кэргэн ханнык дохуоттара ааҕылларын чуолкайдыаххытын наада. Холобур, хамнас, бириэмийэ, өҥөнү оҥоруу иһин төлөбүр, биэнсийэ, босуобуйа, кэмпэнсээссийэ, истипиэндьийэ, алимент, уурунуу харчытыттан бырыһыан буолуон сөп», – диэн кини эттэ.
Дьиэ кэргэн дохуотун ааҕыыга ааспыт сылларга оҕоҕо төлөммүт төлөбүрдэр ааҕыллыбаттар: холобур, биир кэлим босуобуйа, оҕо төрөөтөҕүнэ эбэтэр иитиигэ ылыллыбыт буоллаҕына, бастакы итиэннэ иккис оҕоҕо ылар ыйдааҕы төлөбүр, 3-8 диэри саастаах оҕолорго ыйдааҕы төлөбүрдэр, о.д.а.

Марина Герман эппитинэн, босуобуйаны ааҕарга 12 ыйдааҕы дохуот учуоттанар.
«Холобур, 2023 сыл кулун тутар ыйыгар сайабылыанньа биэрэр буоллаххына, дохуотуҥ 2022 с. олунньу ыйыттан 2023 тохсунньутугар диэри ааҕыллар. Дьиэ кэргэн маннык босуобуйаны ылыан сөбүн быһаарарга дьиэ кэргэн чилиэннэрин барыларын биир сыллаах дохуотун уон иккигэ түҥэтэҕин, дьиэ кэргэн чилиэннэрин ахсааныгар үллэрэҕин. Босуобуйа ананар, өскөтүн дьиэ кэргэн дохуота биир киһиэхэ тиксэрэ, өрөспүүбүлүкэҕэ олохтоммут нэһилиэнньэ дууһатыгар тиксэр тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра буоллаҕына», – диэн быһаарда Марина Герман.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мировой сууттар үлэлэригэр уларыйыылар киириэхтэрэ

Арассыыйа Юстицияҕа министиэристибэтэ суут үлэтигэр сыһыаннаах саҥа бырайыагы бэлэмнээтэ диэн Ил Түмэн иһитиннэрэр. Мировой суукка…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улуус хамыыһыйата социальнай эбийиэккэ тутуу үлэтин хаамыытын дьүүллэстэ

Быйыл күһүн Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Маттаҕа аҕам саастаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дьиэлэрэ үлэҕэ киириэхтээх.…

3 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үрдүкү кылаас үөрэнээччитэ сэттискэ үөрэнэр оҕоттон харчы кыһайан ылбыт

ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дознавателэ куорат биир оскуолатыгар тахсыбыт быһылаанынан РФ Холуобунай Кодексын 163-с…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Водоканал Мархаҕа уу турбатын ситимин тутуу бырайыагын олоххо киллэрэн саҕалыаҕа

Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Билгэлэр: итэҕэй-итэҕэйимэ

Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

АЛРОСА төрүт норуоттар нэһилиэстибэлэрин харыстааһыҥҥа көмөлөһөр

АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын  кытары хардарыта бииргэ…

4 часа ago