Марина Герман: «Сыл саҕаланыаҕыттан Саха сиригэр биир кэлим босуобуйа 36 тыһ. оҕо төрөппүтүгэр ананна»

Марина Герман: «Сыл саҕаланыаҕыттан Саха сиригэр биир кэлим босуобуйа 36 тыһ. оҕо төрөппүтүгэр ананна»

27.02.2024, 16:04
Бөлөххө киир:
2024 cыл саҕаланыаҕыттан РФ Социальнай пуондатын Саха сиринээҕи салаата 17 сааһыгар диэри саастаах  36 670 оҕоҕо уонна  658 оҕо күүтэр ийэҕэ биир кэлим бэриллэр босуобуйа олохтоммут.
Анаммыт төлөбүрдэр уопсай сууммалара  1 млрд 091 мөл  817 тыһ.солк. тэҥнэспит. Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаатын управляющайа Марина Германбу туһунан олунньу 27 күнүгэр  брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.

«Биир кэлим босуобуйаҕа тиксиэн сөптөөх дьон, 17-гэр диэри саастаах оҕолордоох эбэтэр оҕо күүтэр буолуохтарын сөп. Көмөҕө наадыйар киһи ыларын туһугар босуобуйаны олохтуурга кини дохуотун, баайын-дуолун көрөллөр. Ону сэргэ үлэтэ-хамнаһа эмиэ учуоттанар. Маннык босуобуйа 12 ый устата бэриллэр. Ити кэнниттэн сайабылыанньаны пуондаҕа иккистээн бириэххэ наада», – диэн иһитиннэрдэ.

Марина Герман бэлиэтииринэн,  2024  сылга тиийинэн олоруу кээмэйэ үрдээбитэ. Саха сиригэр 25 396 тыһыынчаттан 27 301 солк. диэри бастакы зуонаҕа үрдээбитэ (хотугу) уонна  21 272 — 22 867 солк. диэри иккис зуонаҕа үрдээбитэ.

Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3389146  киирэн ааҕыҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
5 декабря
  • -28°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: