Дьон-сэргэ былыр да, быйыл да норуот эмчиттэрин туһунан сэргии-сэҥээрэ истэр, кинилэргэ итэҕэйэн эмтэнэр. Норуот эмчиттэрэ айылҕаттан бэриллибит дьоҕурдарынан бары тус-туспа эмтиир ньымалаах, суоллаах-иистээх буолаллар. Ол кэмтэн баччаҕа диэри саха эмчиттэрэ үөһэттэн ыйыллыбыт аналларынан дьону эмтии-томтуу сылдьаллар.
Мин бүгүн кэпсэтэр киһим, сүллэрдээн эмтиир саха эмчитэ – Таатта улууһун Уус Тааттатыттан төрүттээх Марина Петровна Попова-Уйгу. Кини эмчит эрэ бары сатаабат, сүллэрдээһин, ол эбэтэр ыарыыны курдары ылыы ньыматын туһанан эмтиир. Маннык ньыманан урукку дьыллар улаҕаларыгар аатырбыт Анна Дмитриевна Иванова-Алыһардаах удаҕан уонна Конон Петрович Семенов-Куонаан ойуун эмтииллэрэ диэн суруйаллар.
– Марина Петровна, билсиһэргэ, бастатан туран, хантан хааннааххын, кимтэн кииннээххин диэччилэр…
– Мин Таатта улууһун Уус Таатта нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Эдэр сылдьан оҕо уһуйааныгар үлэлээбитим, ол гынан баран оччолорго, бириэмэ да атын, олох да атын этэ. Ол да буоллар, Зоя Дуранова Тааттаҕа олоро сылдьыбыт кэмигэр билсэн, алтыһан сахалыы эмтээһини интэриэһиргээбитим. Арааһа, ол кэмтэн ыла уһуйуллан, сахалыы эмтээһин эйгэтигэр киирэн барбытым быһыылаах. Ол кэмтэн ыла син элбэх сыл ааста.
Ийэм өттүнэн Тыал Ойуун диэн кырдьаҕас баара диэн үһүйээн курдук кэпсииллэрин истэр этим. Бу кырдьаҕас өлөрүн саҕана, абым-хомуһунум хаһыс эрэ көлүөнэҕэ кыыс оҕоҕо киириэҕэ диэбит үһү диэн эмиэ баар.
Билигин В.А. Кондаков аатынан норуот эмчиттэрин ассоциациятын чилиэнэбин уонна Дьокуускай куоракка баар «Арчы» дьиэтин иһинэн РФ норуот эмчиттэрин конфедерациятын «Сандаар» норуот эмчиттэрин уопсастыбаннай түмсүүтүн чилиэнэбин. Сүллэрдээһин ньыматынан, куба, туруйа, о.д.а. сотолорун туһанан эмтиибин. Киһи барыта уон икки араҥалаах, ону аһан киирэммин ыарыы уйатын буламмын, курдаттыы оборон ылабын. Ыарыы араас дьүһүннээх буолар, хоп-хойуу чэлкэх, сүлүһүн тахсар. Хас биирдии ыарыы уйалаах буолар дии саныыбын. Харахпынан көрөн, илиибинэн имэрийэн ыарыы диагноһын туруорабын.
– Эн хаһааҥҥыттан маннык дьоҕуруҥ биллэн, дьону эмтиир буолбуккунуй? Хас биирдии саха эмчитэ эттэтиини ааһар дииллэр, эн эмиэ аастаҕыҥ?
– 2009 сыллаахха эмискэ ыалдьан биэс сыл курдук ороҥҥо-тэллэххэ сыппытым. Бу сыттахпына, түүн аайы түүлбэр хап-хара өҥнөөх, кып-кыһыл харахтаах ыт ытыраары күөйэ сылдьыбыта. Ытым бэһис сылбар хаҥас илиибин хаппыта, онтон ыла хайдах эрэ буоллум диэн санаа киирбитэ. Оччолорго эмчит буолуом эрэ диэбэт этим. Бу сыллар тухары Дьокуускай куоракка көрдөрүнэ элбэхтик тиэстибитим, ол гынан баран, туох даҕаны улахан ыарыыҥ суох диэн төттөрү ыытан иһэллэрэ. Ол иһин сахалыы эмтэнэр эбиппин диэн, Дьокуускай куоракка биир эмчиккэ тиийбитим. Ону киһим эн боростуой киһи буолбатаххын, В.А. Кондаков аатынан норуот эмчиттэрин ассоциацията баар, онно бар диэбитэ. Дьэ, онно тиийбиппэр, күһүн кэлээр диэн төттөрү ыыппыттара.
Күһүн тиийэн кэлбитим, онон улуу киһи төрүттээбит үөрэҕэр үөрэммитим. Манна Дария Аммосова, аан дойдутааҕы таһымнаах магистр эмчит баара, тута Нам улууһугар үлэлии бардыбыт диэн илдьэ барбыта. 2010 сылтан Дария Дмитриевна куба сотолорун алҕаан, үлэлииргэр туһан диэн бэлэхтээбитэ, онтон ыла Намынан, Дьокуускайынан сылдьан эмтээн саҕалаабытым. Үлэлээн киирэн барбыппар, ыарыым ааһан хаалбыта. Эмтиэхтээх киһини бэйэтин ыарытыннаран, этинэн-хаанынан аһардан бэлэмнииллэр эбит.
– Өбүгэлэргэр ураты дьоҕурдаах, эн курдук эмтиир дьон баар дуо?
– Ийэм өттүнэн Тыал Ойуун диэн кырдьаҕас баара диэн үһүйээн курдук кэпсииллэрин истэр этим. Бу кырдьаҕас өлөрүн саҕана, абым-хомуһунум хаһыс эрэ көлүөнэҕэ кыыс оҕоҕо киириэҕэ диэбит үһү диэн эмиэ баар. Олох кыра оҕо эрдэхпиттэн дьиэм тэлгэһэтигэр саха балаҕанын курдук кыракый дьиэ баара. Ол дьиэ иһигэр ойуун таҥаһа, дүҥүрэ көхөҕө ыйанан турар буолара. Ону мин, 4-5 саастаах оҕо, арахсыбакка олус интэриэһиргээн чопчу көрөн турарым. Биирдэ ким таҥаһа буоларын ыйыппыппар, «тоҥус ойуунун таҥаһа» диэбиттэрэ, ол өйбөр хатанан хаалбыт. Оҕо-оҕо курдук улаатан, аралдьыйан сылдьан баран, биирдэ өйдөөн көрбүтүм, ол таҥаһым суох буолан хаалбыт этэ. Ол кэмнэргэ токкоолоһо барбатахпын.
Билигин кэннибин хайыһан көрөн, дьону эмтиир суолга киллэрбит Зоя Дурановаҕа, сүллэрдиир дьоҕурбун сайыннарарбар сыратын уурбут Дария Аммосоваҕа уонна билигин өйөбүл-тирэх буолар «Сандаар» норуот эмчиттэрин уопсастыбатын бэрэссэдээтэлэ Юлия Николаеваҕа махтанабын.
– Сүллэрдээһин курдук ураты ньыманы туттар эбиккин дии?
– Сүллэрдээһини эпэрээссийэни кытары тэҥниибин. Холобур, киһи уон икки араҥалаах буолар, ону аһан киирэн, киһи иһиттэн, этиттэн ыарыыны оборон ылаҕын. Биир кэмҥэ хирурдар норуот эмчиттэрин уонна мэдиссиинэнэн эмтиир ньымалары үөрэтэн-чинчийэн көрүөххэ диэн кэлэ сылдьыбыттара, ону ассоциациям көҥүллээбэтэҕэ. Сүллэрдээһиҥҥэ араас муоһунан, чуолаан, туруйа, куба сототун уҥуоҕунан оборобун. Киһи ыарыытыттан көрөн тус-туспа уҥуохтарынан оборобун. Эрдэ тутта сылдьыбыт сотом уҥуохтара кэлин аанньа үлэлээбэт буоллулар. Ардыгар оннук баар буолар. Эмтиэм иннинэ уонна эмтээн бүтэн баран хайаан даҕаны этиҥ түспүт маһынан, уотунан ыраастыыбын. Миэхэ үксүн кисталарын, грыжаларын, миомаларын, гаймориттарын эмтэтэ кэлэллэр. Сүрүннээн ис уорган искэнин, ыарыыларын курдат оборон ылабын. Ыарыы уйатын булан, төрдүттэн обордохпуна, араас өҥнөөх чэлкэх, сүлүһүн тахсар. Оттон арыгылыыр дьону көхсүлэрин хараҕынан киирэн оборобун, оччоҕо араас кээмэйдээх үөннэр тахсаллар.
– Эмчит киһи быһыытынан көрдөххүнэ, урукку уонна билиҥҥи кэмҥэ дьон ыалдьара хайдаҕый?
– Кэнники сылларга кэтээн көрдөхпүнэ, киһи доруобуйата наһаа мөлтөөтө. Мин санаабар, былыр диэххэ дуу, ынах үүтүнэн улааппыт оҕолор, дьон хата кимнээҕэр чэгиэн сылдьаллар. Оттон билигин бороһуок үүтү иһии, атын даҕаны солбук астары аһааһын үгүс киһи доруобуйатын кэбирэттэ. Олох кыра оҕолор куртахтара, үөстэрэ, ноордоро, ис уорганнара ыалдьар буолла. Аны итиннэ кэнники хамсык дьаҥа охсон эт-хаан өттүнэн мөлтөөһүн элбээтэ дии саныыбын. Дьону эмтээн Саха сирин элбэх улууһугар сырыттым, онно бэлиэтии көрдөхпүнэ, Бүлүү бөлөх улуустарыгар атахтара, сүһүөхтэрэ ыалдьар киһи элбэх эбит. Уопсайынан, кэнники 40-н ааспыт дьон сүһүөхтэрэ ыалдьан эмтэтэ кэлэрин бэлиэтиэхпин сөп. Билиҥҥи кэмҥэ аспыт мөлтөөһүнэ, тулалыыр айылҕабыт сатарыйыыта даҕаны сабыдыаллыыр буолуон сөп дии саныыбын.
– Марина Петровна, дьон-сэргэ махталын ыла тур, кэпсээниҥ иһин махтанабын!
Хаартыскалар М.П.Попова архыыбыттан уонна ааптар түһэриитэ.
Дьокуускай куорат киинигэр, Чернышевскай уулуссатыгар 12 этээстээх аныгы гостиница тутуллуоҕа. Бу туһунан Ил Дархан "РИК"…
Ааспыт үйэ 60 сылларыгар, оскуола диэни өссө да билэ илик кыра оҕо, эбээ тапталлаах сиэнэ…
Зонтик туһунан кыһынын умнабыт. Оттон сайын ардахтар саҕаланнылар да, зонтикпыт үрдүгэр түһэбит. Билигин зонтик арааһа…
РФ бырабыыталыстыбата 2025-2027 сылларга босхо мэдисиинискэй көмө саҥардыллыбыт бырагырааматын бигэргэттэ. Бу туһунан миниистирдэр кэбиниэттэрин тг-ханаалыгар…
Амма улууһугар 2013 сылтан дьоҥҥо киэҥник биһирэммит сыыры оҥороллор. Билигин ити сыыр өрөспүүбүлүкэ маҕаһыыннарыгар эрэ…
Чокуур Гаврильев токкоолуурунан, бу Арктикаҕа сытар муус арыыны АХШ холбооботор да, анныгар уктар чинчилээх.