Марина Редько: «Үҥкүрдэр – көмөҕө көхтөөхтөр»
Өлүөхүмэ оройуонун Малдьаҕар (Үҥкүр) нэһилиэгин баһылыга Марина Анатольевна Редько нэһилиэк дьоно, бары тэрилтэлэрэ, урбаанньыттар байыаннай сулууспалаахтарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһүүгэ көхтөөхтүк кытта олороллорун туһунан санаатын үллэһиннэ.
— Байыаннай эпэрээссийэҕэ Малдьаҕар нэһилиэгиттэн уон уолбут байыаннай сулууспаҕа ыҥырыллан барбыттара. Олохтоох дьаһалта, тэрилтэлэрбит, дьоммут-сэргэбит кинилэргэ уонна дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһө олоробут. Балаҕан ыйыгар, алтынньыга харчы хомуйбуппут. Салгыы аһымал тэрээһиннэри ыыппыппыт. Ол курдук Ийэ күнүгэр, Норуот сомоҕолоһуутун күнүгэр ыытыллыбыт тэрээһиннэрбит буойуттарбыт дьиэ кэргэттэригэр иһэр уу мууһун ылыынан түмүктэммиттэрэ. Буойуттарбыт дьонноругар барыта 12 массыына муус тиэйиллибитэ. Маны сэргэ Пермин В.Г. элбэх оҕолоох ыалга биир массыына уокка оттор маһынан көмөлөспүтэ. Бу курдук үлэлэргэ ис сүрэхтэриттэн кыттыбыт «Поиск» СХНПК, Пермин В.Г., Евстифеев Л.В., Прибылых А.И., Архангельскай В.В., Габышев А.Г., Габышев Г.А., Габышев А.Г., Габышев И.Г., Шараборин В.И., Бояркин А.А., Копылов В.В., Егоров С.С., Смогайлов С.В., Иванов А.С., Кузьмин И.И., Кузьмин М.И., Евстифеев С.И., Зедгенизов П.И., Холуров А.Е. дьиэ кэргэттэр махталлара улахан.
Сэтинньи бүтүүтэ Үҥкүр оскуолатын кэлэктиибин, үөрэнээччилэрин, төрөппүттэрин күүстэринэн патриотическай хайысхалаах аһымал кэнсиэр уонна дьаарбаҥка М.Ф.Габышев аатынан Култуура киинигэр ыытыллыбыта. Кэнсиэр ис хоһооно олус күүстээх патриотическай суолталаах буолан, дойдубутугар туох-ханнык куттал суоһаан турарын итиэннэ ону биир сомоҕо түмсүүлээх үлэнэн туоратар биир тутаах суол баарын манна сылдьыбыт уонна кыттыбыт хас биирдии олохтоох оҕотуттан улаханыгар тиийэ үчүгэйдик өйдөөбүтэ. Үүнэр көлүөнэ ыччаттарбыт байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын өйүүр өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһыны иилэ хабан ылыыта – чахчы да киһи киэн туттар быһыыта. Бу күн «Колосок» оҕо уһуйаанын кэлэктиибэ, төрөппүттэрэ дьаарбаҥка ыытыһан, бэйэтин сэмэй кылаатын киллэрсибитэ. Мантан киирбит бары үп байыаннай сулууспалаахтары өйүүр пуондаҕа ыытыллыбыта.
Украинаҕа байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар уолаттар төрөппүттэрин, кэргэттэрин Ийэ күнүнэн, Аан дойду дьахталларын күнүнэн эҕэрдэлээһин, сэмэй бэлэх туттарыыта нэһилиэк тэрилтэлэрин күүһүнэн ыытыллыбыта. «Үтүө санаа харыйата» аахсыйанан буойуттарбыт оҕолоругар, элбэх оҕолоох, аҥардас ийэлэр дьиэ кэргэттэрин оҕолоругар барыта 42 Саҥа дьыллааҕы бэлэх оҥорон кыттыбыт нэһилиэк тэрилтэлэрин салайааччыларыгар, урбаанньыттарбытыгар махтал улахан. Быйыл олунньуга «Өлүөхүмэ саллаатыгар баһыылка» аахсыйаҕа нэһилиэк олохтоохторо буойуттарга наадалаах таҥас-сап, мал-сал, эм-том хомуйан ыытыыга көхтөөхтүк кыттыбыттара. «Калина» маҕаһыын кэлэктиибэ көҕүлээн байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар саллааттар дьиэ кэргэттэригэр барыларыгар Кыайыы күнүнэн ас бородууктатын набуорун бэлэх оҥорбута. Дьаһалта, култуура киинин үлэһиттэрэ, уопсастыбаннас бэрэстэбиитэллэрэ буойуттар дьиэ кэргэттэригэр сылдьан баһылык эҕэрдэтин, «Калина» маҕаһыын, Өлүөхүмэтээҕи волонтер киинэ бэлэмнээбит бэлэхтэрин туттартаабыттара.
Учуутал Аксеновских Е.А. салалтатынан 9-10 кылаас үөрэнээччилэрэ Несмелов А.И. уонна Старостин Г.П. дьиэ кэргэттэригэр хаар түһэриитигэр, таһыытыгар көмөлөспүттэрэ. Муус устарга Е. Несмелов, Старостина Г. уоппускаларыгар төрөөбүт дойдуларыгар утуу-субуу кэлэн барбыттара. Кинилэри Өлүөхүмэ аэропордугар улуус уонна нэһилиэк дьаһалталарын салайааччылара, бииргэ үлэлээбит табаарыстара, чугас дьоно, доҕотторо киирэн көрсүбүттэрэ.
Нэһилиэк дьоно уолаттар чиэстээхтик сулууспалаан, этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэрин күүтэллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: