Марина Бахилина байыаннай дьайыы сириттэн-уотуттан дойдутугар кэллэ
Хорсун Марина Бахилинаны Саха сирин үгүс олохтооҕо үчүгэйдик билэр. Бүгүн кини ДНӨ-ҕө баар волонтердар тирэх пууннарыттан Дьокуускай куоракка уоппускатыгар сынньана диэн кэллэ.
«Мин Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтигэр 6 ый кэриҥэ волонтерунан үлэлээтим. Эбээһинэһим диэн — тирэх пуун байыастарыгар уонна байыаннай сулууспалаахтарыгар күҥҥэ үстэ астарын бэлэмниибин. Ону тэҥэ, гуманитарнай көмөнү илдьиигэ көмөлөһөбүн. Биһигини Ил Дархан Айсен Николаев бары өттүнэн өйөөбүтүгэр бэйэм ааппыттан ис сүрэхпиттэн махтанабын. Дойдубар кэлбиппиттэн олус үөрдүм», – диэн Марина Бахилина санаатын үллэһиннэ. Кини этэринэн, инники кирбиигэ сылдьар байыастар гуманитарнай көмөҕө олус наадыйаллар уонна дойдуларыттан көмө кэллэҕинэ, олус үөрэллэр эбит. Марина Бахилинаны авиапорка «Берегиня» киинтэн бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрэ көрүстүлэр.
Салгыы бу сигэнэн киирэн билсэргитигэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: