Мария Андреева хоһооннорун хомуурунньуга сүрэхтэннэ
Сандал сааспыт салаллан, киһи эрэ санаата көтөҕүллэр үтүө күннэрэ үүннүлэр. Маннык кэрэ кэмҥэ, кулун тутар 11 күнүгэр, эдэр ааптар Мария Андреева «Тыллыы» хоһооннорун хомуурунньугун сүрэхтэниитэ П.А. Ойуунускай аатынан Литература түмэлигэр буолан ааста.
Мария Андреева Горнай улууһун Одуну нэһилиэгиттэн төрүттээх, Л.Н. Харитонов аатынан Маҕарас орто оскуолатыгар педагог-библиотекарынан үлэлиир. Хоһоонноро хаһыаттарга, сурунаалларга үгүстүк бэчээттэммиттэрэ. 2017 с. Горнай улууһугар буолбут «Бор көмүс күһүнэ» уус-уран литературнай бэстибээлгэ хоһоон күрэҕэр 1-кы миэстэни ылбыта. 2018 с. Эдэр суруйааччылар XXI өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньахтарын поэзия сиэксийэтин кыайыылааҕа. Суоттутааҕы айар үөрүйэх сэминээрин кыттыылааҕа. Өрөспүүбүлүкэтээҕи айар куонкурустар кыайыылаахтара. Горнай улууһун «Дьүрүскэн» эдэр суруйааччыларын уонна «Совет молодых литераторов» өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүүлэрин, ону тэҥэ «Талаан түһүлгэтэ» суруйарга холонор ыччат бөлөҕүн, «АйАрт» суруйар дьону көҕүлүүр уопсастыба чилиэннэрэ.
Мария «Тыллыы» хоһооннорун хомуурунньуктарын сүрэхтэниитин дьоро чааһыгар үгүс киһи тоҕуоруһа мустан, эҕэрдэ эгэлгэтэ этилиннэ, хомоҕой хоһоон ааҕылынна, ылбаҕай ырыа даҕаны ылланна. Хоһоонньут киһиэхэ бэлэх-туһах уонна сибэкки арааһын бэлэхтээтилэр.
Үөрүүлээх тэрээһин саҕаланыытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыската Сахаайа Бурнашева Мария Андреева тылларыгар айыллыбыт ырыаны толордо. Ол кэнниттэн, саха народнай поэта, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Наталья Ивановна Харлампьева киирии тылы эттэ уонна эдэр суруйааччыга үтүө баҕа санаатын анаата.
Салгыы, истиҥ эҕэрдэ тыллары эттилэр: СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Анна Егоровна Варламова-Айысхаана; «Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрэ, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Россия Суруйааччыларын сойууһун Эдэр литератордар сүбэлэрин чилиэнэ Гаврил Гаврильевич Андросов; Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын чилиэнэ, Россия Суруйааччыларын сойууһун Эдэр литератордар сүбэлэрин чилиэнэ Рустам Николаевич Каженкин; Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, «Далбар хотун» сурунаал бас эрэдээктэрэ Зинаида Архиповна Архипова; литератураны ырытааччы, литературовед, тыл үөрэҕин билимнэрин доктора Окорокова Варвара Борисовна; Одуну нэһилиэгин баһылыга Владимир Максимович Текеянов; Горнай улууһун үөрэҕириитин салалтатын салайааччыта Варвара Ильинична Сметанина; Горнай улууһун профсоюһун бэрэссэдээтэлэ Мария Николаевна Колесова; Горнайдааҕы кииннэммит библиотечнай ситим дириэктэрэ Анна Владимировна Иванова; “Дьүрүскэн” Горнай улууһун эдэр суруйааччыларын түмсүүтүн салайааччыта Вера Филипповна Новикова; Горнай улууһун «Сыккыс» литературнай түмсүү чилиэннэрэ; орто оскуолаҕа бииргэ үөрэммит кылааһынньыктара; Л.Н. Харитонов аатынан Маҕарастааҕы орто уопсай үөрэхтээһин оскуолатын кэлэктиибэ; «АйАрт» айар дьону көҕүлүүр уопсастыба ыччаттара, Эдэр литератордар сүбэлэрин чилиэннэрэ уонна Суоттутааҕы литературнай сэминээргэ кыттыбыт ыччаттар бастыҥ баҕа санааларын тиэртилэр, сааскы сибэкки дьөрбөтүн, бэл диэтэр, кыһыл саһыл тириитин бэлэх ууннулар.
Ираида Коркина-Чугдаара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: