Мария Данилова: «Кыайыыга кыттыһан эргиллиэм!»
30.10.2022, 21:49
Бөлөххө киир:
“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
Куонкуруспут 54-с кыттааччыта Сунтаар Түбэйиттэн Данилова Мария Матвеевна:
Кэллэ миэхэ бүгүн эмискэ
Сэриигэ ыҥырар бэбиэскэ.
Долгуйда, оо,сүрэҕим күүскэ,
Ууланна туманнаах көмүскэ.
Кыысчааным кэлэн көтөхтөрдө,
Кырачааным сыныйа көрдө.
Сыллаата нарыннык иэдэспин,
Өйдөөтүм аҕа ытык иэспин.
Оҕокком, туллугум туһугар,
Охсуһуу силлиэрэр уотугар
Олохпун биэрэргэ бэлэммин,
Дойдубун көмүскүү бараммын.
Сахалар бардыбыт сэриигэ,
Хоҥкуйа нуоҕайда кэриигэ
Хатыҥнаах чараҥым төбөтө,
Уунна кыыс сибэкки дьөрбөтө.
Быраһаай, кэрэ Сахам сирэ,
Быраһаайдарыҥ, дьонум-сэргэм!
Көрсөөр миигин, кытылга иирэ,
Кыайыыга кыттыһан эргиллиэм!
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: