Мария Данилова: “Оруолларбын барыларын таптыыбын”
СӨ үтүөлээх артыыһа, Горнай улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Мария Данилова сыанаҕа кэмиэдьийэ жанрыттан саҕалаан, драматическай оруолларга тиийэ оонньообута номнуо 34 сыла буолла. Маҕараска Ньурбатааҕы көһө сылдьар тыйаатыр кэлэн, “Чучунаа” испэктээги көрдөрбүтэ. Кырачаан Маша бу дьикти эйгэни умсугуйа, ымсыыра көрбүтэ, мантан ыла артыыс буолар ыра санааламмыта…
“Мин испэр хас да дьахтар уобараһа баар”
– Мария, артыыс умсугутар идэтин кистэлэҥэ тугуй?
– Артыыс наһаа элбэх киһи уобараһын толорор уонна бэйэтигэр илдьэ сылдьар. Миэхэ хас да дьахтар уобараһа баар диэхпин баҕарабын. Ол уобарастар олоххо син биир тиийэн кэлэллэр. Уларыйа сылдьабын. Сороҕор үөрэбин-көтөбүн, аһаҕаспын, сороҕор кытаанах майгылаах буолан ылабын. Оонньообут уобарастарбын барыларын наһаа сөбүлүүбүн. Режиссердар бу оруол бу артыыска барсыа диэн билэн түҥэтэллэр буоллаҕа. Ол да иһин буолуо, барытын иҥэринэн, бэйэм нөҥүө аһардабын. Элбэҕи ырытан, сыымайдаан, бу тоҕо маннык быһыыланна диэн толкуйдуугун, ол эрэ кэннэ дьон дьүүлүгэр таһаараҕын.
– Бэйэҕэр чугастык ылыммыт оруолуҥ?
– Режиссер Прасковья Павлова, сиэн балтым, Моэм Сомерсет новеллаларынан миэхэ анаан моно-испэктээк туруорбута. Сыанаҕа балтараа чааһы быһа соҕотоҕун оонньообутум. Онно 4 дьахтар уобараһын 1 дьахтарга холбоон көрдөрбүтүм. Ол быыһыгар таптал, хомолто көстөр, барыта билиҥҥи олоххо баар уобарастар. Сомерсет айымньыларын бэйэбэр чугастык ылыммытым.
– Сороҕор ыарахан оруолга киирии артыыска сэрэхтээх буолар дииллэр дии…
– Оннук баар быһыылаах. Карл Сергучев “Кыһыл Ойууҥҥа” Кутурҕан Куо оруолун биэрбитэ. Оонньуом иннинэ алгысчыкка анаан алҕаттарбытым. Ойуунускай айымньытын тыла-өһө иччилээх, илбистээх буоллаҕа.
Оттон биэс уолун сүтэрбит Ийэ – Февронья Малгина оруолун оонньуом иннинэ, араадьыйа архыыбыттан ылан, куолаһын истибитим, олоҕун үөрэппитим, дойдутугар Баайаҕаҕа тахса сылдьыбытым. Уҥуоҕар тиийэн, көрдөспүтүм, ыччаттарын көрсөн кэпсэппитим. Кини хаһан да хараҕын уутун дьоҥҥо көрдөрбөт, тыаҕа тахсан кистээн ытыыр эбит. Куруук инчэҕэй сыттыктаах буолара үһү. Барытын иһигэр тута сылдьара, бу саха дьахтарын уратыта буоллаҕа. Биир эрэ уолун уҥуоҕун уопсай көмүүттэн булан баран, онно эрэ туттуммакка, марылаччы ытаабытым диэн араадьыйаҕа кэпсээбитэ. Маннык түгэннэри биллэххинэ, оруолгар киирэриҥ быдан чэпчиир. Испэктээк кэнниттэн чуумпуга өр соҕус соҕотох олороммун, уоскуйабын, аһарынабын, ол эрэ кэнниттэн дьиэбэр барабын.
Тыйаатыр диэн храм, кэрэ эйгэ. Киһиэхэ наһаа элбэҕи биэрэр. Араас көрөөччү баар, сороҕор ыарахан кэмнэригэр кэлбит дьон чэпчээн, кыһалҕаларын умнан, үөрэн бараллара, артыыс идэтигэр саамай үчүгэйэ ол буолар. Үөрүүлээх да, хомолтолоох да түгэннэригэр күүс-көмө буолабын дии саныыбын. Тыйаатырга үлэлииргэр куруук элбэҕи билэҕин, интэриэһинэй дьону кытта билсэҕин, сири-дойдуну көрөҕүн. Наһаа интэриэһинэй, киэҥ эйгэлээх идэ.
“Оҕолорум баҕаларын өрө тутабын”
Мария Никитична улахан уола Виталий-Саргын Хабаровскайдааҕы физкултуурунай институту бүтэрбитэ, пауэрлифтиҥҥа Арассыыйа чөмпүйэнээтин призера, WPC көрүҥэр успуорт маастара, Илиҥҥи Азия Куубагын хаһаайына, World Powerlifting Association түмсүү күрэхтэһиитигэр АХШ үс төгүллээх чөмпүйүөнэ. Кини Лос-Анжелеска биир улахан тэрилтэҕэ үлэлиир. Мас-рестлинг аан дойдутааҕы федерациятын сүрүн судьуйата, психолог идэлээх.
Кыра уола Сулустаан хореограф, спортивнай-бальнай үҥкүү тириэньэрэ, өрөспүүбүлүкэ 17 төгүллээх чөмпүйүөнэ. Билигин Москваҕа олорор, кэргэннээх, 1 саастаах уол оҕолоох.
– Ситиһиилээх буолалларыгар, олоххо бэйэлэрин суолларын булалларыгар оҕолору хайдах иитэбит?
– Оҕолорум баҕа санааларын бастакынан истэр этим, өрө тутарым, ылынарым, өйүүрүм. Хаһан да бэйэм санаабын соҥнооботоҕум, кинилэр олохторун дьаһайар быраабым суох. 9-с кылаас кэнниттэн бүтэбит диэбиттэригэр, утарбатаҕым. Бэйэлэрин баҕаларынан олохторун оҥостоллор. Ол иһин миэхэ наһаа чугастар, ис санааларын аһаҕастык кэпсииллэр. Билигин төһө да ыраах-ыраах олордорбут, сарсыардабыт тапталга билинииттэн, махталтан саҕаланар.
Кийиитим тувинка-нуучча хааннаах, уол сиэни бэлэхтээбитэ. Бастаан Москваҕа тиийэн билсиспитим, онтон Саха сиригэр кэлэн икки ый буолан барбыттара. Куруук кэлэ-бара сылдьабыт. Сиэммин Саха сиригэр чугаһатыахпын баҕарабын. Кийиитим наһаа үчүгэй киһи, аһаҕастык үөрэ-көтө кэпсэтэбит. Бэйэбэр майгыннатабын, эмиэ мин курдук Мария диэн ааттаах, үөрүнньэҥ, ыалдьытымсах майгылаах, ас астыырын сөбүлүүр. Уол оҕо ийэтигэр майгынныыр кыыһы булан ылар диэн кырдьык быһыылаах.
Олох лоскуй түгэннэрэ
– Олох наһаа интэриэһинэй, наһаа түргэнник устар, ааһар. Ол иһин хас биирдии түгэн эргиллибэт, ону умнубакка, ордук үөрүүлээх түгэннэри өйдүү, бэйэбэр иҥэринэ сатыыбын. Түгэни хайдах суолталыырыҥ бэйэҕиттэн тутулуктаах. Интэриэһинэй дьону кытары көрсөн кэпсэтэрбин сөбүлүүбүн. Оҕолорум үөрүүлэрэ, тыйаатырбар саҥаттан саҥа арыйыылар миигин кынаттыыллар. Маннык түгэннэртэн олоҕум лоскуйдара таҥыллан тахсаллар.
– Оттон ыарахан түгэннэри хайдах аһарынаҕын?
– Кэнники кэмҥэ бииргэ төрөөбүттэрим олохтон бараннар, олус ыарахан этэ… Бэйэ-бэйэбитин өйөһөр буолан, ити ыарахаттары туоруубут. Ол эрээри, куттана сылдьар буолбуппун, туох эрэ куһаҕан сураҕы истиэм диэн…
Бу олоххо киһи бэйэтигэр эрэ эрэниэхтээх эбит. 23 сылы быһа кэргэммэр эрэнэн, өрө тутан, таптаан олорон баран, дьиҥ хайдах киһитин ситэ билбэтэх эбиппин. Биир үтүө күн кэргэним кэлэн хомоппута олус ыарахан этэ. Эрэнэр киһибиттэн маннык охсууну наһаа ыараханнык ылыммытым. Чугас дьонум, оҕолорум өйөөннөр, күүстээх истириэстэн тахсыбытым диэххэ наада.
Таппарыйа сыдьааннара
— Биһигини иллээх, түмсүүлээх буоларга ийэбит иитэлээбитэ. Оҕо сааспыт наһаа дьоллоохтук ааспыта. Биир убайым Маҕараска сирдээх, наһаа үчүгэй балаҕаннаах. Күһүөрү бары анаан баран, нэдиэлэ курдук сынньанабыт. Онно балыктаан, бултаан, уруккуну саныы-саныы күлсэн, үөрэн-көтөн, бириэмэни билбэккэ аһарабыт. Бары да көрү-күлүүнү таптыыр дьоммут, тохтоло суох күлэбит. Бииргэ төрөөбүттэрим, кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ элбэхпит. Туспа театральнай династиялаахпыт. Сиэн балыстарым эмиэ тыйаатырга үлэлииллэр. Сүүстэн тахса киһилээх Даниловтар ыһыахтарын тэрийээччибит.
Хос эһэм Таппарыйа Дайыла 123 сааһыгар диэри олорбута. Уһун үйэлээҕинэн Арассыыйа “Гиннеһин кинигэтигэр” киирбитэ. Кырдьан баран, таҥараһыт буолбут, уолаттара сэриигэ баралларыгар ыччаттарын тохсус көлүөнэҕэ диэри алҕаабыта үһү. Мин төрдүс көлүөнэ буолабын. Онон бары таппарыйаларбыт дэнэбит.
Оттон ийэм ыраас татаар хааннаах. Ааһан иһэр көс татаардар саха ыалыгар кыһыл оҕолорун хаалларан барбыттар. Ылыахпыт диэн баран, эргиллибэтэхтэр. Оҕо турбат ыала, хата, бэйэлэрин оҕолорун курдук маанылаан ииппиттэр. Ийэм төһө да сахалыы иитилиннэр, дьүһүннүүн-майгылыын, туттардыын атын соҕус этэ. Олэрээри, татаарка дииллэрин сөбүлээбэт этэ.
— Татаар хаана бэйэҕэр биллэр дуу?
— Биллэр. Мин эмиэ атыммын ээ – быдан күүстээх иэйиилээхпин, эрчимнээхпин, бойобуойбун, тиэхиникэни барытын ыытабын, туохтан да толлубаппын, кэлэри-барары сөбүлүүбүн. Эдэр сылдьан күүһүмсүйэр этим. Барытын кыайыахтаахпын диэн толкуйдуубун. Татарстаҥҥа сырыттахпына, хааннара тардан, бэйэлэригэр майгыннатар этилэр.
Түмүккэ
– Сааскы бырааһынньыкпыт сандааран кэллэ. Дьахтар диэн айылҕаттан айдарыылаах, дьүһүннүүн, быһыылыын кэрэ, тугу туппута барыта айымньылаах, кэскиллээх, мындыр, сатабыллаах, олоҕу айар-тутар киһи. Дьахтар баар буолан, аан дойду сайдар, киэркэйэр. Кэрэ аҥаардар, бэйэҕитин таптааҥ, харыстаныҥ, куруук көрүнэ, маанытык таҥна, үөрэ-көтө сылдьыҥ, тапталлаах буолуҥ диэн этиэм этэ.
Хаартыскалар М.Данилова тиксэриилэрэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: