«Мария Емельянова уолбар харысхал биэрбит этэ, Украинаттан кэлэригэр илдьэ сылдьара. Миигин харыстаата, биир эмэ уолга биэриэм, мин курдук тыыннаах кэлиэҕэ диэбитэ. Мария Егоровнаҕа махтал буоллун…»
«Оҕом бэс ыйын 16 күнүгэр куһаҕан буолбута, Донецкай морга баар диэн ыыппыттара соторутааҕыта, Ростовка суох дииллэр….». Бу курдук араас ис хоһоонноох суруктар саллааттар ийэлэрин кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Мария Егоровна Емельяноваҕа кэлэ тураллар. Кинини билбэт киһи суоҕун тэҥэ. Киниэхэ күҥҥэ үс сүүсчэкэ киһи суруйар. Сүбэ-соргу, көмө көрдүүллэр.
Оттон соторутааҕыта Мария Егоровна үлэтинэн хаартыскалардаах альтбому оҥорон таһаарда. Бу туһунан Мария Егоровна санаатын үллэһиннэ:
— Байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан, биһиги кэмитиэт үлэһиттэрэ утуйар уубут уйгуурбута. Бастакы күннэртэн улуустартан ийэлэр, байыаннай чаастартан хантараагынан сулууспалыы сылдьар уолаттар сурук бөҕө суруйан, төлөпүөннээн араас боппуруоһунан сибээскэ тахсаллара. Кулун тутар бүтүүтэ байыаннай чаастарга сырыттахпына, эчэйбит уолаттар кэлитэлээбиттэрэ. Чаастарга сылдьарым тухары барыларын мунньан буола турар балаһыанньаны тула кэпсэтии буолаллара. Муус устартан «боотурдар» барбыттара. Онтон бэс ыйыттан госпиталларга сылдьан саҕалаабытым. Саха сирин дьахталларын сойуустарыттан, Арассыыйа ийэлэрин, саллааттар ийэлэрин кэмитиэттэриттэн икки байыаннай сөмөлүөтүнэн баһыылка ыыппыппыт. Атырдьах ыйыгар Аина Храмова Москваттан эрийэн эчэйбит уолаттарга көмөлөһөр баҕалааҕын этэн, итинтэн ыла волонтердар үлэлэрэ-хамнастара саҕаламмыта. Онтон балаҕан ыйын 21 күнүттэн суһал быстах хомуур саҕаламмыта. Ити күннэртэн Ирина Саввина, Гульнара Алексеева буолан сүбэлэһэн ыстаапка үлэбитин саҕалаабыппыт. Ол кэнниттэн Айыл Дьулурха, Айыллаан Винокуров кэлэн кыттыспыттара. Ыстааппытын «Якутия с тобой» диэн ааттаабыппыт. Онтон Бырабыыталыстыба, Ил Дархан бары биир сомоҕо буолан көмөлөһөн улахан хамсааһын саҕаламмыта. Элбэх байыаннай чаастарга сылдьан миэстэтигэр боппуруос бөҕөтүн быһаардыбыт. Бу альбомҥа киирбит хаартыскаларга барытыгар бэйэм көрсүбүт, кэпсэппит, алҕаабыт, сүбэлээбит-амалаабыт дьонум, буойуннарым киирдилэр. Альбому СӨ Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы А.А.Семенов үбүлээбитэ.
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…
РФ Үөрэҕириитин уонна Үөрэҕи, билими кэтээн көрөр федеральнай сулууспа кэлэр сыллааҕы биир кэлим эксээмэн, сүрүн…
Арассыыйа тимир суоллара (АТС) Кытайы уонна КНДР-ы кытта пассажирдары тиэйиини сөргүтэллэр. Бу туһунан АТС пресс-сулууспата…
Бүгүн СӨ Бырабыыталыстыбатын 2 дьиэтигэр "Конституция -- Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин…
«Арассыыйа – мин устуоруйам» историческай пааркаҕа «Кино в службе Отечества» бэстибээл чэрчитинэн «Дьиэбэр барабын» киинэни…
Балбахов Виссарион Дмитриевич, үйэ чиэппэрэ кэм устата Хоту сиргэ таһаҕаһы таһыыга эҥкилэ суох үлэлээбит Арассыыйа Федерациятын…