Мария Емельянова: «Уолаттар этэҥҥэлэр, санаалара бөҕөх»

Share

Саллааттар кэмитиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Мария Емельянова байыаннай чаастарга сылдьан кэллэ. Кини бу туһунан биһиги саайтпытыгар санаатын үллэһиннэ:

— Мин бу соторутааҕыта байыаннай чаастарга сылдьан кэллим. Элбэх байыаннай чааска сырыттым. Бастаан Хабаровскайга, Улан Удэҕэ, онтон Приморскай кыраайга элбэх чааска сылдьан сулууспалыы сылдьар уолаттарбытын, байыаннай хомуурга хапсыбыттары көрсүбүтүм. Ону сэргэ, Уссурийскай, Сергеевка, Липовцы, Авваку, Владивосток чаастарыгар уонна полигоннарга сырыттым. Биһиги Владивостокка баар бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэни кытта ыкса үлэлэһэ олоробут.

Бу сылдьан көрдөхпүнэ, байыаннай хомуурга хапсыбыт уолаттарбытын барыларын кэриэтэ таҥыннаран, форма кэтэрдэн полигоҥҥа дьарыктыы сылдьаллар. Дьэ, социальнай ситимнэргэ араас бары тарҕанна. Оннооҕор Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич туһунан суруйбуттар этэ. Уолаттарга таҥас-сап илдьэн баран төттөрү илдьэ кэллэ диэн. Сымыйа сурахтарга итэҕэйимэҥ. Мин үгүс байыаннай чааска сырыттым. Барытын эт харахпынан көрөн, уолаттары көрсөн кэллим.

Өрөспүүбүлүкэбит түмсүүлээх буолан уолаттарбытыгар көмө харыыта суох ыстаапка хомулла турар. Уолаттар этэҥҥэлэр, санаалара бөҕөх.  Сахабыт сирин икки тыһыынча кэриэтэ ыччатын көрсөн, ийэлии алҕаан, кыһалҕаларын миэстэтигэр быһаарсан кэллим. Онон маннык уустук кэмнэргэ куһаҕаны сымыйанан тарҕаппакка, биир сомоҕо буолан дьоммутугар-сэргэбитигэр өйөбүл буолуохтаахпыт, Ил Дархаммыт Айсен Николаев тула түмсүөхтээхпит!

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

14 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

14 часов ago