Мария Львова-Белова: «Саха сирин салалтата дьиэ кэргэттэргэ уһулуччулаах өйөбүлү оҥорор эбит»
Саха сиригэр оҕолоох ыалларга өйөбүлү оҥорууга бэрт суолталаах быһаарыылары ылыналлар.
Бу туһунан РФ Бэрэсидьиэнин иһинэн оҕо быраабыгар боломуочуйалаах Мария Львова-Белова өрөспүүбүлүкэҕэ сырыытын түмүгүнэн бэлиэтээһини оҥордо.
Оҕо омбудсмена эрэгийиэн дьиэ кэргэн уонна оҕо саас эйгэтигэр бэрт кэрэхсэбиллээх дириҥ ис хоһоонноох үлэ барарын бэлиэтээтэ уонна стационарнай тэрилтэлэргэ оҕо ахсаанын аҕыйатыыга бииргэ үлэлэһиини тэрийэргэ этии киллэрдэ.
«Дьиэ кэргэни уонна оҕону өйүүр үгүс суолталаах өйөбүл оҥоһулларын бэлиэтии көрдүм. Манна «Үйэ оҕолоро» бырагырааманан оҕо төрөөтөҕүнэ өрөспүүбүлүкэтээҕи төлөбүр 110 тыһ. солк., оттон үһүс уонна салгыы төрөөбүт оҕолорго эрэгийиэннээҕи дьиэ кэргэн хапытаала — 300 тыһ. солк. Өрөспүүбүлүкэ Аҕа баһылыга стационарнай тэрилтэлэргэ оҕо ахсаанын 50% аҕыйатар туһунан ыйааҕын сонун сүүрээн курдук сыаналыыбын. Бу дириҥ толкуйтан тахсыбыт быһаарыы ВИСП (Социальнай тулаайах буолууну сэрэтэр Бүтүн Арассыыйатааҕы инспекция) соруктарын кытта дьүөрэлии, онон бары бииргэ күүспүтүн, санаабытын, кыахпытын холбоон, эригийиэн бу соругу ситиһэригэр көмөлөһүөххэ диэн этии киллэрэбин», — диэн бэлиэтээтэ Мария Львова-Белова.
Социальнай тулаайах буолууну сэрэтэр Бүтүн Арассыыйатааҕы инспекция үлэтин түмүгүнэн кэккэ этиини киллэрдэ. Онтон биир сүрүнэ – оҕо социальнай тэрилтэҕэ сылдьара төһө олохтооҕун быһаарар өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйаны тэрийии.
Мария Львова-Белова төрөппүт быраабын быһыыга туһуламмыт, дьиэ кэргэни кытта үлэ полустационарнай көрүҥнэрин сайыннарыы туһатыгар социальнай тэрилтэлэргэ стационар куойкаларын аҕыйатыыга, үлэ түмүгүн сыаналыыр көрдөрүүлэри киллэриигэ сыһыаннаах суут-сокуон практикатын ырытар наадалааҕын бэлиэтээтэ. Маны таһынан, социальнай тулаайах буолууну сэрэтиигэ, арыгыга ылларбыт дьону эмтииргэ уонна реабилитациялыырга көдьүүстээх ньымалары олоххо киллэриини кэҥэтиигэ, дьиэ кэргэни кытта үлэлиир коммерческайа суох тэрилтэлэри өйөөһүҥҥэ уо.д.а. социальнай үлэни ыытыыга сыһыаннаах этиини киллэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: