Уустук балаһыанньаҕа хайдах холкутуубут. Психолог, психологическай наука хандьыдаата, «ТриадаПси” уйулҕа киинин салайааччыта Мария Нафанаилова сүбэлиир.
– Быстах суһал хомуур кыстыкка киирэн эрэ дьон-сэргэ кутун-сүрүн аймаата. Онуоха социальнай ситимҥэ араас бары тарҕанна. Маннык уустук түгэҥҥэ киһи чугас дьонугар өй-санаа өттүнэн холкутуурга хайдах көмөлөһүөн сөбүй?
– Дьон үксүн тугу бэйэтэ сөптөөх дии саныырынан «көмөлөһөр». Оттон ис дьиҥэр, хас биирдии киһи ис күүрүүтүн уоскутар бэйэтэ туспа ньымалардаах буолар. Кимиэхэ эрэ батсаап ситимигэр сонун ааҕыыта көмөлөһүөн сөп, оттон кимиэхэ эрэ төттөрүтүн, сонуннары ааҕыы аймалҕаны үөскэтиэн сөп. Ол иһин чугас дьонуҥ ханнык, туох көмөҕө наадыйалларын ыйыталаһан, сураһан билиэххэ сөп. Холобур, «эйиэхэ хайдах көмөлөһүөхпүн сөбүй?” диэн ыйытыахха сөп, эбэтэр туһалаах дии санаабыт сонуҥҥун сырдата олорон: «Бу эйигин уоскутар дуо, эбэтэр тохтуубун дуу», – диэн ыйытыы эн өйөбүлгүн быһаччы көрдөрөр. Долгуйар, айманар киһини кытта кэпсэтэ олорон өйдүүргүтүн, ылынаргытын биллэрэн: «ити чахчы киһини аймыыр» эбэтэр «атыны саныахпыт оннугар маны саныырга тиийэрбититтэн мин эмиэ курутуйабын», «эн долгуйарыҥ оруннаах» диэн этиилэр эн өйөбүлгүн көрдөрөллөр.
– Психолог өҥөтө суох сиригэр, тыа дьонугар туһаайан ыйыттахха, киһи бэйэтин хайдах салайан холкутуур турукка киириэн сөбүй?
– Сүрүн хардыы – бэйэ туругун ылыныы буолар. Уустук кэмҥэ бары тэҥҥэ сылдьарбытын билиниэххэ наада. Ону сэргэ хас биирдии киһи араас толкуйга, санааҕа ылларар. Санаабытын, куттаныыбытын, хомолтобутун испитигэр тутуо суохтаахпыт. Биһиги, сахалар, сымыһахпытын быһа ытыран иннибит диэки кимэр ураты кытаанах майгылаахпыт. Бу ордук саха эр дьонугар көстөр. Ол эрээри, уйулҕабытыгар маннык көмөлөһөр кыахпыт суох. Ол кэриэтин санаа баттыгын, ис турукпутун, туохтан санаабыт түһэрин саатар испитигэр билиниэхтээхпит. Оччоҕуна санаабытын салайа үөрэнэбит. Иккиһинэн, кыбыстыбакка көмө көрдөһүөхтээхпит. Өскөтүн, киһи сатаан көмө көрдөһөр, долгуйуутун, айманыытын атын дьону кытта үллэстэр буоллаҕына, инникитин сөптөөх быһаарыныылары ылынар кыахтаах буолар.
– Киһи инникигэ эрэллээх, хорсун санаалаах олороругар тус сүбэҥ.
– Киһи бэйэтин ис туругар туох эрэ сыал-сорук көрдөнүөхтээх. Олохпутугар биһиги бэйэбит эрэ олохпут сүрүнүн булунар кыахтаахпыт. «Туох иһин” (зачем) диэн ыйытыыга эппиэт баар буоллаҕына, (как) киһи “хайдах” диэни тулуйар кыахтанар. Биһиэхэ бэйэбит ис санаабытыгар, дьайыыбытыгар, иэйиибитигэр тус быһаарыныы ылынарга көҥүл уонна эппиэтинэс баар. Эһиги олохтон тугу күүтэҕит? Уоскуйууну? Оччотугар эһиги тус эйгэҕитигэр билигин уоскуйууну хайдах тэрийиэххитин сөбүй? Онуоха ким эрэ минньигэс ас астыаҕа, ким эрэ үлэтигэр умса түһүө, оттон ким эрэ чугас дьонун кытта истиҥник кэпсэтиэҕэ… Киһи бэйэтигэр сөптөөх ньыманы буларга дьулуһуохтаах. Ол туһуттан бэйэҕит олоххутун сатаан салайа үөрэниҥ. Билинэбин, билигин уустук кэм. Аймалҕан, куттал, ол эрээри бу санааҕа тимириэ, куттанарбытыттан куотуо суохтаахпыт. Маны нөҥүөлээн, испитинэн аһарынан, бэйэбит ис турукпутун кэтэнэн, өйөөн олоҕу салгыы олоруохтаахпыт.
Икки күн устата ыытыллыбыт "Биисинэс-Экспо 2024" Саха сирин урбаанньыттарын, бэйэ дьыалатынан дьарыктанар дьону түмэр, көҕүлүүр…
Уус Алдан улууһугар бибилэтиэкэ тэриллибитэ 100 сылыгар, РФ Конституциятын күнүнэн С.С. Васильев-Борогонскай аатынан оройуоннааҕы киин…
Өлүөхүмэ улууһун Улахан Муҥку сэлиэнньэтигэр “Биһиги бииргэ” аһымал кэнсиэр буолла. Кэнсиэр Малдьаҕар начаалынай оскуолатын-уһуйаанын кэлэктиибин,…
2024 сыл ахсынньы 25 күнүгэр "Союз2.1б" аракыата-носитель "Байконур" космодромуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ…
Оскуола агролабораториятыттан репортаж. Кыһыҥҥы суол аһыллан, илин эҥээр бастакы командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ…
“Кимиэхэ эрэ “Сулустаах” дьиэ, кимиэхэ эрэ...” диэн кыһалҕалаах дьиэлээх-уоттаах үс оҕолоох ийэ туһунан суруйбуппут. Бу…