Мария Павлова: «Дойдубут туһугар…»

Share

“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.

Куонкуруспут 74-с кыттааччыта Чурапчы Мырылатыттан Мария Петровна Павлова:

Дойдубут туһугар…

Хараҥа былыттар
Халыйан тахсаннар,
Сабардыах курдуктар
Сарсыҥҥы сарыалы.
Ыалларбыт өстүйэн,
Үтүөнү дуол умнан,
«Тиис-тиискэ!»- дэһэннэр
Айдааны тартылар.
Хаан аймах эрээри
Харааччы иирдилэр,
Эйэлээх олоҕу
Эһээри тиистилэр.
Арҕаалар үөрдүһэн,
Утары турдулар,
Уот -кутаа күөдьүтэн
Тэптэрэн биэрдилэр.
Дойдубут кэскилин
Сарбыйар туһугар
Түүннэри-күннэри
Дьэ,  илэ бардылар.
Төрөөбүт түөлбэбит
Төлкөтүн туһугар
Саадаҕы курданар
Тыйыс кэм дьэ, кэллэ.
Өбүгэ өтөҕүн
Өстөөҕө тэпсэрин,
Алаһа дьиэтигэр
Аймалҕан тахсарын,
Төгүрүк алааска
Ача күөх кэхтэрин
Сахалыы саҥалаах
Тулуйуон сатаммат.
Көмүскэс санаалаах
Күн Айыы киһитэ
Өстөөххө бэриммэт,
Кэннинэн кэхтибэт.
Дойдуга тапталбыт —
Хамсаабат тирэхпит!
Биир ньыгыл буолуубут —
Тостубат туурабыт!
Сүүс омук түмсэммит
Сүдү күүс буолабыт.
Дойдубут туһугар
Бигэтик турабыт!!!
Ханнык да хара дьай,
Ханнык да халыан күүс,
Хамсаппат Ийэ сир
Ньыгыл таас тирэҕин!

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Мииринэй улууһугар дьахтар эр киһини өлөрбүт

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 5 буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар.…

19 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр нацбырайыактарынан 170 эбийиэк тутуллубут

Саха сиригэр национальнай бырайыактары олоххо киллэриитин алта сыл иһигэр 170 эбийиэк тутулунна: 44 оскуола, 24…

34 минуты ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Хаҥалас трассатыгар суоппар кыыһы быыһаатылар

Хаҥалас оройуонугар ДПС инспектордара трассаҕа умуллубут массыыналаах суоппар кыыска көмө оҥордулар. Томороон тымныыларга массыына айаннаан…

49 минут ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар

Айар бырайыак сүрүн бирииһэ — Петровтар дьиэ кэргэҥҥэ

Саҥа сылга үктэнээт, киин куоракка култуура кииннэригэр, тыйаатырдарыгар араас ис хоһоонноох дьон сынньалаҥар туһуламмыт тэрээһиннэр…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Вячеслав Соркомов: «Дьоруой туһунан этэр өссө да эрдэ»

Тохсунньу 5 күнүгэр социальнай ситимнэринэн Кириэмилгэ Арассыыйа Дьоруойа аатынан Муома улууһуттан Сааһыыр олохтооҕун наҕараадалыахтара диэн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев Эдьигээҥҥэ аварийнай-чөлүгэр түһэрэр үлэлэргэ кэккэ соруктары туруорда

Эдьигээн оройуонугар аварийнай-чөлүгэр түһэрэр үлэни ыытыыга Ил Дархан Айсен Николаев ахсынньы 5 күнүгэр киэһэ ыксаллаах…

3 часа ago