Мария Поскачина : «Мин Кыайыы кымыһын испитим…»
“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
Куонкуруспут 37-с кыттааччыта Поскачина Мария Еремеевна. Өлүөхүмэ улууһун Кыыллаах Арыы нэһилиэгиттэн төрүттээх, билигин Дьокуускай куоракка олорор:
МИН КЫАЙЫЫ КЫМЫҺЫН ИСПИТИМ…
(Саллаат санаата)
Тыһыынча тоҕус сүүс түөрт уон биир сайына
Бэс ыйын түптэлэс куйааһын үгэнэ.
Үрүҥ түүн муҥутаан үҥкүүлүүр күннэрэ
Ыһыахха киирээри оҥостуу түгэнэ…
Күөх тыаҕа кэҕэ кыыл бэрт чуордук чоргуйар,
Халлааҥҥа күөрэгэй күөрэйэн дьурулуур,
Сайылык түптэтин буруота тарҕанар,
Айылҕам тыллыбыт сытыгар кыттыһар.
Сахаҕа күүтүүлээх, сырдыкка эрэллээх,
Кистэлэҥ санаалаах, долгуйуу кынаттаах,
Сардаҥа ойуулаах, салама баайыылаах
Оһуокай тойуктаах күнэ дьэ үүммүтэ…
Ыһыахха ыраахтан-чугастан мустаннар
Күөх сайын үүммүтүн уруйдаан бардылар.
Оонньууну, ырыаны, кэпсээни көҕүлээн,
Үгүстэр үөрүүгэ кыттыһан истилэр.
Бу кэмҥэ барыта кэрэ да курдуга
Тулабар бар дьонум үлүскэн үөрүүтэ,
Түһүлгэ оонньуутун тутулун тупсара
Чуор тыллаах оһуохай этиллэн эрэрэ…
Бу манна кыыс оҕо лыҥкынас күлүүтэ,
Эр бэрдин эрэллээх эйэҕэс көрүүтэ,
Алгысчыт анаан уран тыл этиитэ
Барыта оо, сырдык, кэрэ да этэ!
Мин манна үөрүү-дьол кымыһын
Сахалыы чороонтон испитим,
Минньигэс утахха умньаммыт
Дьол сырдык амтанын билбитим!
Эмискэ… Барытын тохтотон,
Сэбиэппит биллэрии эппитэ:
Доҕоттор! Алдьархай ааҥнаата,
Хаан олбох сэрии турда, диэбитэ.
Дойдуну көмүскүүр иэспитин төлүүргэ
Кэккэҕэ турунан бары биир буолуоҕуҥ!
Эйэлээх олохпут олугун ыһарга туруммут
Өстөөҕү самнарар санааны тутуоҕуҥ!
Суостаахтык этиллэр тыллартан соһуйан
Тулабыт бүтүннүү иһийэн ылбыта.
Чуҥкунуур чуумпунан сабардыы айбардаан
Алдьархай бу илэ ааҥнаан кэлбитэ.
Тапталлаах кэргэнин атаарар кыыс дьахтар
Сүтэрэн эрэрин сэрэйэн аймана түспүтэ,
Сэриигэ аттанар оҕотун сайыһар
Ийэ барахсан ытыы турбута.
Тапталын таайтаран эппэтэх килбик кыыс
Сүрэҕэ бүтэй түөс иһигэр аймана тэппитэ,
Күүтүөҕүм, эргиллээр, эрэ диэн тыллары
Сипсийэн этэргэ эр санаа тиийбитэ.
Бу күнтэн эйэлээх олохпут отуора алдьанан,
Сэриигэ аттанар түрбүөнэ турбута.
Ытаһыы ыллыгар, арахсыы аартыгар,
Дьоннорун хаалларан эр дьоммут барбыта.
Мин манна арахсыы кымыһын
Сахалыы чороонтон испитим,
Хараҕым уутунаан булкуспут
Абарыы амтанын билбитим.
Эдэркээн уолаттар сэриигэ тиийбиппит,
Амырыын алдьархай ааҥнаабыт сиригэр.
Оһол онолуйар , илбис иэрийэ иирэр,
Уот будулуйа уһуурар хонуутугар.
Сиэмэх сибиниэс ардаҕын аннынан
Иннибит диэки дьүккүйэн испиппит.
Сэрии толоонугар доҕору сүтэрэр
Ыар-курус арахсыы түгэнин билбиппит.
Мин манна көрбүтүм дьулаан да көстүүнү:
Үрүҥ күн буруоттан чачайан уостарын,
Күөх халлаан өһөхтүү өлбөөрөн өһөрүн,
Кыа-хаан тохторун, киһи аймах өлөрүн.
Мин манна билбитим эрэллээх буолууну,
Хаһан да таҥнарбат доҕордуу сыһыаны
Харса суох охсуһар, өстөөххө бэриммэт
Хоодуот-хорсун самныбат быһыыны.
Мин сэрии кэмигэр өрүүтүн саныырым —
Төрөөбүт алааспар хайаан да тиийиэҕим,
Хаанымсах өстөөҕү таҥнары самнаран
Бар дьоммор Кыайыыны тиэрдиэҕим.
Өстөөҕү өһөрөн эргиллэн кэлбитим,
Алааспар үөрүүнү көтөҕөн киирбитим,
Сэрииттэн кэлэрбин кэтэспит ийэбэр
Тыыннаахпын, бу баарбын,диэн үөрэ эппитим.
Дьэ, уонна Кыайыы кымыһын,
Сахалыы чороонтон испитим,
Улуу үөрүү кыымыттан көөнньүбүт
Өрөгөй амтанын билбитим!
Уот сэрии хаһан да буолбатын туһугар
Өлбүттүүн-тыыннаахтыын биир кэккэ буоламмыт,
Самныбат санааны сааһылаан анааммыт
Эйэ дьол чороонун көтөҕө туруохпут!
Бу сиргэ алдьархай ааҥныырын бопсорго,
Эйэлээх олоҕу чэлгитэ турарга,
Андаҕар тылларын хатылаан этиэхпит,
Кыайыыга алгыстаах кымыһы иһиэхпит…
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: