Мария Столярчик: “Дьиэ кэргэним – дьылҕам бэлэҕэ”

Share

Аҕыйах хонугунан Дьиэ кэргэн сылын атаарыахпыт. Онон бу үтүө сылы түмүктээн, Саҥа дьыллааҕы хаһыаппытыгар элбэх оҕолоох дьоллоох ыал ийэтэ, “Арассыыйа ыалларын сойууһа”  дьиэ кэргэни өйүүр Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай тэрилтэ эрэгийэннээҕи салайааччыта, көхтөөх уопсастыбанньык Мария Столярчик дьиэ кэргэнин туһунан кэпсэттибит.

 

Тымныы полюһун былдьаһыы – дьолго

– Мария, эн элбэхтик интервью биэрэҕин эрээри, биирдэ да олохтоохтук дьиэ кэргэниҥ туһунан ханна да кэпсии иликкин. Икки тымныыларынан күрэстэһэр Өймөкөөнү уонна Дьааҥыны биир ситимнээбит уоллаах кыыс билсиһиилэрэ хайдах саҕыллыбытай?

– Кэргэммин Степаны кытта абитуриенныы сылдьан билсибиппит. Кини полиция үөрэҕин киинигэр Дьааҥыттан сылдьар уолаттары кытта үөрэнэр этэ. Биирдэ биир дойдулаахтарбын көрсө кэлбиппэр, уолаттарым “Столярчик нэрээккэ дьуһуурустубаҕа барда” диэн кэпсэтэллэр. “Ити туох дьикти хос аатай?” диэн ыйыппыппар,  “суох, ити табаарыспыт араспаанньата ээ” диэбиттэрэ. Итэҕэйбэтэхпэр, туумбаҕа сытар пааспарын көрдөрбүттэрэ. Онно “ээ, кырасыабай бэйэлээх уол эбит дии…“ диэн санаан ылбытым. Аны биирдэ төлөпүөнүнэн сонуннарын кэпсээбиттэрэ, онно “Столярчиктыын куоракка киирэн эрэбит” диэбиттэригэр, “ээ били красавчикка бирибиэппин тиэрдиҥ” диэн оонньоон эппитим.  Ити курдук, көрсүбэккэ сылдьан, табаарыстарбыт нөҥүө “бирибиэт” ыытыһар этибит. Онтон биир түгэн иккиэммитин олох­тоохтук холбообута диэххэ сөп. Биирдэ уопсай табаарыспытын портка атаара киирдибит. Арай дьоммут бары (уонтан тахса киһи) табахтыы таҕыстылар. Биһиги Степалыын табахтаабат дьон быһыытынан иккиэн эрэ олорон хаалбыт эбиппит. Төлөпүөннэр араас көрүҥнэрин ырыта олорон, хаһан буоларын курдук, Өймөкөөннөөх Дьааҥы дьоно көрүстэр эрэ, куолубутунан Тымныы полюспутун былдьаһан, мөккүһэн барбыппыт. Хата, дьоммут киирэн кэлэн, үспүөйдээн кыыһырсыбатахпыт. Ол кэпсэтииттэн иккиэн бэйэ-бэйэбитигэр дьэ олохтоохтук болҕомто уурбуппут. Сотору буолан баран, Степа төрөөбүт күнүгэр миигин киинэҕэ ыҥырбыта. Ити 2005 сыллаахха этэ.

Үүнэр 2025 сылга биһиги ыал буолан олорбуппут 20 үбүлүөйдээх сылын бэлиэтии­бит. Ол эрээри биир суолталаах төрүөттэн докумуонунан арахсыбыппыт ыраатта гынан баран, дьоллоох олоҕу пааспар бэчээтэ быһаарбат туоһуларынан биһиги буолабыт. Иккис кууруска үөрэнэ сылдьан, устудьуоннар сэбиэттэрин бэрэс­сэдээтэлин быһыытынан икки миэстэлээх хоско олорор чиэстэммитим. Онон устудьуон олоҕо Степабын кытта ааспыта.

Олох эрэллээх аргыһа

– Оо, Мария, ыччаты иилээн-салайан, биэс сылы быһа олох холоруктана сылдьар киһини Степан курдук бэрт холку уолан хайдах тулуйбутай?

– Дьэ, этимэ даҕаны, до­­ҕоор. Мин курдук түргэн-тарҕан, сүүрэ-көтө сылдьар актыбыыһы олох холку эрэ киһи тулуйар буоллаҕа. Дьолго, миэхэ дьылҕам Степам курдук холку майгылаах, миигин хайдах баарбынан ылынар, өйдүүр олоҕум аргыһын бэлэхтээбитигэр махталым муҥура суох. Хайдах бастааҥҥыттан мин олохпор киирбитэй да, билигин да оннук. Хаһан да, туохха да хааччахтаабат, “эмиэ сүттүҥ, ханна бардыҥ?” диэн хонтуруоллаабат, ыгылыппат. Кини оҕо эрдэҕиттэн дьиэмсэх буолан, бэйэтин аттыгар олордуон сөп этэ буоллаҕа. Степабынаан бииргэ сүбэлэһэн, тэрээһиннэрбэр ох курдук бэлэмнэнэн барар буолан, хата, дьиэтигэр “хайдах ааста?” диэбитинэн көрсөөччү. Онон устудьуоннуу сылдьыахпытыттан итинник көҥүллүк арааһы ырыта, толкуйдуу сылдьан, бары идиэ­йэлэрбин олоххо киллэрии­бэр эрэллээх тыылым – кэргэним. Кини миигин өйөөбөтө, көмөлөспөтө, өрүү бобо-хаа­йа сылдьара буоллар, маннык тахсыылаахтык үлэлиэм суоҕа эбитэ буолуо.

“Бааһынай хааннаах сахаларбыт…”

– Эһиги иккиэн хас да омук дьонун сыдьааннара буоллаххыт. Араас хаан дьайыыта дьиэ кэргэҥҥитигэр хайдах эрэ “кылам” гынан, биллэн ааһар дуо?

– Биһиги иккиэн славян, узбек, саха омук хаан­наахпыт. Онон биһиэхэ бу омуктарга өбүгэ саҕаттан хаанынан бэриллибит үтүө өрүт үгүс. Славяннардыы кыраттан да үөрэбит,  туохтан эмэ хомойдохпутуна, ону дууһабытыгар тутан, өр кэмҥэ моруу оҥостубаппыт, түргэнник аһардабыт. Биһиги аҕабыт узбек омук төрүттээх буолан, булар-талар, айылгылаах, хаһаайыстыбаннай, өрүү чугас дьонун көрө-истэ сылдьар. Мин сатаабатаҕым диэн суох: ыллаа диэтэхтэринэ ыллыам, астаа диэтэхтэринэ астыам, уруһуйдаа диэтэхтэринэ уруһуйдуом, успуорка күрэхтэс диэтэхтэринэ сүүрүөм даҕаны, мас да тардыһыам, хотонно сыбаа диэтэхтэринэ сыбыам, ынаҕы ыа диэтэхтэринэ, холкутук ыан барыам.

Иккиэн уу сахалыы иитии­лээхпит. Сахалыы мындыр толкуйдаахпыт, санаатыбыт да оҥорон кэбиспэппит – олохтоох­тук ырытабыт, быһаар­сабыт, ааҕабыт-суоттуубут, дьэ, ол кэннэ ылсыбыт дьыалабытын хайаан да тиһэҕэр тиэрдэбит. Уонна, саамай сүрүнэ, иккиэн саха дьонун быһыытынан, төрөөбүт түөлбэбитигэр олус бэринии­лээхпит, дьоммутун-сэргэбитин кытта өрүү бииргэбит, оҕолорбутун сахалыы тыыҥҥа иитэбит. Быһата, бааһынай хааннаах сахаларбыт.

Үлэ уонна мэтээл

– Эн “ханнык баҕарар ынаҕы ыам этэ…” диэтиҥ дии. Ханнык эрэ интервьюгар “мин дьиэ кэргэммэр үлэһит оҕус кэриэтэ этим – бары үлэ кыра эрдэхпиттэн миэхэ сүктэриллибитэ” диэн эппитиҥ дии.

– Икки улахан убайым уонна эдьиийим дьиэлэриттэн үөрэххэ бараары эрдэттэн тэйэн, туох баар дьиэ ис-тас үлэтэ мин эппиэтинэспэр этэ. Онон аҕам кытаанахтык “ынахтаргын ыатыҥ, хотоҥҥун сыбаатыҥ, муускун-маскын тастыҥ да, баһаалыста, оонньуу да, күүлэйдии да бар” диирэ.

Сайыҥҥы от сылаалаах кэмэ эмиэ миигинэ суох ааспат этэ. “Ивановтар Машалара үлэһит да оҕо” диэхтэригэр диэри хачыгырайарым. Онон үлэнэн иитиллибит оскуоланы мэтээллээх бүтэрбит оҕо холобура – мин.

Аптаах түүн – Кириэмил кураана

– Столярчиктар, Саҥа дьылы хайдах көрсөөрү сылдьаҕыт?

– Хаһаайыстыбаннай эрим номнуо кыһар балыгын, убаһатын этин, куһун-хаа­һын хаһаам­мыта ыраатта. Маҕаһыын аһын аһаабап­пыт, олохтоох бородууксуйаттан бэйэбит астанабыт. Бу күннэргэ дьиэ кэргэнинэн төгүрүччү олорон билимиэммитин илиинэн оҥорон бэлэмнээтибит. Кэргэним Степан эмиэ элбэх оҕолоох ыалга улааппыт буолан, дьиэ кэргэнин бу үгэһин аны бэ­­йэтин оҕолоругар иҥэрдэ. Ити курдук, аны оҕолорбут сиэннэрбитин кытта  бу үтүө дьыаланы салгыахтара. Харыйабыт уота күлүмүрдээбитэ ыраатта. Саҥа дьыл кэтэһиилээх кэмин кэтэһэр саастаах оҕолор­доох буолан, Кириэмил кураанын тыаһа доҕуһуоллаах ап­таах түүн саҥа  2025 сылы көрсөргө бэлэммит…

What’s your Reaction?
+1
67
+1
0
+1
0
+1
2
+1
1
+1
8
+1
5

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сылга суоппар дастабырыанньатын болдьоҕо уһаан биэрэр

2025 сылга  болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ВИДЕО. Куукула оонньуурдаах харыйа

Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр кэнники сылларга 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна

Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн күүстээх магнитнай буурҕа түстэ

Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа дьиэ үлэҕэ киириэҕэ

Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэк Мэҥэ Хаҥалас Матта сэлиэнньэтигэр…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

160-тан тахса быраас уонна биэлсэр үлэнэн хааччылыннылар

Былырыын Саха сиригэр «Земскэй быраас» уонна «Земскэй биэлсэр» бырагыраамаларынан 16 исписэлиис үлэҕэ ыытыллыбыт: 90 быраас…

6 часов ago