Саха сирин үрдүнэн Олоҥхо дэкээдэтэ буола турар. Бүгүн сэттэ чулуу олоҥхоһукка анал истипиэндьийэни туттарыллар үтүө күн үүннэ. Түгэнинэн туһанан, «Саха сирэ» хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ Чокуур Гаврильев “Сэмсэ санаа” биэриитигэр Олоҥхо тыйаатырын дириэктэрэ Мария Турантаевалыын аар-саарга аатырбыт-биллибит олоҥхобутун сайыннарыыга туох-ханнык үлэ ыытылларыттан саҕалаан биһиги эпоспытын атын омуктар хайдах ылыналларыгар, олоҥхону сайыннарыыга өссө туох былааннаахтарыгар тиийэ сиһилии кэпсэттэ.
– Үтүө күнүнэн, Мария Васильевна. Олоҥхо дэкээдэтэ саҕаланна. Быйылгы тэрээһиннэр туох сүрүн уратылаахтарый?
– Быйылгы тэрээһиммит сүрүн уратыта – Олоҥхо-экспо. Ол аата, тугу ситиспиппитин бар дьоммутугар көрдөрөбүт. “Олоҥхо үйэлээх аартыга” диэн “Арассыыйа –мин устуоруйам” мусуойга быыстапкабыт сэтинньи 18 күнүттэн ахсынньы 11 күнүгэр диэри туруоҕа. Аны Олоҥхо-экспобыт сэтинньи 25-27 күннэригэр буолуоҕа. Ити күннэргэ быыстапкалар туруохтара, дьыалабыай хабааннаах “төгүрүк остуоллар” ыытыллыахтара.
– Тыйаатыр туох уратылааҕый?
– Олоҥхо тыйаатыра – саамай эдэр тыйаатыр. Быйыл 15-с сезоммытын эрэ арыйдыбыт. Төһө да эдэрбитин иһин, олоҥхо түҥ былыргы айымньы буоларын быһыытынан, кырдьаҕас дьон курдукпут, дириҥ санаалаахпыт, бөлүһүөктүүр толкуйдаахпыт. Оннук да буолуохтаах, олоҥхо тыла-өһө, сиэрэ-туома үйэлэргэ уолбат ойбон, дириҥ байҕал буоллаҕа. Ону тэҥэ, биир уратыбыт – биһиэхэ театральнай репертуар диэн суох. Атыттар сылга баччаны-оччону көрдөрүөхтээхпит диэн барытын эрдэттэн аттаран бэлэмнииллэр. Идэ уонна үлэ быһыытынан эмиэ уратылаахпыт. Биһиги дьоммут сүрүннээн күөмэйдэринэн үлэлииллэр. Кылыһах, тойук олус элбэх сэниэни ылар, сыраны-сылбаны эрэйэр. Ол иһин, биһиги биир испэктээги икки-үс ый устата бэлэмниэхпитин сөп. Итальянскай операҕа майгынныыр эрээри, биллэн турар, көрүҥэ атын. Кытайга, Японияҕа баар кэллиэгэлэрбит “бу хайдах тойуктуугутуй? Күөмэйдэринэн ураты дорҕоону хайдах таһааралларый, ыллыылларый” диэн олус сөҕөллөр. Холобур, кинилэр эмиэ толорууга туспа ньымалардаахтар. Ол эрээри, тойуктааһын сахаларга эрэ баар. Аан дойду үрдүнэн биһиэнин курдук кылыһахтаан толоруу адьас суох.
Олоҥхо тыйаатырын тэрийэллэригэр 2008 сыллаахха Андрей Борисовтаах ити этиллибит уратыларга хайаан да болҕомтону уурбуттара чуолкай.
Сүрүн соругун туһунан этэр буоллахха, Олоҥхо тыйаатыра олоҥхону Саха сирин хас биирдии олохтооҕор тиэрдиэхтээх. Төнүннэрэр диэн этэр, арааһа, сыыһа соҕус буолуо. Төнүннэриигэ үлэлэспиттэрэ ырааттаҕа, Ойуунускай саҕаттан ити үлэ ыытылыннаҕа. Билигин олоҥхону эдэр ыччакка тиэрдии, өйдөтүү күүскэ барыахтаах. Бу олус киэҥ өйдөбүллээх үлэ, улахан эппиэтинэс.
– Ааспыт сайын Олоҥхо ыһыаҕын кэмигэр Ил Дархан Айсен Николаев олоҥхо ситимин оҥорор туһунан быһаарыныы ылыммыта. 11 улууска баар олоҥхо кииннэрин биир ситимҥэ киллэрэри ыйбыта. Ити хайдах-туох буолуохтааҕый? Ону тэҥэ, сэттэ олоҥхоһукка истипиэндьийэ бэриллиэхтээх.
– Бу саҕалааһыҥҥа биһиги тыйаатырбыт, кыра да буоллар, барытыгар кыттыгастаах. Түгэнинэн туһанан, Ил Дархан Айсен Николаевка кэлэктиип аатыттан махталбытын тиэрдэбин. Өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана олоҥхону итинник быһыылаахтык өйүүрэ бары өттүнэн көдьүүстээх. Олоҥхо дьиэлэрин биир ситимҥэ киллэрии уонна ытык-мааны олоҥхоһуттарбытыгар истипиэндьийэ анаммыта бары өттүнэн саамай сөптөөх дьаһал. Бу истипиэндьийэ бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарыллыаҕа. Маннык хабааннаах истипиэндьийэни олоҥхобут ЮНЕСКО билиниитигэр киирэрин саҕана урут үс киһиэхэ аныы сылдьыбыттара. Умнулла быһыытыйан баран, быйыл хаттаан сөргүтүллүбүтэ олус үчүгэй. Олоҥхону үйэтитиигэ үлэлии сылдьар дьоҥҥо, биһиэхэ, үөрүүлээх сонун этэ. Истипиэндьийэ туттарыллыахтаах дьоҥҥо эспиэртиир хамыыһыйа 100 бырыһыан куоластаабыта. Сэттиэн олохторун олоҥхону сайыннарыыга анаабыт дьон буолаллар.
Ситими тэрийии эмиэ олус наадалаах. Олоҥхолоох буоламмыт, Олоҥхо дьиэлэрэ хайаан да дьэндэһиэхтээхтэр. Хас улуус аайы тустаах дьиэлэр тутулуннахтарына, олоҥхоһут ахсаана элбиэ, ыччаппыт элбэххэ үөрэниэҕэ. Олоҥхоһуттарбыт айалларыгар-туталларыгар анал дьиэлээх-уоттаах буоллахтарына, киэҥ далааһыннаах сайдыы барыаҕа.
Сүрүннээн үс хайысханан үлэлиэхтэрэ. Хас биирдии улуус, хас биирдии нэһилиэк ытык кэрэ сүгүрүйэр сирдээх-уоттаах. Бу сирдэри Олоҥхо дьиэлэрэ дьаһайыахтаахтар, көрүөхтээхтэр-истиэхтээхтэр. Иккиһинэн, ыһыахтыыр сирдээхпит. Баларга сылга биирдэ ыһыахтаан баран, этэргэ дылы, эһиилгигэ диэри умнуллар. Маннык буолуо суохтаах, ыһыахтыыр сирдэрбитин-уоттарбытын көрүөхтээхпит. Үсүһүнэн, улуустарыгар баар олоҥхоһуттары киэҥ эйгэҕэ таһаарарга, үйэтитэргэ сөптөөх үлэни тэрийиэхтээхтэр. Улуустар олоҥхоһуттарын киэҥ эйгэҕэ таһаарыахтарын баҕарар буоллахтарына, ол туһунан биһиэхэ этиэхтээхтэр, хайдах-туох үлэлиэхтээх былааннарын көрдөрүөхтээхтэр. Оччоҕуна биһиги кинилэргэ көмөлөһөн бииргэ үлэлээн барабыт, испэктээккэ тиийэ туруоруохпутун сөп. Маннык үлэлииргэ уопут баар. Холобур, Нам улууһугар Петр Ядрихинскай “Дьырыбына Дьырылыатта” олоҥхотун көмөлөөн туруорбуппут. Партизан нэһилиэгэр испэктээги оонньоон көрдөрбүппүт. “Дьырыбына Дьырылыаттаны” Москваҕа, Казаньҥа, Санкт-Петербурга көрдөрбүппүт. Москваҕа “Кыһыл көмүс” мааскаҕа финалга тахсыбыппыт улахан ситиһиибитинэн буолар. Биллиилээх кириитиктэр көрөн баран, дьиҥнээх ускуустуба бу баар эбит диэбиттэрэ. Казаньҥа ыытыллыбыт түүр омуктар бэстибээллэригэр улахан кэрэхсэбили ылбыппыт. Бу олоҥхону Санкт-Петербурга театральнай олимпиадаҕа көрдөрбүппүт.
Ол аата улуустар Олоҥхо тыйаатырын кытта бииргэ үлэлээн, олоҥхоһуттарын үйэтитэллэр уонна ускуустуба үрдүкү таһымыгар тахсаллар.
– Биир хайысханы эрэ тутуһар уустук буолбатах дуо?
– Кытайдар, японецтар классическай тыйаатырдара тус-туһунан бэйэлэригэр биирдии хайысхалаахтар. Биир канону тутуһаллар. Аны ол каноннара олус былыргылар, 600-чэ сыллаахтар. Онно холоотоххо, биһиги тыйаатырбыт эдэр буоллаҕа. Ол эрээри, эһиги эдэргит диэн хаһан да туора туппаттар. Тэҥнээхтэрин курдук сыһыаннаһаллар. “Эһиги олоҥхоҕут былыргы култуураны уонна ускуустубаны илдьэ сылдьар”, – дииллэр. Кинилэр биир хайысхаларынан баар маастарыстыбаларын үйэттэн үйэҕэ чочуйан кэлбиттэр.
Биһиги тыйаатырбыт биир табыллыбыта – кини эдэригэр сытар. Тоҕо диэтэххэ, биһиги тугунан да хааччахтаммакка бэйэбитин өр көрдүөхпүтүн сөп, араас ньыманы барытын туһаныахтаахпыт. Ол эрээри, бэйэбит испитигэр каноннар эмиэ баар буолан эрэллэр. Манна, бастатан туран, тойукпут киирэр. Тойуктуурга биһиги оҕолорбут хара сарсыардаттан киэһээҥҥи диэри дьарыктаналлар. Кинилэри олоҥхоһут Никандр Тимофеев куоластарын туруоран биэрэн үөрэтэр. Уонна Степанида Борисова, Дмитрий Иванов дьарыктыыллар. Кинилэр күн аайы оҕолору дьарыктыыллар, элбэххэ уһуйаллар.
– Тыйаатыр хас үлэһиттээҕий? Эдэр артыыстар киинэҕэ кытталларын хайдах-туох сыаналыыгын?
– Билиҥҥи туругунан биһиги тыйаатырбытыгар 98 киһи үлэлиир. Мантан 45-һэ артыыс. Бу, дьиҥэр, элбэх буолбатах, аҕыйах да диэххэ сөп. Мантан 30-та тойугунан ыллыыр драматическай артыыстар, аҕыс үҥкүүһүттээхпит (“Эрэл” ансаамбыл). Ону тэҥэ, төрүт муусукабытын илдьэ сылдьааччылар “Дорҕоон тойук” бөлөхтөөхпүт уонна дьоҕус аркыастырдаахпыт. Дмитрий Хоютанов, Гаврил Менкяров, Павел Колесов, Наталья Корякина, Анастасия Алексеева уо.д.а. бары эдэрдэр. Ол иһин, эниэргийэлээхтэр, бииринэн эрэ муҥурдаммакка, элбэх хайысхаҕа холоноллор уонна онтулара ситиһиилээх буолар. Биһиги ону өйүүбүт, хааччахтыыр олох сыыһа. Үлэлэригэр мэһэйдээбэт буоллаҕына, төһө баҕарар атын хайысхаҕа ылсаллара сөп.
– Олоҥхону туруоруугутун омуктар хайдах ылыналларый?
– Бэйэлэригэр олус чугастык ылыналлар. Грецияҕа тиийэн туруорбуппутугар, былыргы гректэр курдук саҥараҕыт, оонньуугут диэн эппиттэрэ. Индияҕа тиийэн туруорбуппутугар, “Дьырыбына Дьырылыаттаны” биһиги итэҕэлбитигэр олус майгынныыр, биһиэнэ быһыылаах диэбиттэрэ. Японияҕа тиийэн “Удаҕан кыргыттары” көрдөрбүппүтүгэр, олох биһиэнэ быһыылаах дэспиттэрэ. Дьахтар аймах өссө ытаан маккыраспыттара. “Тоҕо ытыыгытый, арааһа, сөбүлээбэтэгит быһыылаах”, – диэбиппитигэр, – “төттөрүтүн олус сөбүлээтибит, тойук уонна оҕолор оонньуулларын көмөлөрүнэн утуйа сытар дууһабыт кылын таарыйдыгыт”, – диэн сөҕөн-махтайан эппиттэрэ. Арассыыйа да, аан дойду да таһымнаах бэстибээллэргэ кыттан, олоҥхобутун көрдөрдөхпүтүнэ, бэйэлэрин киэнин курдук чугастык ылыналлара олус дьикти.
– Олоҥхонон киинэ устар былааннааххыт дуо?
– Бу биһиги ыра, баҕа санаабыт. Платон Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхото адьас бэлэм сценарий сылдьар. Этэргэ дылы, күн сарсыҥҥыттан даҕаны киинэни устан саҕалыахха сөп. Ол эрээри, биир курдук олоҥхонон ыллыбыт да киинэ устар уустук суол. Аһара улахан буолан, биир киинэҕэ батарар ыарахан. Холобур, “Игра престолов” диэн киинэ-сэрийээл аан дойдуга аатырда. Итинник курдук сэрийээли оҥоруохха сөбө буолуо. “Дьулуруйар Ньургун Боотур” ис хоһоонунан, сюжетынан уонна ис өйдөбүлүнэн олус үчүгэйдик сааһыламмыт айымньы, атын олоҥхолорбут эмиэ итинниктэр. Тоҕо диэтэххэ, биир сабыытыйанан эрэ муҥурдамматтар, биир айымньыга 77 абааһыны кытта киирсиилэрэ ойууланыан сөп.
Билигин омсолоох дьоруойдары көрдөрүүттэн дьон сылайда. Онон билигин чахчы Дьоруойдары көрдөрөргө дьулуһуохтаахпыт. Манна олоҥхо бухатыыра олус чугас. Холобур, аан дойдуга киинэ оҥорооччу “Марвел” хампаанньа баар. Бу дьон комикс дьоруойдарынан бэйэлэрэ кэлин киинэ айан таһаарбыт буоллахтарына, биһиги олоҥхобут бухатыыра бары өттүнэн бэлэм персонаж.
– “Дьулуруйар Ньургун Боотуру” туруорууга генеральнай эрэпэтииссийэ буолла. Сотору дойдубут тэбэр сүрэҕэр – Москуба куоракка туруохтаах.
– “Дьулуруйар Ньургун Боотур” опера ахсынньы 6 күнүгэр Москуба куоракка туруоруллуоҕа, билиэтэ номнуо атыыланан бүппүт. Дьокуускайга ахсынньы 29 күнүгэр көрдөрүөхтэрэ. Ити операнан быйылгы сылы түмүктүөхтээхпит. Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах улахан тэрээһиннэри тэрийиигэ туох баар улахан тэрилтэлэр бары кыттыахтаахтар. Тоҕо диэтэххэ, бастакы уочарат Саха сирэ аатырар, ол тыйаатыр, бу тыйаатыр диэн араарбаттар. Бу бырайыакка Олоҥхо тыйаатыра эмиэ кыттыһа сылдьар. Опера уонна балета тыйаатыра сүрүннүүр. Хас даҕаны кэлэктиип буоламмыт дириҥ хорутуулаах, ситиһиилээх үлэ буолара чуолкай. Алампа Сопуруонап эппитинии, “Кыттыһыы – кыайыылаах, холбоһуу – хотуулаах”.
– ЮНЕСКО олоҥхону киһи аймах чыпчаал айымньытын быһыытынан сыаналаабыта. Олоҥхону өссө хайдах тарҕатар былааннааххытый?
– Биир улахан баҕа санаабыт диэн, олоҥхону былыргы курдук ылымматтарыгар, өйдөөбөттөрүгэр. Сорохтор аһара кыараҕастык өйдүүр буолан, биир киһи эрэ толоруохтааҕын курдук ылыналлар. Итинник эмиэ баар буолуохтаах. Ону ким даҕаны утарбат. Бу төрүт үгэс быһыытынан толоруу, үгэһи тутуһуу диэн. Биирдиилээн олоҥхоһуттар хас даҕаны куолаһынан арааран үрдүк таһымнаахтык толороллоро биһирэнэр, сыаналанар.
Олоҥхону сайыннарыынан, ону үөрэтиинэн Олоҥхо тыйаатыра уонна Олоҥхо ассоциацията эрэ дьарыктаныа суохтаахтар. Туһааннаах эрэ дьон дьарыктаныа суохтаахтар. Олоҥхо, олоҥхо кинигэлэрэ, олоҥхо быластыыҥкалара хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ баар буолуохтаахтар. Биһиги олоҥхону билэрбитинэн, ону ааҕарбытынан киэн туттуохтаахпыт.
Арассыыйа таһымыгар матырыйаалынайа суох култуураны өрө тутууга аналлаах сокуон курдук биһиэхэ эмиэ тахсара буоллар диэн санаалаахпын. Аҥаардас реестринэн эрэ муҥурданар сыыһа, ити ыыра кыараҕас. Киэҥ соҕустук барыан наада, онон итиннэ сөптөөх сокуон баара ордук этэ.
Олоҥхону сайыннарыыга, үйэтитиигэ креативнай индустрия ылсара буоллар диэн баҕа санаалаахпыт. Аҥаардас биир эрэ киинэни оҥорон, аан дойдуга биллиэххэ-көстүөххэ сөп. Барытын сөпкө тайаннахха, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр элбэх үбү-харчыны киллэриэххэ сөп этэ. Маны олоххо киллэриигэ бары кыттыһыахтаахпыт, соҕотох тэрилтэ хайдах да кыанар кыаҕа суох. Култуураҕа сыһыаннаах тэрилтэлэр бары кыттан ылсарбыт буоллар, дьэ, тыас таһаарыах этибит.
Түмүккэ Мария Турантаева ааҕааччыларга доруобуйаны, санаабыттарын барытын ситиһэллэригэр, дьолу-соргуну баҕарда: “Күннээҕи сыраҕытын халтайга ыытымаҥ. Бэйэ-бэйэни куһаҕаннык саҥарсымаҥ. Хас биирдии киһи бэйэтин эрэ иннин көрүммэккэ, дойдутун, дьиэ кэргэнин, инники кэнэҕэскитин туһугар үлэлиэхтээх-хамныахтаах».
Бэлэмнээтилэр: Чокуур Николаев, Александр Тарасов
Арассыыйа тимир суоллара (АТС) Кытайы уонна КНДР-ы кытта пассажирдары тиэйиини сөргүтэллэр. Бу туһунан АТС пресс-сулууспата…
Бүгүн СӨ Бырабыыталыстыбатын 2 дьиэтигэр "Конституция -- Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин…
«Арассыыйа – мин устуоруйам» историческай пааркаҕа «Кино в службе Отечества» бэстибээл чэрчитинэн «Дьиэбэр барабын» киинэни…
Балбахов Виссарион Дмитриевич, үйэ чиэппэрэ кэм устата Хоту сиргэ таһаҕаһы таһыыга эҥкилэ суох үлэлээбит Арассыыйа Федерациятын…
Дьокуускай полициятыгар Лермонтов уулуссатыгар баар комиссионнай маҕаһыын бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Кини маҕаһыынтан 6 тыһ.солк. суумалаах…
2024 сыл 11 ыйын түмүгүнэн Саха сиригэр 45 мөлүйүөн туонна чох хостоммут. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн…