Салгыы
Мария Турантаева: «Владимир Путин култуураны өйүүр салайааччы»

Мария Турантаева: «Владимир Путин култуураны өйүүр салайааччы»

27.12.2023, 19:00
Бөлөххө киир:

Саҥа дьыл иннинээҕи түбүк саҕана култуура диэйэтэллэригэр үлэ күөстүү оргуйар кэмэ.  “Олоҥхо” национальнай тыйаатырын салайааччыта Мария Турантаева эмиэ үлэ үгэнигэр сылдьар. Хас биир биирдии күнэ мүнүүтэтигэр тиийэ былааннанан сылдьар. Ол да буоллар, мунньахтар быыстарыгар түгэн булан, кини Владимир Путины өйүүр илии баттааһыны хомуйар пууҥҥа сылдьан ааста.

Мария Турантаева бэлиэтииринэн, патриот киһи билигин үлэлии сылдьар бэрэсидьиэҥҥэ илии баттаан, бэйэтин  иэһин толоруохтаах.

«Мин санаабар, Владимир Путин – нация лиидэрэ. Кини норуот төрүт үгэстэрин, сыаннастарын, култууратын өрүү өйүүр. Соторутааҕыта Владимир Путин ыччаты сиэрдээх духуобунаска иитиигэ туһуламмыт ыйаахха илии баттаабыта. Быһа эпиир кэмигэр эрэгийиэннэр брендэлэрэ наадатын эппитэ. Владимир Путины култуураны өйүүр салайааччы. Онон, биллэн турар, мин кинини хандьыдаат быһыытынан өйүүбүн», диэн бэлиэтээтэ Мария Турантаева.

Дьон күн аайы илии баттааһыҥҥа көхтөөхтүк кэлэн кыттыһар. Бэҕэһээ 200 кини кэлэн өйүүллэрин биллэрбиттэрэ. Владимир Путин быыбарга хандьыдаатынан туруутугар илии баттааһыны хомуйууга “Арассыытааҕы норуот фрона” хамсааһын көҕүлүүр. Ыччаттар аналлаах үөрэҕи (инструктаж) баран, дьону кытта олохтоохтук үлэлэһэллэр.

Пуун «Столица» эргиэн дьиэтин бастакы этээһигэр маннык аадырыска баар: Ленин уул., 16. Күн аайы 10.00-тан 20.00 диэри үлэлиир.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: