Мария Винокурова-Мааны Маарыйа: «Ытык иэс»
24.10.2022, 13:47
Бөлөххө киир:
“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
Куонкуруспут 45-с кыттааччыта Чурапчы Кытаанаҕыттан Мария Винокурова-Мааны Маарыйа:
Ытык иэс
Күн бүгүн эмискэ тирээтэ
Дойдугун көмүскүүр ытык иэс.
Аҕынныҥ эн буойун эһээҕин.
Санааҕар кинилиин кэпсэтиэҥ.
Хараҥа сабардыыр кэмигэр
Туохтан да толлубат майгылан.
Хайдахтаах да дьулаан күннэргэ
Эн дойдуҥ туһугар туруулас.
Кыһалҕа эрэйэр сыраны.
Кыһын да ириэҕэ кыралаан.
Хомпоруун хотойдуу сананан,
Кыайыыны-хотууну ыралаа.
Халлааҥҥа сулустаах кэриэтэ
Бэйэҕэр эрэллээх буолаар дуу.
Киэҥ Ийэ дойдубут эрэлэ
Буоллун дуу эйиэхэ төһүү күүс.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: