Салгыы
Мария Захарова: «Биһиги үлэбит тумус тиэмэтинэн килиимэт уларыйыыта буолар»

Мария Захарова: «Биһиги үлэбит тумус тиэмэтинэн килиимэт уларыйыыта буолар»

10.03.2023, 10:53
Мария Васильева хаартыската, СИА.
Бөлөххө киир:

Арассыыйа Тас дойдулар дьыалаларыгар министиэристибэтин дьиҥ таһымнаах бэрэстэбиитэлэ Мария Захарова кулун тутар 9 күнүнээҕи тас бэлиитикэ билиҥҥи боппуруостарыгар анаабыт брифинигэр  Дьокуускайга кулун тутар 22-24 күннэригэр ыытыллыахтаах килиимэт уларыйыытыгар уонна ирбэт тоҥ ириитигэр туһуламмыт научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ тохтоото.

Кини бу тэрээһин Арассыыйа Арктика сэбиэтигэр 2021-2023 сылларга бэрэссэдээтэл буолбут былаанын чэрчититинэн килиимэт уларыйыыта экэниэмикэҕэ дьайыытыгар сөп түбэһэр практическай уонна наукаҕа олоҕурбут быһаарыныылары көрдөөһүҥҥэ туһуланыахтааҕын бэлиэтээтэ.

Дипломат бэлиэтииринэн, ирбэт тоҥ ириитэ экэниэмикэҕэ уонна Арктика экотиһигэр уустук боппуруостары үөскэтэр. “Биһиги дойдубут 65 % хотугу эргимтэҕэ баарын санатар тоҕоостоох, маныаха РФ Бэрэсидьиэнэ бэлиэтииринэн, Арассыыйаҕа глобальнай итийии тэтимэ планета үрдүнэн ортотунан ыллахха 2,5 төгүлүнэн үрдүк. Онон дьиэлэр-уоттар, инженернэй инфраструктура эбийиэктэрэ грунт хамсааһыныттан кутталга киирэллэр”, — диэтэ Захарова.

Брифинг кэмигэр Мария Захарова кэмпириэнсийэни ыытыы миэстэтэ түбэһиэх талыллыбатаҕын бэлиэтээтэ. “Саха сирэ – 3 мөл квадратнай килэмиэтир иэннээх аан дойдуга бөдөҥ эрэгийиэн,  өрөспүүбүлүкэ сирин-уотун 40 быр. кэриҥэ полярнай эргимтэҕэ сытар. Дьокуускай – ирбэт тоҥҥо сытар аан дойду бөдөҥ куората. Өрөспүүбүлүкэҕэ 2018 сылтан “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ирбэт тоҥу харыстааһын туһунан” эрэгийиэн сокуона үлэлиир. Уонна “Ирбэт тоҥу көдьүүстээхтик туһаныы уонна харыстааһын туһунан” федеральнай сокуон торумнаммыта. Эрэгийиэҥҥэ аан дойдуга соҕотох Ирбэт тоҥу үөрэтэр институт баар. Бу Институт базатыгар криохранилищеҕа сиэмэлэри харайыы уопута түмүллүбүтэ, ити түмүгэр Арассыыйа сиэмэҕэ саппаас пуондатын харайыыга туһаныллыан сөп”, — диэтэ кини.

Арассыыйа МИД дьиҥ таһымнаах бэрэстэбиитэлэ пресса болҕомтотун Арктикаҕа килиимэт уларыйыытын түмүгэр бу эрэгийиэҥҥэ чугастааҕы уон сылга суудуна сырыытыгар саҥа кыахтар арыллыахтарыгар, сир баайын хостооһун быдан барыстаах буолуутугар уонна Заполярьеҕа үгүс дойдулар интэриэстэниэхтэрин сөбүгэр туһаайда. “Ол эрээри арҕааҥҥы дойдулар бу эрэгийиэҥҥэ бииргэ үлэлээһинтэн туора тура сатыыллара кутталы үөскэтэр”, — диэн бэлиэтээтэ кини.

Кэмпириэнсийэҕэ Арассыыйаттан, КНР-тан, Индияттан, Казахстантан  уо.д.а. 200 тахса эспиэр кыттыаҕа, диэтэ Мария Захарова. “Арҕааҥҥы Арктика судаарыстыбаларын көҕүлээһининэн Арктика сэбиэтин толору хайысхалаах үлэтэ тохтообутун да үрдүнэн, Саха сиригэр ыытыллар кэмпириэнсийэ үлэтэ килиимэт уларыйыытын тиэмэтэ Арктикаҕа ыытар тумус тутуллар хайысхабытынан буоларын кэрэһилиэҕэ”, — диэн түмүктээтэ этиитин Арассыыйа МИД дьиҥ таһымнаах бэрэстэбиитэлэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: