Марк Лиханов биэлэрин кыһыннары аппараатынан ыыр
Бу күннэргэ Хаҥалас улууһун Өктөмүгэр биэлэри кыһыннары ыылларын туһунан бэрт сэргэх сонуну иһиттибит. “Улахан алаас” бааһынай хаһаайыстыбатын баһылыга Марк Лиханов, кырдьык, сайыннары-кыһыннары биэни ыаһынынан дьарыктанар эбит.
Кини 2002 с. тэрийбит бааһынай хаһаайыстыбатыгар 100-чэкэ төбө сыспай сиэллээҕи уонна уонтан тахса хороҕор муостааҕы иитэр. 2007 сылтан ыла кымыс оҥорон, кымысчыт быһыытынан эмиэ биллэр. Оҥорбут кымыһын бэйэтин дьиэ кэргэнинэн сөбүлээн иһэр буолан, бу утах эмтиир суолтатын бэркэ билэр. Ол иһин бу төрүт дьарыгы ыһыктыбакка, бу күннэргэ диэри оҥорон кэллэ. Бородууксуйатын Дьокуускайга оҕо сэллигин эмтиир сонотуоруйга туттара сылдьыбыт. Сонотуоруй хамсык кэмигэр сабылла сылдьан баран, быйылгыттан саҥа үлэлээн эрэринэн, эһиилги сылтан эмиэ оҕолор доруобуйаларын тупсараары кымыһынан хааччыйар баҕалаах.
— Биэлэрбин кыһыннары-сайыннары ыыбын. Кыһын 4-5, сайын уонтан тахса биэни ыыбын. Билигин үстэ-түөртэ ыы сылдьабын, күнүттэн көрөн. Бэйэҕит билэҕит, тыа дьонугар түбүк-садьык элбэх. Кыстык бэлэмэ, от тиэйиитэ, сүөһү көрдөөһүнэ. Бу хаартыскаларга көрөргүт курдук, икки сылтан бэттэх ыыр аппарааты туһанабын. Ону, хата, биэлэрим кулунчук эмэрин курдук санаан, илиинэн тардан ыырдааҕар астынар курдуктар. Туймаада ыһыаҕын кэмигэр ыытыллар “Кымыс – айыы аһа” күрэхтэһиигэ үс сыл субуруччу бастаан, 300-түү тыһыынча солкуобайынан наҕараадаламмытым. Бу күрэхтэһиини бастаан Туймаада ыһыаҕар Айсен Николаев мээринэн үлэлии сылдьан саҕалаабыта, онтон салгыы “Туймаада” агрохолдинг генеральнай дириэктэрэ Петр Ефремов иилээн-саҕалаан тэрийэр. Былырыын кымыс оҥорор сыах дьиэтин туттубутум, быйыл сыахпын үлэҕэ киллэрдим, — диир Марк Прокопьевич.
Сыаҕын оҥороору 750 тыһ. солкуобайы коункуруска киирсэн, ылбыт. Сэндвич-панелынан оҥорбут. Быйыл саас ыам ыйыгар үлэҕэ киллэрбит.
Киһи кэрэхсиирэ диэн, кымыһы оҥорууга дьиэ кэргэнинэн ылсар буолан, бары көмөлөөн үлэлииллэр. Ол курдук, сыаҕы быйыл 10 кылааска үөрэнэ киирбит сиэнэ кыыс салайбыт, көрбүт-истибит. Эһээтэ этэринэн, кыысчаан кымыһы булкуйааһын үлэтин толору баһылаабыт. Тоҕо диэтэххэ, төһөнөн элбэхтик булкуйаҕын да, кымыс түргэнник кыынньар эбит. Атын сиэннэрэ биэлэри аппараатынан ыырга көмөлөспүттэр, онон оттооһун былдьаһыктаах күннэригэр эһээлэрин абыраатахтара аҕай.
— Дойканан биэни ыаһын туһунан интэриниэккэ көрөөччүбүн. Онно башкирдар, казахтар итиник ыы сылдьааччылар. Базабытыгар сарай туттубуппут хас да сыл буолла. Сарай иһигэр сылгыны кыараҕас хааччахха киллэрэн, ыан баран, биир өттүнэн тахсалларын курдук оҥорбутум табыгастаах буолла. Туох да кирэдьиитэ суох, кымыс атыылаабыт харчыбынан туппутум, — диир хаһаайыстыба баһылыга.
Марк Прокопьевич хаһаайыстыбата сылга 5-6 туонна кымыһы оҥорор. Үрүҥ Тунах ыһыахтар кэмнэригэр 3-3,5 туонна бауолар. Үс Хатыҥ Ыһыаҕар Дьокуускай куорат дьаһалтата киниттэн 500 лиитэрэҕэ тиийэ кымыһы ылар. Кыһын араас тэрээһиннэргэ, урууларга эмиэ атыылаһаллар. Онон, тутууларын эҥин ыытан, ороскуоттарын арыый аччатан, эһиилгиттэн, дьэ, дохуокка үлэлэспит киһи диэн санаалаах.
Хаартысклары: М.Лиханов тиксэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: