Мароккоҕа күүстээх сир хамсааһына буолла
Балаҕан ыйын 8 күнүгэр, бээтинсэ киэһэ Марокко диэн дойдуга 6,8 магнитудалаах сир хамсааһына буолла. Бүгүҥҥү туругунан, 2 тыһыынчаттан тахса киһи суорума суолламмыт, 2 тыһыынчаттан тахса киһи араас эчэйиини ылбыт, олортон 1,5 тыһыынча кэриҥэ киһи ыарахан туруктаах диэн «ИнтерФакс» суруйар.
Сир хамсааһына сүрүннээн Марракеш куоракка уонна биэс провинцияҕа буолбут. Сир хамсааһынын киинэ Марракештан соҕуруу диэки 70 килэмиэтир тэйиччи, Атласскай хайаларга 11-18 килэмиэтир дириҥнээх сиргэ буолбут.
Сиэртибэ ахсаана өссө эбиллиэн сөп, тоҕо диэтэр, быыһааччылар ыраах баар, суола-ииһэ суох сирдэргэ кыайан тиийэ иликтэр. Сүүһүнэн тыһыынча киһи дьиэтэ-уота суох хаалбыт. Марокко хоруола Мохаммед VI дойдуга 3 күннээх траур биллэрдэ, саллааттартан турар быыһыыр-көрдүүр этэрээттэри тэрийэн үлэлэтэр. Бөртөлүөттэр, пилота суох көтөр тэриллэр үлэлииллэр.
Маннык күүстээх сир хамсааһынан Мароккоҕа өтөрүнэн буола илик эбит. 120 сыллааҕыта күүстээх сир хамсааһына буолбутун ахталлар. Хотугу Африкаҕа, дьиҥэ, маннык хамсааһыннар бэрт сэдэхтик буолаллар эбит. Сир иэнигэр Африканскай уонна Аравийскай билиитэлэр урут соччо хамсаабат кэриҥнээхтэр эбит, онон учуонайдар бэркэ сэрэхэчийбиттэр. Күүстээх сир хамсааһынын кэнниттэн өссө атын хамсааһыннар эмиэ буолуохтарын сөп диэн сэрэтэллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: