Марта Абера: “Сыстыганнаах ыарыылары бэйэҕит эмтээмэҥ”
Дерматовенеролог-быраастарга үксүгэр ыйытыылары төлөпүөнүнэн биэрэллэр. Тоҕо диэтэххэ, ыйытыылар тустаах киһиэхэ эрэ сыһыаннаах буолаллар. Элбэх киһи исписэлиискэ суруйтара сатаабат. Дьиҥэр, быраас бэйэтэ көрөн-истэн баран сүбэ-ама биэрэрэ туһалаах уонна түмүктээх буолар.
Биһиэхэ бүгүн СПИД-ы уонна сыстыганнаах ыарыылары сэрэтэр уонна охсуһар өрөспүүбүлүкэтээҕи киин дерматовенеролог-бырааһа Марта Абера элбэхтик бэриллэр уонна “табыгаһа суох” ыйытыыларга хоруйдуур.
-Дьон үксэ: “Эр киһи уонна дьахтар бэрээдэгэ суох быһыыларыттан бэриллэр ыарыыларга (ЗППП) атын дьон малыттан-салыттан сыстыахха сөп дуо?” — диэн ыйытар. Холобур, ыалдьыбыт киһи сотторун туһанан, саунаҕа, дуушка эбэтэр баанньыкка сылдьан.
— ЗППП үксүгэр эр киһи уонна дьахтар бэрээдэгэ суох сыһыаныттан ыалдьаллар. Ол иһин, сыстыганнаах ыарыы диэн ааттанар. Тус туһанар малтан ыарыы сыстыыта отой сэдэх буолар, чуолаан сифилискэ.
Биһиэхэ, дерматовенерологтарга, гонорея, урогенитальнай хламидиоз, урогенитальнай микоплазмоз ыарыылаахтар кэлэллэр.
-ЗППП сибикилэрэ ханныктарый?
-Хомойуох иһин, ЗППП “бэйэтин биллэриэ суоҕун”, ол эбэтэр туох да сибикитэ суох буолуон сөп. Ыалдьыбыт дьон инфекцияны тарҕатааччы буолбуттарын билбэттэр (холобур,
хламидиоз, киһи папилломатын вируһа, боростуой герпес вируһа). Онон, харыстанар сириэстибэтэ суох мээнэ сылдьыспыт киһи ЗППП хайаан да бэрэбиэркэлэнэригэр сүбэлиибин.
Ардыгар ыарыһах сытыытык биллэрэр сибикилэргэ (араас ириҥэҕэ, быһыта тыытар ыарыыга) болҕомтотун уурбат уонна мэдиссиинэ көмөтүнэн туһаммакка, бэйэтэ эмтэнэ сатыыр. Аптыакаттан олох да көмөлөһөр кыаҕа суох эмтэри атыылаһар. Маннык түбэлтэҕэ инфекция туох да сибикитэ суох хроническай көрүҥэр кубулуйуон сөп. Онон, бэйэ эмтиэкэлэммэккэ, бырааска кэлэн көрдөрөргө сүбэлиибин.
— Өскөтүн киһи этигэр-сиинигэр баас, холобур, мэҥ курдук кыһыл туочукалар тахсаллара сыстыганнаах ыарыы бэлиэтэ?
— Киһи тириитигэр сыстыганнаах да, сыстыгана да суох ымынах тахсыан сөп. Дерматологияҕа дерматит уонна хроническай дерматоз элбэх. Оннук биир тарҕаммыт ыарыынан псориаз буолар.
Кыһыл туочукалар тустарынан эттэххэ, ангиомалар, хаан сүрэр тымырдартан турар куттала суох баас буолуон сөп. Кинилэр үөскүүр төрүөттэрэ элбэх. Онуоха тирии төһө кыһыйарыгар, хайыта барарыгар, кээмэйэ төһө уларыйарыгар, өҥүгэр болҕомто ууруохха наада. Ити сибикилэр баар буоллахтарына, дерматологка көрдөрөн саҕалыахха наада. Быраас буортута уонна ыарыыта суох ньыманан – дерматоскобунан көрөн быһаарар. Өссө төгүл этэбин: өскөтүн ымынах таҕыстаҕына, дерматолог-бырааска көрдөрүнүҥ. Норуот сириэстибэлэрин туһанымаҥ уонна араас сүбэлэри истимэҥ. Ханнык баҕарар ыарыыны тута бырааска кэлэн көрдөрдөххө, түргэнник үтүөрүөххэ сөп.
Чэгиэн буолуҥ, бэйэҕитин харыстааҥ.
СПИД-ы уонна сыстыганнаах ыарыылары сэрэтэр уонна охсуһар киин пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: