Салгыы
Мас олордон, туһалаах аахсыйаҕа кытынныбыт

Мас олордон, туһалаах аахсыйаҕа кытынныбыт

18.10.2024, 18:45
Хаартыска: ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугун бары үөрэнээччилэрэ «Маста олорт» аахсыйаҕа кыттан, сүүһүнэн маһы олортубут.

Нэһилиэк дьаһалтатын леснигэ  Ньургун Васильевич Татаринов кэлэн оскуола таһыгар олордор сирдэрин бэлэмнииргэ көмөлөстө.

Маҥнайгы кылаастан саҕалаан бу аахсыйаҕа көхтөөхтүк кытынныбыт. Кыра кылаастарга учууталлар, улахан кылаас оҕолоро үөрэ-көтө көмөлөстүлэр. Хас биирдии үөрэнээччи олордубут маспытын көрө-истэ эрэ сырыттахпытына, үчүгэйдик үүнүөхтэрин сөп. Урут биһиги Харбалаахпыт хатыҥ чараҥ быыһыгар тутуллубута. Онон көҕөрдүү үлэтэ сылын аайы көхтөөхтүк ыытыллара олус наадалаах.  Бу аахсыйаны биология уонна география учуутала Диана Егоровна Соломонова көҕүлээн тэрийдэ.

Лейла НИКОНОВА

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
5 декабря
  • -29°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: