Салгыы
«Мас олортум, уол оҕону улаатыннардым, дьиэ туттум…»

«Мас олортум, уол оҕону улаатыннардым, дьиэ туттум…»

25.11.2024, 19:15
Хаартыска: Татьяна Максимова-Лазарева тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

 Бу мин суруйаары олорор ыстатыйам дьоруойа чахчы ыстатыйа аатыгар толору барсар олоҕу олорон аастаҕа.

“Биирдэ бэриллэр олоххо киэҥник хардыылаан, ыһа-тоҕо аһаан-сиэн олоруохха буоллаҕа” дэһэллэр сорохтор. Онтон мин дьоруойум оҕо сааһыгар аһыыр-аһаабат, таҥнар-таҥныбат ыккардынан сылдьан 7 кылааһы ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. Ол сырдыкка талаһыыттан, үөрэххэ дьүккүөртэн таҕыстаҕа.

Дьэ кырдьык да дьүккүөрдээх, санаабытын толорор, сыалын ситиһэр, үлэни үҥэр таҥара оҥостубут киһи эбит Полятинскай Николай Иванович.

“Кыра оҕо эрдэхпиттэн учуутал буолар баҕа санаам олус улахан этэ. Оҕо сааспыттан тыа сиригэр учууталлар эрэ үчүгэйдик таҥнан, аһаан, кырааскалаах муосталаах дьиэҕэ олорор курдук этилэр. Арааһа олоххо тардыһыы онтон саҕаламмыта буолуо» диэн Николай Иванович бэлиэтээһиннэриттэн ааҕабын.

Николай Иванович 1953 сыллаахха Кэбээйи оскуолатын 7-с кылааһын бүтэрэн баран сайын биир сиидэс ырбаахылаах, мас чымадааннаах бөһүөлэктэн 35 км тэйиччи сытар Ойуун Уҥуохтаах учаастагар сатыы барар. Онтон Таас Тумуска диэри оҥочонон эрдинэн, салгыы куораттыыр суолу тобулан үөрэххэ барбытын ахтар. Ол кэннэ анаан-минээн, сыал-сорук оҥостон иһэр сиригэр Чурапчытааҕы педучилищеҕа үөрэххэ киирэр. «Кэбээйи Ломоносова” диэн ааттыахпын баҕаран кэллим бу дьаныардаах Николай Ивановиһы.

Маннык талаһан барбыт киһи үөрэҕэр да уһулуччу көрдөрүүлэри ситиһэр. Спортсмент бэрдэ, активист ааттааҕа, госэксээмэннэри барытын биэскэ туттаран, 1957 сыллаахха учуутал идэтин баһылаан, үөрэхтээх уол буолан төрөөбүт сиригэр төннөр. Дьэ итинтэн ыла Николай Иванович Полятинскай хоннохтоох үлэтэ саҕаланар.

Үлэһит киһи үлэни булан үлэлиир. Үлэ суох диэн баран быар куустан олоруу мин ыстатыйам дьоруойугар олох сөбө суох. Кини ханна да бардын, ханнык да дуоһунаска сырыттын, үлэ кинини бэйэтэ булар эбэтэр үлэни кини бэйэтэ булар. Үлэ уонна Николай Иванович быстыспат ситимнээхтэр диэтэхпинэ сыыспатым буолуо.

Ол курдук Тыайа оскуолатыгар учууталынан киирэр. Онтон салгыы Кэбээйи, Тыайа, Сиэгэн-Күөл оскуолаларыгар учууталынан, үөрэх чааһын сэбиэдиссэйинэн, Тыайа, Сиэгэн оскуолаларын дириэктэрдэринэн — барыта 26 сыл үөрэхтээһин эйгэтигэр үлэлээбитэ.

“Кэбээйи орто оскуолатыгар олус ирдэбиллээх дириэктэр Эверстов Е.Е. салайыытынан таһаарыылаахтык үлэлээбиппит. Ити сылларга бу оскуола үрдүнэн базовай методическай киин, бастакынан кабинетнай систиэмэ киирбитэ. 1965 с. үлэлии сылдьан, СГУ кэтэхтэн үөрэнэммин экзамеммар биир эрэ түөртэнэммин үрдүк үөрэҕи бүтэрбиппин киэн тутта саныыбын» диэн Николай Иванович салгыы суруйар.

Ити сылларга Тыайа оскуолатыгар дириэктэрдии олорон, оскуоланы Харыйалаахтан көһөртөрүүнү саас муус устартан саҕалаан баран, күһүн үөрэх аһыллыытыгар бүтэттэрэн киллэрбитэ. Бу улахан үлэ этэ. Сиэгэн-Күөлгэ дириэктэрдии сылдьан, 2 этээстээх оскуоланы туттарар. Онтон Кэбээйигэ оҕолор производственнай базаларын, оскуола салҕааһынын эр дьон учууталлар субуотунньуктаан туталларыгар сүрүн киһинэн сылдьыбыта.

«Онтон 1980 сыллаахха нэһилиэк сэбиэтин бэрэсэдээтэлинэн талыллан үөрэх эйгэтиттэн тэйбитим. Ити дуоһунаска өр үлэлэппэтэхтэрэ. 1981 сыллаахха партия райкомун уурааҕынан Кэбээйи отделениетын управляющайынан анаабыттара. Бу үлэбэр икки түгэни өйдүүбүн» диэбит Николай Иванович.

Дьэ ол туох түгэннэр эбиттэрий? Бу түгэннэри өр сылларга Кэбээйи райпотыгар бииргэ үлэлээбит кооперация туйгуна Ылдьаа Ылдьыыс Ээбэрэстэп ахтар: «Ити сыл сайыныгар Николай Иванович оттооһуҥҥа күүскэ үлэлэһэн өтөрүнэн оттоммотох от кыстыкка бэлэмнэниллибитэ. 4000 туонналаах кирбиини ылан рекорд олохтоммута. Ити рекорды кэнники ким да сиппэтэҕэ. Ити сыл массыына фондатынан наҕараада кэлбитэ».

Онтон иккис түгэммит туохханый? «Иккиһинэн, Сүрэх ферматыгар мин ананан барарбар саас ынахтар маассабай охтуулара буола турара. Онно 38 ынаҕы истэриттэн ыйаан туран балык хааһытынан аһатан быыһаабыппыт. Ынахтар ыраннар атахтарыгар уйуттубат этилэрэ. Былыр Тыайаҕа холкуоска ырбыт сүөһүгэ балыгы сиэтэллэрин көрөр этим. Ол ньыманы туттан ынахтарбытын күөххэ этэҥҥэ үктэннэрбиппит» диэн дьоруойум суруйбут.

Ити кэнниттэн 1986 сыллаахха “Мясокомбинат” тэриллэр. Николай Ивановиһы бу тэрилтэ  дириэктэринэн анаабыттара. Саҥа тэрилтэни тэрийии биһиги оройуоммут усулуобуйатыгар олус уустук, түбүктээх, улахан эппиэтинэстээх. Сайыҥҥы куйааска тутуллубут эт, үүт аһылыкка отделениелар аайы булуустар наадалара. Ону таһынан сүөһүнү, табаны өлөрөн астыыр буойуналар, харайар ыскылааттар ирдэниллэллэрэ. Манна нэһилиэктэр аайы үлэһиттэри булуу элбэх сыраны-сылбаны эрэйэрэ. Дьэ маннык ыарахан сорудаҕы Николай Иванович эрэ кыайар кыахтааҕын билэн партия сорудахтаабыта. Николай Иванович ити тургутууну бэркэ ааспыта.

Ити кэнниттэн 1990 с. Кэбээйи оройуонун райпотын бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлинэн талбыттара. Сотору сэбиэскэй былаас эстэн, 1993-1998 сс. райпоҕа биир да киилэ таһаҕас кэлбэт буолбута.

«Барытыгар бэйэбит сүүрэн-көтөн тэрилтэни өрүһүйэр, нэһилиэнньэни 13 сүрүн табаарынан хааччыйар сорук турбута. Бу сорудаҕы биһиги коллективпыт чиэстээхтик толорон өрөспүүбүлүкэҕэ, Арассыыйаҕа икки төгүл бастыҥ үлэлээх тэрилтэҕэ кубулуйбута. Бу үлэбэр 2002 сылга диэри үлэлээн бараммын биэнсийэҕэ барбытым» диэн суруллар Николай Иванович бэлиэтээһинигэр. Николай Иванович бэрэсэдээтэллии олорон, хос нэһилиэк баһылыгынан талыллан үлэлээбитэ.  «Нэһилиэк баһылыгынан олорон таас оскуола бырайыагын оҥорторбутум. Уопсайынан эттэххэ, 45 сыл устата бэрт элбэх тутууну, олорор дьиэлэри, оскуолалары, хонтуоралары, хочуолунайдары туттарбытым. Ити барыта бэйэм төрөөбүт улууспар, Кэбээйим бөһүөлэгэр оҥоһуллубуттара.

Олохпун эргитэ санаан көрдөхпүнэ бэйэбин дьоллоох киһинэн ааҕынабын. Ыраас тапталынан Мария Тихоновналыын ыал буолан 50-н тахса сыл бииргэ олорон, 5-с оҕону төрөтөн, барыларын үрдүк үөрэхтээн, ыал гына тэрийэн атахтарыгар туруордубут» диэн салайааччы бастыҥа бэлиэтээһинин түмүктээбит. Бу бэлиэтээһиннэр  2010 сыллаахха суруллубуттар.

Дьэ бу буолар үлэттэн дьоллонуу, Үлэ Киһитэ үрдүк ааты сүгүү.

Мин Николай Иванович аата-ахсаана биллибэт наҕараадаларын, бэлэхтэрин-туһахтарын аахпаппын. Ол муҥура көстүбэт элбэх.

Мин кинини үлэһит, дэҥҥэ көстөн ааһар чулуу салайааччы быһыытынан сырдаттым.

Татьяна Максимова-Лазарева.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
25 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: