Мас-рестлиҥҥэ аан дойду чөмпүйүөнээтэ ыытыллара аҕыйах күн хаалла. Бу туһунан «Триумф» успуорт киинэ суруйар.
Улахан күрэхтэһии Бишкек куоракка сэтинньи 29 күнүттэн ахсынньы 1 күнүгэр диэри буолуоҕа. Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын улахан аҥаара Саха сирин мадьыналарыттан турар.
Билиҥҥи туругунан спортсменнар Парамоновоҕа бааллар, онно Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын кылаабынай тириэньэрэ Николай Константинов салайыытынан үөрэтэр-эрчиллэр сборга сылдьаллар.
Хамаанда састааба Арассыыйа чөмпүйэнээтин түмүгүнэн талыллыбыта. Онон аан дойду чөмпүйүөнээтигэр Дмитрий Саввины, Сергей Константиновы, Дмитрий Попову, Иван Галкины, Наталья Черноградскаяны уонна Махинур Абдузойированы көрүөхпүт диэн @triumphsakha иһитиннэрэр.
Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын састааба: Артур Жирков (60 кг диэри), Дмитрий Саввин (65 кг диэри), Сергей Константинов (70 кг диэри), Василий Захаров (75 кг диэри), Андрей Винокуров (80 кг диэри), Егор Атласов (90 кг диэри), Дмитрий Попов (105 кг диэри), Иван Галкин (125 кг диэрт), Евгений Попов (125 кг үөһээ).
Дьахталлар: Наталья Черноградская (55 кг диэри), Норайаана Трофимова (65 кг диэри), Алина Алексеева (75 кг диэри), Махинур Абдузойирова (85 кг диэри), Светлана Тихонова (85 кг үөһээ).
Бүгүн, сэтинньи 22 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар 49 кыраадыска тиийэ тымныйара күүтүллэр диэн УГМС…
ХОЙ Дьону кытта тапсар, уопсай тылы булар кэмиҥ. Элбэх соруктары туруоруммуккун, олоргун ситиһэ сатаа. Сүрэҕэлдьиири…
Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…
Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…
Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…
Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…