Билигин сылаас кэмнэри баттаһан, үгүс дьон дьиэ-уот туттар. Дьон үксэ ханнык тутуу матырыйаалларын, төһө сыанаҕа атыылаһыахтарын сөбүн туһунан “АЛМАС” тэрилтэҕэ уонна Тутуу ырыынагар сылдьан билистим.
Саха сиригэр биир саамай биллэр тутуу матырыйаалын оҥорон таһаарыынан дьарыктанар тэрилтэ “АЛМАС” буолар. Хампаанньа 267 883 гектаар сири арыандаҕа ылан, бэйэтэ маһы кэрдэн, бэлэмнээн оҥорон таһааран сыл аайы хото атыылыыр. Холобур, былырыын тэрилтэ уопсайа 50 тыһ. куб. миэтэрэ тутуу матырыйаалын бэлэмнээбит.
“Биһиги бэс уонна тиит мастартан бэлэм тутуу матырыйаалын оҥоробут. Бэйэбит собуоттаахпыт, тэриллээхпит, саҥа тиэхиньикэлээхпит. Буруус, хаптаһын, шпунт уо. д.а. бородууксуйаны бэлэмниибит. Биллэн турар, дьон саамай атыылаһар матырыйаалларынан буруус уонна хаптаһын буолар. Ордук бэһи талаллар — көстүүтэ үчүгэй, чэпчэки ыйааһыннаах, хайыта барбат. Онон өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн атыылаһааччылартан 80–90%-нара бэстэн оҥоһуллубут тутуу матырыйаалын атыылаһаллар. Тиити ордорооччулар эмиэ бааллар”, — диэн “АЛМАС” тэрилтэ оҥорон таһаарыыга уонна атыы-эргиэн отделын начаалынньыга Андрей Новоприезжай быһаарда.
Ол курдук, билигин үчүгэй хаачыстыбалаах (1–3 суорт) 180*180 мм буруус биир куб. м 24 тыһ. солк. атыыланар. Оттон хаачыстыбата арыый мөлтөх матырыйаал (4 суорт) 20 700 солк. тэҥнэһэр. Тиит мастан оҥоһуллубут үчүгэй хаачыстыбалаах 180*180 мм буруус биир куб. м 20 700 солк., оттон төрдүс суорт 18 400 солк. атыыланаллар. Биэс-алта миэтэрэлээх бэс хаптаһын биир куб м сыаната 23 тыһ. солк. (4 суорт киэнэ 20 700 солк.), тиит хаптаһын 19 800 солк. (4 суорт — 17 100 солк.) буолан турар.
“Билигин күн аайы атыы бара турар. Чааһынайдар эрэ буолбакка, тэрилтэлэр эмиэ көхтөөхтук атыылаһаллар. Эппитим курдук, 180*180 мм бурууһу хамаҕатык ылаллар. Сүрүн атыылаһааччыларбыт тыа сирин олохтоохторо — Бүлүү бөлөхтөр, киин оройуоннар уонна Дьокуускай куорат”, — диэтэ исписэлиис.
Андрей Новоприезжай бэлиэтээбитинэн, кэнники икки-үс сылга тутуу маһын сыаната чэпчээбит. Холобур, былырыын буруус мас биир куба 27 тыһ. солк. диэри үрдүү сылдьыбыт буоллаҕына, билигин сыана түһэн турар.
“2022 сылга бэс буруус сыаната (биир кууба) 26 500 солк. этэ, оттон билигин сыана 2500 солк. намтаан турар. Сааҥсыйалар киириэхтэрин иннинэ Арассыыйа соҕуруу эрэгийиэннэрэ (Омскай уобалас, Вологда уо. д.а.) тутуу матырыйааларын Европаҕа ыыталлара. Билигин ол тохтоон, Уһук Илин диэки ыытар буоллулар. Онон сыана чэпчээтэ”, — диэн быһаарар Андрей Новоприезжай.
Кини бэлиэтээбитинэн, “АЛМАС” дьоҕус тэрилтэ буолан, тутуу матырыйаалларын сыаната дьыл кэмиттэн тутулуга суох. Кыһынын, сайынын сыана биир. Ол гынан баран, араас чэпчэтиилээх аахсыйалары бырааһынньыктарга эбэтэр атын ураты күннэргэ тэрийэллэр.
Исписэлиистиин кэпсэтэн баран, аны Дьокуускай куорат Тутуу ырыынагар тиийэн сыананы уонна ханнык матырыйааллар баалларын билистим. Ол курдук ырыынак кэннигэр хаптаһын арааһын, эриэйкэлэри, ДВП-илиистэр уо. д.а. атыылыыллар эбит. Буруус маһы булбатым. Атыылааччылар этэллэринэн, атыыга баар бородууксуйа барыта бэстэн оҥоһуллубут. Иркутскай уобаластан аҕалыллыбыт. Ол курдук, 2,5–3 м уһуннаах хаптаһын биир устуукатын, ортотунан, 500 солк., 2 миэтэрэлээх 4*3 мм эриэйкэни биир устуукатын 150 солк., ДВП илииһин (2745*1700 см) устуукатын, ортотунан, 1000 солк. атыылыыллар эбит.
Роман Корякин, «Улуу Тутуук» тутуу хампаанньа биригэдьиирэ:
— Бэс уонна тиит мас тутууга саамай үчүгэй матырыйаал буолаллар. Ол курдук, бэс сымнаҕас, үчүгэйдик чочуйуллар, улаханнык быһыта барбат. Кинини устуруус-
таатаххына, маҥан дьүһүннээх буолар. Онон эркиннэри, бэрэбинэлэри, «ыраас» муостаны, этээстэри сабыыга туһанарга сүбэлиибин.
Оттон тиит ордуга диэн, кини чиҥ, бөҕө мас буолар. Ол иһин бу матырыйаалы дьиэ акылаатыгар туһаналлар. Ол эбэтэр, мас сири уонна бетоны кытта харсыһар сиригэр. Итиэннэ цокольнай сабыыга, “хара” муостаҕа уонна түннүк, аан оҥоруутугар туһаналлар.
Икки күн устата ыытыллыбыт "Бизнес-Экспо 2024" Саха сирин урбаанньыттарын, бэйэ дьыалатынан дьарыктанар дьону түмэр, көҕүлүүр…
Уус Алдан улууһугар бибилэтиэкэ тэриллибитэ 100 сылыгар, РФ Конституциятын күнүнэн С.С. Васильев-Борогонскай аатынан оройуоннааҕы киин…
Өлүөхүмэ улууһун Улахан Муҥку сэлиэнньэтигэр “Биһиги бииргэ” аһымал кэнсиэр буолла. Кэнсиэр Малдьаҕар начаалынай оскуолатын-уһуйаанын кэлэктиибин,…
2024 сыл ахсынньы 25 күнүгэр "Союз2.1б" аракыата-носитель "Байконур" космодромуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ…
Оскуола агролабораториятыттан репортаж. Кыһыҥҥы суол аһыллан, илин эҥээр бастакы командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ…
“Кимиэхэ эрэ “Сулустаах” дьиэ, кимиэхэ эрэ...” диэн кыһалҕалаах дьиэлээх-уоттаах үс оҕолоох ийэ туһунан суруйбуппут. Бу…