Мас-тардыһыыга Европа чөмпүйэнээтэ Азербайджаҥҥа буолуоҕа
Азербайджан бу сылга мас-тардыһыыга Европа чөмпүйэнээтин ыытыаҕа. Күрэхтэһии от ыйын 14–17 күннэригэр тэриллиэҕэ. Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын састааба биллэр, манна Саха сирин спортсменнара киирдилэр.
Барыта 14 ыйааһынтан Саха сирин мадьынылара дойдуну алта ыйааһыҥҥа көмүскүөхтэрэ. Хаалбыт квоталары атын эрэгийиэннэр бэрэстэбиитэллэрэ туттулар.
«Сүүмэрдээһин Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр Уфаҕа буолбута. Европа чөмпүйэнээтигэр күрэхтэһии үрүҥ көмүс призердара барар быраабы ылбыттара. Ити эрээри биир категорияҕа уларытыы киирдэ — Кабардино-Балкарияттан үрүҥ көмүс призер Аниуар Шогенов, кыайан барар кыаҕа суоҕунан, хамаандаҕа Егор Баишев киирдэ», — диэн Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын кылаабынай тренера Николай Константинов.
Ол курдук, Арассыыйа хамаандатын састаабыгар Саха сириттэн киирдилэр: Василий Захаров (75 кг), Семен Атаков (90 кг), Эрчим Баппагай (125 кг). Хамаандаҕа атын эрэгийиэн аатыттан кыттар саха спортсменнара бааллар: Егор Баишев (105 кг) Забайкальскай кыраай, Сергей Константинов (70 кг) уонна Айсен Атастыров (80 кг) Аланияттан.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: