Масаха Мэхээс: “Билиибин кэпсиир, тарҕатар сыаллаахпын”
Ыччат олох араас ирдэбилигэр киирэн, куустарыллан, сарсыҥҥытын, инникитин тосхолломмокко олороро күннээҕи көстүү буолан эрэр. Ол эрээри, ыччаты ыччат угуйар дииллэринии, социальнай ситимнэргэ Масаха Мэхээс диэн эдэр киһи саха омугун устуоруйата, култуурата хайысхалаах блогу ыытан, үгүс дьон биһирэбилин ылла.
– Мэхээс, соргу-дугуй! Кимтэн кииннээххин, хантан хааннааххын, туох үөрэхтээххин сэгэтэн кэпсиэҥ дуу.
– Туругуруҥ! Мин 29 саастаахпын, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Радиотехник үөрэхтээхпин. Ол эрээри, бу идэ сирдээҕи аналым буолбатах, биир да күн үөрэхпинэн үлэлээбэтэҕим. Саха устуоруйатын үөрэтиинэн утумнаахтык дьарыктанабын. Билигин улуус кыраайы үөрэтэр түмэлин салайааччытынан үлэлиибин. Ыал буолбутум биэс сыл буолла. Үчүгэйкээн кэрэ аҥаардаахпын, кырачаан уол уонна кыыс оҕолордоохпут.
– Сахаҥ хаһан “уһуктубутай” диэн ыйытан көрүүм?
– 25 сааспар диэри саха диэн омугум аата эрэ диэн билиилээх сылдьыбытым. Бу Саха сиригэр олорон «саха» диэн тугун, хантан төрүттээхпин, өбүгэлэрим кимнээҕин иччэ сааспар диэри интэриэһиргээбэтэх, ыйыталаспатах эбиппин. Кыараҕас көрүүлэнэн бэйэбин тастан хаһан даҕаны норуот быһыытынан сыаналаабат этим. Ити кэмҥэ Турция дойдутугар тюркология салаатыгар үөрэххэ киирбитим. Бу сылдьан санаа көтөн түстэ: «Арай, билигин миигиттэн омугуҥ туһунан кэпсээ диэтиннэр, туох диибиний?» – диэн. Ол кэнниттэн, дьэ, кыралаан үөрэтэн киирэн барбытым.
Хас аахпыт этиим, иҥэриммит билиим барыта сиспин сылытан, кэҥэтэн киирэн барбыта, тирэхпин олус күүскэ ыпсарбыта. Билиибин өрүү дьоҥҥо кэпсии сатыыбын, тарҕатар эркин сыаллаахпын. Аҥаардас «саха» диэн тыл «Күн таҥараны» бэлиэтиирэ саныырга олус астык буолбат дуо?
– Эйигин блогер курдук буолбакка, сахалыы сырдатааччы, ыччаты сирдээччи курдук билинэн эрэллэр. Бу эйиэхэ туох санааны үөскэтэрий?
– Долгуйабын, норуотум иннигэр бүк эппиэтинэс сүктэриллэр. Мин өрүүтүн ортотунан киһилии өттүн толкуйдуу сатыыбын. Ол иһин, үгүс киһи санаатын табарым буолуо дии саныыбын. Өрүүтүн сырдык өттүгэр тардыһабын.
– Дьон кириитикэтин хайдах ылынаҕын?
– Дьон саҥата – ох. Ол эрээри, холку буоллаххына – эн көмүскэллээххин. Бэйэҥ санааҕын бэйэҕэр бигэргэппит буоллаххына, халбаҥнаабаккын. Хас биирдии киһи бэйэтэ тус санаалаах буолар, ону хайдах даҕаны утарсыбаккын, төттөрүтүн дьону өйдүү сатыах тустаахпыт. Киһи санаата мээнэттэн тахсыбат, киһи хайдах саҥарарыттан олоҕун ойуулаан көрүөххэ сөп. Ити санаа диэн магнит курдук. Куһаҕаны саныы сылдьар киһи өрүүтүн куһаҕаҥҥа эрэ тиксэр, үтүөнү саныыр киһи үтүөнү бэйэтигэр тардар. Киһи этигэр-хааныгар эмиэ олус күүстээхтик дьайар, мөкү өттүн көрө сылдьар дьон өрүүтүн ыгылыйа сылдьар буоланнар, ыалдьаллара бэрт элбэх, кылгас да олохтоох буолан хаалыахха сөп. Онон саныыр санаа барытыгар дьайар диэн өйдөбүллээхпин.
– Сахаҕа кырыы диэн өйдөбүл баар. Эн хас кырыылаахпын дии саныыгын?
– Маны күүскэ ырыта сылдьыбытым. Мин күүһүм ханнык хайысхаҕа баарый, ийэ кутум тугу ирдиирий, өбүгэлэрим тугу баҕаралларый диэн. Бу – ис туругу кытары үлэ буолар. Кыайан дьон болҕомтотун тардабын, ылыннарыылаахтык суруйабын, санаабын сааһылаан этэбин, дьону истэбин уонна сөптөөх сыанабылы биэрэбин дии саныыбын.
Ыллыыбын. Устудьуоннуу сылдьан «Үс кут» диэн рок-бөлөхтөөх этибит. Ырыа айарбын астынабын, гитарабын ыллым эрэ, биир ырыа айыллааччы эрээри, сорохторо тутатына умнуллан хаалаллар. Үҥкүүлүүбүн, хас да сыл устата омуктуу «бачата», «сальса» диэн үҥкүүлэринэн дьарыктана сылдьыбыттааҕым. Артыыстыыбын. Оҕо сылдьан «Эдэр көрөөччү тыйаатырыгар» куруһуокка сылдьарым, олоҥхо көрдөрөммүт, Болгарияҕа кытта тиийэ сылдьыбыппыт. Ити курдук култуура араас эйгэтигэр баарбын.
– Өрөспүүбүлүкэ күнэ туох суолталааҕый?
– Бары билэрбит курдук, муус устар 27 күнэ биһиэхэ олус суолталаах күн. 1922 сыллаахха Саха сирэ судаарыстыбаннас буоларыгар маҥнайгы хардыыны оҥорбута, онтон 1992 сыллаахха саҥаттан тэриниини бигэргэппиттэрэ. Күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри өрөспүүбүлүкэ диэн ааттанан олоробут. Бу күн убайдарбыт сүҥкэн хамсаныылары оҥороннор, киһи кыаҕа улаханвн көрдөрбүттэрэ. Киһи үтүө уонна норуот туһугар оҥорор хамсаныыта хайаан да ситиһиилээх буоларын бигэргэппиттэрэ. Олус эдэр уолаттар сир үрдүнэн атынан айанныы сылдьан судаарыстыбаны төрүттүүр хамсааһыннара билигин да өйбөр баппат киэҥ.
– Бүгүҥҥү саха сүрүн уратыта туохханый? Уопсай көрүүлэргин кытта үллэстиэҥ дуо?
– Билигин саха омугар олус элбэх тиийбэт дии саныыбын. Күннээҕинэн олорон хаалан эрэбит. Төрөөбүт тылбытын туттуу олус аҕыйаата. Биллэн турар, нууччалыы тылы туттар эйгэ олус улахан уонна улаата турар, онтон саха эйгэтэ кыараан иһэр. Ону көрөн баран судаарыстыбаны мөҕүттэ-мөҕүттэ олоробут. Ол судаарыстыба сокуонуттан улахан тутулуга суох, ол биһигиттэн эрэ тутулуктаах. Сахалыы саҥарары үксэтиэх, саха буолуутун чөлүгэр түһэриэх тустаахпыт. Улахан сорбут тыа хаһаайыстыбатыгар сытар. Саханы саха оҥорон, үйэлэри нөҥүөлээн омук быһыытынан тыыннаах хаалларбыт тыа хаһаайыстыбата буолар. Төрүт үгэстэрбит сүтэн симэлийиэ суохтаахтар.
– Ааҕааччыларга баҕа санааларыҥ?
– Саха сиригэр киирэр биир улахан массыына суола баар. Ол быстан, маҕаһыыҥҥа ас кэлэрэ тохтоон хааллын? Илин эҥээргэ гаас ситимэ аҕыйах турбанан быраҕылла сытар, ол да турбалар муҥура суох үлэлиир буолбатахтар, гаас тохтоотун, уоппут бардын? Хайдах буолабыт? Биллэн турар, бу билиҥҥи сайдыылаах олоххо оннук буолуо суох курдук. Ол эрээри, олох тугу бэлэмнээбитин сэрэйэр кыах суох. Тыын туһугар охсуһар түгэн кэллэҕинэ, бэлэм буолуохтаахпыт. Хас биирдии ыал бэйэтин олбуоругар балаҕаннаах, ол балаҕанын иһигэр көмүлүөк уонна нууччалыы оттуллар оһохтоох буолуоҕун баҕарабын. Эт-үүт ылынар кыра хаһаайыстыбалаах, муус саппаастаах буолуохтаах. Итинник курдук толкуйдар бу кэлиҥҥи кэмҥэ миигин олох ыыппаттар.
Дьиэ кэргэҥҥэ улахан болҕомто ууруохпун баҕарабын. Ыал судаарыстыба тирэҕэ, силиһэ буолар. Биһиги, төрөппүттэр, сөптөөх ыччаттары иитэн-такайан улаатыннарыахтаахпыт. Ыччаттарбытыгар омукпут, өбүгэлэрбит билиилэрин тириэрдиэхтээхпит. Кэлэр көлүөнэни иитэбит, бу мантан өссө салгыы кэлэр кэнэҕэски кэммит тутулуктаах. Бүтүн устуоруйаны биир да киһи уларытар кыахтаах.
– Мэхээс, саха буолан сандааран, салгыы дьоҥҥо-сэргэҕэ былыргы балаҕаннары кэрийбит курдук, киһи өтөрүнэн истибэтэх устуоруйа чахчыларын тарҕатан, киэҥ эйгэҕэ таһаара тураргар баҕарабын!
Эльдар Садовников.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: