Масаха Мэхээс: “Билиибин кэпсиир, тарҕатар сыаллаахпын”

Share

Ыччат олох араас ирдэбилигэр киирэн, куустарыллан, сарсыҥҥытын, инникитин тосхолломмокко олороро күннээҕи көстүү буолан эрэр. Ол эрээри, ыччаты ыччат угуйар дииллэринии, социальнай ситимнэргэ Масаха Мэхээс диэн эдэр киһи саха омугун устуоруйата, култуурата хайысхалаах блогу ыытан, үгүс дьон биһирэбилин ылла.

– Мэхээс, соргу-дугуй! Кимтэн кииннээххин, хантан хааннааххын, туох үөрэхтээххин сэгэтэн кэпсиэҥ дуу.

– Туругуруҥ! Мин 29 саастаах­пын, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Радиотехник үөрэхтээхпин. Ол эрээри, бу идэ сирдээҕи аналым буолбатах, биир да күн үөрэхпинэн үлэлээбэтэҕим. Саха устуору­йатын үөрэтиинэн утумнаахтык дьарыктанабын. Билигин улуус кыраайы үөрэтэр түмэлин салайааччытынан үлэлиибин. Ыал буолбутум биэс сыл буолла. Үчүгэйкээн кэрэ аҥаардаахпын, кырачаан уол уонна кыыс оҕолордоохпут.

– Сахаҥ хаһан “уһуктубутай” диэн ыйытан көрүүм?

– 25 сааспар диэри саха диэн омугум аата эрэ диэн билиилээх сылдьыбытым. Бу Саха сиригэр олорон «саха» диэн тугун, хантан төрүттээхпин, өбүгэлэрим кимнээҕин иччэ сааспар диэри интэриэһиргээбэтэх, ыйыталаспатах эбиппин. Кыараҕас көрүүлэнэн бэйэбин тастан хаһан даҕаны норуот быһыытынан сыаналаабат этим. Ити кэмҥэ Турция дойдутугар тюркология салаатыгар үөрэххэ киирбитим. Бу сылдьан санаа көтөн түстэ: «Арай, билигин миигиттэн омугуҥ туһунан кэпсээ диэтиннэр, туох диибиний?» – диэн. Ол кэнниттэн, дьэ, кыралаан үөрэтэн киирэн барбытым.

Хас аахпыт этиим, иҥэриммит билиим барыта сиспин сылытан, кэҥэтэн киирэн барбыта, тирэхпин олус күүскэ ыпсарбыта. Билиибин өрүү дьоҥҥо кэпсии сатыыбын, тарҕатар эркин сыал­лаахпын. Аҥаардас «саха» диэн тыл «Күн таҥараны» бэлиэтии­рэ саныыр­га олус астык буолбат дуо?

– Эйигин блогер курдук буолбакка, сахалыы сырдатааччы, ыччаты сирдээччи курдук билинэн эрэллэр. Бу эйиэхэ туох санааны үөскэтэрий?

– Долгуйабын, норуотум иннигэр бүк эппиэтинэс сүктэриллэр. Мин өрүүтүн ортотунан киһилии өттүн толкуйдуу сатыыбын. Ол иһин, үгүс киһи санаатын табарым буолуо дии саныыбын. Өрүүтүн сырдык өттүгэр тардыһабын.

– Дьон кириитикэтин хайдах ылынаҕын?

– Дьон саҥата – ох. Ол эрээри, холку буоллаххына – эн көмүскэллээххин. Бэйэҥ санаа­ҕын бэйэҕэр бигэргэппит буол­лаххына, халбаҥнаабаккын. Хас биирдии киһи бэйэтэ тус санаалаах буолар, ону хайдах даҕаны утарсыбаккын, төттөрүтүн дьону өйдүү сатыах тустаахпыт. Киһи санаата мээнэттэн тахсыбат, киһи хайдах саҥарарыттан олоҕун ойуулаан көрүөххэ сөп. Ити санаа диэн магнит курдук. Куһаҕаны саныы сылдьар киһи өрүүтүн куһаҕаҥҥа эрэ тиксэр, үтүөнү саныыр киһи үтүөнү бэйэтигэр тардар. Киһи этигэр-хааныгар эмиэ олус күүстээхтик дьа­йар, мөкү өттүн көрө сылдьар дьон өрүүтүн ыгылыйа сылдьар буоланнар, ыалдьаллара бэрт элбэх, кылгас да олох­тоох буолан хаалыахха сөп. Онон саныыр санаа барытыгар дьа­йар диэн өйдөбүллээхпин.

Хаартысканы Масаха Мэхээс тиксэрдэ.

– Сахаҕа кырыы диэн өйдөбүл баар. Эн хас кырыылаахпын дии саныыгын?

– Маны күүскэ ырыта сылдьыбытым. Мин күүһүм ханнык хайысхаҕа баарый, ийэ кутум тугу ирдиирий, өбүгэлэрим тугу баҕаралларый диэн. Бу – ис туругу кытары үлэ буолар. Кыайан дьон болҕомтотун тардабын, ылыннарыылаахтык суруйабын, санаабын сааһылаан этэбин, дьону истэбин уонна сөптөөх сыанабылы биэрэбин дии саныыбын.

Ыллыыбын. Устудьуоннуу сылдьан «Үс кут» диэн рок-бөлөхтөөх этибит. Ырыа айарбын астынабын, гитарабын ыллым эрэ, биир ырыа айыллааччы эрээри, сорохторо тутатына умнуллан хаалаллар. Үҥкүүлүүбүн, хас да сыл устата омуктуу «бачата», «сальса» диэн үҥкүүлэринэн дьарыктана сылдьыбыттааҕым. Артыыстыыбын. Оҕо сылдьан «Эдэр көрөөччү тыйаатырыгар» куруһуокка сылдьарым, олоҥхо көрдөрөммүт, Болгарияҕа кытта тиийэ сылдьыбыппыт. Ити курдук култуура араас эйгэтигэр баарбын.

– Өрөспүүбүлүкэ күнэ туох суолталааҕый?

– Бары билэрбит курдук, муус устар 27 күнэ биһиэ­хэ олус суолталаах күн. 1922 сыллаахха Саха сирэ судаарыстыбаннас буоларыгар маҥнайгы хардыыны оҥорбута, онтон 1992 сыллаахха саҥаттан тэриниини бигэргэппиттэрэ. Күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри өрөспүүбүлүкэ диэн ааттанан олоробут. Бу күн убайдарбыт сүҥкэн хамсаныылары оҥороннор, киһи кыаҕа улаханвн көрдөрбүттэрэ. Киһи үтүө уонна норуот туһугар оҥорор хамсаныыта хайаан да ситиһии­лээх буоларын бигэргэппиттэрэ. Олус эдэр уолаттар сир үрдүнэн атынан айанныы сылдьан судаарыстыбаны төрүттүүр хамсааһыннара билигин да өйбөр баппат киэҥ.

– Бүгүҥҥү саха сүрүн уратыта туохханый? Уопсай көрүүлэргин кытта үллэстиэҥ дуо?

– Билигин саха омугар олус элбэх тиийбэт дии саныыбын. Күннээҕинэн олорон хаалан эрэбит. Төрөөбүт тылбытын туттуу олус аҕыйаата. Биллэн турар, нууччалыы тылы туттар эйгэ олус улахан уонна улаата турар, онтон саха эйгэтэ кыараан иһэр. Ону көрөн баран судаа­рыстыбаны мөҕүттэ-мөҕүттэ олоробут. Ол судаа­рыстыба сокуонуттан улахан тутулуга суох, ол биһигиттэн эрэ тутулуктаах. Сахалыы саҥарары үксэтиэх, саха буолуутун чөлүгэр түһэриэх тустаахпыт. Улахан сорбут тыа хаһаайыс­тыбатыгар сытар. Саханы саха оҥорон, үйэлэри нөҥүөлээн омук быһыытынан тыыннаах хаалларбыт тыа хаһаайыстыбата буолар. Төрүт үгэстэрбит сүтэн симэлийиэ суохтаахтар.

– Ааҕааччыларга баҕа санааларыҥ?

– Саха сиригэр киирэр биир улахан массыына суола баар. Ол быстан, маҕаһыыҥҥа ас кэлэрэ тохтоон хааллын? Илин эҥээргэ гаас ситимэ аҕыйах турбанан быраҕылла сытар, ол да турбалар муҥура суох үлэлиир буолбатахтар, гаас тохтоо­тун, уоппут бардын? Хайдах буолабыт? Биллэн турар, бу билиҥҥи сайдыылаах олоххо оннук буолуо суох курдук. Ол  эрээри, олох тугу бэлэмнээбитин сэрэ­йэр кыах суох. Тыын туһугар охсуһар түгэн кэллэҕинэ, бэлэм буолуохтаахпыт. Хас биирдии ыал бэйэтин ол­­буоругар балаҕаннаах, ол балаҕанын иһигэр көмүлүөк уонна нууччалыы оттуллар оһохтоох буолуоҕун баҕарабын. Эт-үүт ылынар кыра хаһаайыстыба­лаах, муус саппаастаах буолуох­таах. Итинник курдук толкуйдар бу кэлиҥҥи кэмҥэ миигин олох ыыппаттар.

Дьиэ кэргэҥҥэ улахан болҕомто ууруохпун баҕарабын. Ыал судаарыстыба тирэҕэ, силиһэ буолар. Биһиги, төрөппүттэр, сөптөөх ыччаттары иитэн-такайан улаатыннарыахтаахпыт. Ыччаттарбытыгар омукпут, өбүгэлэрбит билиилэрин тириэрдиэхтээхпит. Кэлэр көлүөнэни иитэбит, бу мантан өссө салгыы кэлэр кэнэ­ҕэски кэммит тутулуктаах. Бүтүн устуоруйаны биир да киһи уларытар кыахтаах.

– Мэхээс, саха буолан сандааран, салгыы дьоҥҥо-сэргэҕэ былыргы балаҕаннары кэрийбит курдук, киһи өтөрүнэн истибэтэх устуоруйа чахчыларын тарҕатан, киэҥ эйгэҕэ таһаара тураргар баҕарабын!

Эльдар Садовников.

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Суоттуга үлэһит үөрэнээччилэри чиэстээтилэр

Суотту агрооскуолата элбэх көлүөнэ үөрэнээччилэрин өбүгэ үйэлээх үгэстэригэр, үлэ сатабылларыгар иитэр-үөрэтэр уопута өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр…

15 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тимофей Сметанин стелатыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар

Кэбээйи улууһун уопсастыбаннаһа фронтовик суруйааччы Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан бүгүн өйдөбүнньүк стелатыгар сибэкки…

26 минут ago
  • Сонуннар

«Мас олортум, уол оҕону улаатыннардым, дьиэ туттум…»

 Бу мин суруйаары олорор ыстатыйам дьоруойа чахчы ыстатыйа аатыгар толору барсар олоҕу олорон аастаҕа. “Биирдэ…

31 минута ago
  • Сонуннар

«Арктика» айан суола аһылынна

Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, «Арктика» айан суолун 0+000 км – 187+000 км (Бурустаах м. –…

42 минуты ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Мэхээлискэ Батаахап. Булчут Мэхээлискэ.

Булчут Мэхээлискэ туһунан суруйарга сананным. Дьиҥинэн, бука  соччо улаатан баран алтыспатах буоламмын, суруйа да сананыам…

46 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Телеграм-ханаалынан билсээри харчытын уордарбыт

Баан счетуттан уоруллубут 64 тыһыынча солкуобайы полиция  тута арыйда. ИДьМ-тын Саха сиринээҕи салалтатын полиция 1-кы…

1 час ago