Салгыы
Маша Борисова “Уһун тыыннаах” анал аат хаһаайката буолла

Маша Борисова “Уһун тыыннаах” анал аат хаһаайката буолла

26.06.2024, 19:40
Хаартыска: Маша Борисова олоҥхоһут Бэһиэлэйдээх Болуодьалыын. Сардаана Жакипова түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

Быйылгы Олоҥхо Ыһыаҕар Кэбээйи улууһун нэһилиэктэрэ, 2026 сылга Кэбээйи сиригэр-уотугар ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэ таарыйа, ох курдук оҥостон кэлбиттэр.

2-с Лүүчүн нэһилиэгэ былыр-былыргыттан уус тыллаахтар уутуйан үөскээбит түөлбэлэрэ буолар. Онон Сайылыктааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын фольклорга уһуйааччыта Сардаана Жакипова салалтатынан оҕолор олоҥхоҕо ылсан үлэлии сылдьаллар. Быйылгы ыһыахха хайдах кыттыбыттарын Сардаана Константиновна маннык кэпсиир:

— Оҕо балаҕаныгар биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн олоҥхону толоруу күрэҕэр уопсайа 116 оҕо кытынна. Биирдиилээн толорууга 55 оҕо, бөлөҕүнэн — 18.
Дьүүллүүр сүбэҕэ Олоҥхо научнай-методическэй киинин үлэһитэ Зоя Сысолятина, АГИКИ кафедратын сэбиэдиссэйэ, культурология салаатын кандидата Зоя Стрекаловская, А.Д. Макарова аатынан Култуура, ускуустуба колледжын уһуйааччыта Галина Лыткина үлэлээтилэр.
Олоҥхо Ыһыаҕын сүрүн күрэҕэр Кэбээйи улууһуттан быйыл онус кылааһы бүтэрбит Мастаах орто оскуолатын үөрэнээччитэ Маша Борисова Юрий Борисов «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр” олоҥхотунан кытынна. Итиэннэ «Уһун тыыннаах» анал аат ааты ылары ситистэ. Онон уһуйуллааччым ситиһиилээхтик кыттыбытыттан үөрдүм, төрөппүттэригэр Анжелика, Айаал Борисовтарга махтанабын. Машаҕа фольклор саамай уустук көрүҥэр утумнаахтык кыттан, саҥаттан саҥа ситиһиилэри ылан иһэригэр баҕарабын.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -22°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: