Үгүлээттэн 60 км сиргэ Ньурбаттан биир ыал «Буранынан» балыктыы тахсыбыттар. Эр киһи оттук маһын эрбии сылдьан, маска баттатан улахан эчэйиини ылбыт.
Кэргэнэ суһаллык спутниковай төлөпүөнүнэн «112» эрийэн, онтон Бүлүүтээҕи ЕДДС үлэһиттэрэ баһылыкка сибээскэ суһаллык тахсыбыттар. Бу туһунан биһиэхэ сибээһи тутан олорбут Үгүлээт нэһилиэгин баһылыга Октябрь Лукин иһитиннэрбит.
Станислав Тарасов уонна Дмитрий Мылахов бэрт түргэнник хомуна охсон, икки «Буранынан» олохтоох биэлсэр Алексеев Александр Александровиһы уонна мэдиссиинэ сиэстэрэтэ Индеева Александра Николаевнаны илдьэ киэһээ 10 чаас саҕана айаннаабыттар. Түүн 1 чааска тиийэннэр суһал көмө оҥоһуллубут. Ол кэнниттэн сарсыарда 8 чаас саҕана үүтээн баар сиригэр санитарнай авиация бөртөлүөтэ Ньурбаттан кэлэн илдьэ барбыт.
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…