Бүгүн, сэтинньи 26 күнүгэр, Суорун Омоллоон аатынан опера уонна балет тыйаатырыгар «Культура на службе Отечеству» диэн эрэгийиэннээҕи бырайыак чэрчитинэн, «Барыта кыайыы туһугар» диэн тыйаатыр иистэнэр сыаҕар экскурсия буолла.
Маны сэргэ, РФ Аҕа дойдутун буойуннарын дьиэ кэргэннэрин кэмитиэтин салайааччыта Юлия Белехова тыйаатыр кэллэктиибин кытары көрүстэ. Тэрээһиҥҥэ СӨ Култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирэ Афанасий Ноев, тыйаатыр дириэктэрэ Владислав Левочкин, үлэһиттэр, байыаннай дьайыы кыттыылаахтара сырыттылар.
Опера уонна балет тыйаатырын киирии саалатыгар икки өттүнэн маскировачнай сиэккэлэри култуура үлэһиттэрэ быыс буллулар да баайаллар эбит. Ол курдук манна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин кэллэктиибэ уонна тыйаатыр үлэһиттэрэ бааллара.
Раиса Колодезникова, Национальнай бибилэтиэкэ кэлимник хааччыйыы салаатын сэбиэдиссэйэ:
-«Библиосила» диэн волонтердар хамсааһыннаахпыт. Биһиэхэ бибилэтиэкэбитигэр «Боевые шелкопряды» хамсааһын филиала баар. Волонтердарбыт Агафья Михайловна Егорова, Марияна Гаврильевна Попова, Михаил Николаевич Тихонов буолаллар. Бу хамсааһын өрөспүүбүлүкэни биир гына тэнийэн үлэлиир. Сиэккэ баайаллар, харысхал оҥороллор. Үлэһиттэрбит бэйэлэрин баҕа санааларынан үлэлииллэр. Сорохтор үлэ кэннэ да хаалан, сорохтор эбиэт кэмигэр үлэҕэ кыттыһаллар.
Опера уонна балет тыйаатырын профсойууһун бэрэссэдээтэлэ Анна Дьячковская:
— Биһиги кэллэктииппит байыаннай дьайыыга көмөлөһөргө мэлдьи бэлэммит. Сиэккэ баайарга араас ньымаҕа үөрэммиппит. Өрөспүүбүүкэтээҕи профсойуус кэмитиэтэ мэлдьи сиэккэ баайаллар. Онно тиийэммит хастыы да киһи буолан көмөлөһөбүт. Тыйаатыр иһигэр бастаан улахан сыахпытыгар баайар этибит. Иистэнэр сыахтаахпыт, олор куруук көстүүмнэри тигэллэр. Гуманитарнай көмөнү хомуйабыт. Эмп-томп, ол-бу наадалаах малы-салы хомуйабыт. Баһыылкалаан ыытабыт, ардыгар аадырыстаан ыытааччыбыт.
Опера уонна балет тыйаатырын худуоһунньук-декоратора Ангелина Тимофеева:
-Биһиги сиэккэни саахымат уонна сахалыы салама ньыматынан өрөбүт. Оттон бибилэтиэкэ кэллэктиибэ гобелен ньыматынан өрөллөр. Бу сиэккэ баайыытын үлэтигэр артыыстар, тыйаатыр бары үлэһиттэрэ кыттабыт. Үлэбит быыһыгар тыйаатырга харыйабытын туруордубут. Ити көрбүккүт курдук үрүҥ эһэ оонньуурдары ыйаатыбыт. Бу эмиэ дириҥ суолталаах. Ол курдук бу оонньуурдары оскуола оҕолоро оҥорбуттара. Үрүҥ эһэ көҥүл, көмүскэл, күүс-кыах суолталаах. Кыайыыны түстүүр символ оонньуурдар.
Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларыгар ааҕааччыбыт Анастасия Захарова ийэ, аҕа, оҕо, дьиэ кэргэн туһунан…
Бэҕэһээ, сэтинньи 25 күнүгэр, Өлүөнэ өрүскэ Аллараа Бэстээххэ баар тимир суол вокзалын кэтэһэр пуунуттан 1200…
“Саха сиригэр сэтинньи бүтүүтэ күн-дьыл туруга уларыйа сылдьыа уонна халлаан сылаас буолуоҕа. Бу туһунан СИА-ҕа…
Дьокуускайга сэтинньи 27 күнүгэр национальнай многоборье федерациятын Кубога аан бастаан ыытыллыаҕа. Онно "Дыгын ооньууларын" сулустара…
Кэбээйи оройуонун борокуратуурата тыатааҕыны көҥүлэ суох бултааһыҥҥа уонна да атын буруйу оҥоруулар тустарынан холоуобунай дьыалаҕа судаарыстыбаннай…
Бүгүн Росморфлот Экспертнэй сэбиэтэ 2024 с. навигацияны түмүктүүр мунньаҕы ыытта. Мунньахха Саха Өрөспүүбүлүкэтэ, Чукотскай автономнай…