Маскировочнай ситими өрүүгэ аахсыйа ыытылынна

Share

«Боевые шелкопряды Якутии» диэн уопсастыбыннай түмсүү “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйаны кытта маскировочнай ситими өрүүгэ аахсыйаны тэрийэн ыытта.

Хаартысканы аахсыйа тэрийээччилэрэ тиксэрдилэр.

«Арассыыйа — мин устуоруйам» пааркаҕа үс күн устата байыаннай дьайыы буола турар сиригэр баар байыастарга анаан маскировочнай ситимнэри өрдүлэр. Ситимнэри эрдэттэн өрөргө үөрүйэхтээх маастардары кытта баҕалаах дьон тэҥҥэ өрүстүлэр. «Боевые шелкопряды Якутии» түмсүү кыттыылаахтара мусуой киин саалатыгар ситими тиирэр арааманы туруорбуттар, ситимҥэ таҥыллар таҥас кырадыһыннарын бэлэмнээн уурбуттар. Түмсүү салайааччыта Марина Васильева этэринэн, волонтердар 2022 сыл кулун тутарыттан 250  ситими оҥорон бэлэмнээбиттэр. Кини бу аахсыйа сүрүн ситиһиитинэн мусуойу кытта бииргэ үлэлииргэ сөбүлэһиҥ баттаммыта буолар диир.

— «Арассыыйа — мин устуоруйам» паарка салайааччытыгар Дмитрий Соловьевка улахан махталбын тиэрдэбин. Ону кытта мусуой үлэһиттэрэ бэйэлэрин үптэригэр бу үлэҕэ аналлаах ситими, таҥаһы атыылаһыах буоллулар. Бэс ыйын 11 күнүгэр мусуой үлэһиттэригэр анаан маастар-кылаас ыытыахпыт, — диэн этэр Марина Васильева.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

9 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

10 часов ago