Масленица нэдиэлэтин күннэрэ туох суолталаахтарый?

Share

Кулун тутар  11 күнүттэн Масленица нэдиэлэтэ саҕаланна.  Сыл аайы Масленица хаһан буолара уларыйа сылдьар. Быйыл эрдэлээбит курдук. Бу  Улуу пост иннинээҕи «Сырная седмица» диэн ааттаах нэдиэлэ.

Хаартыска: Известия.

Масленица нэдиэлэтин күннэрэ туспа ааттаахтар, үгэстэрдээхтэр.

Бэнидиэнньик — «Встреча». Кутаа оттон, Кыһын чуучалатын оҥорон, ырыа-тойук, оонньуу, көр-нар саҕаланара. Астаабыт билиинчиктэрин кыамматтарга, дьадаҥыларга бэрсэллэрэ.

Оптуорунньук — «Заигрыши». Хаҥкылааһын, хачыаллааһын, сыарҕалаах акка хатааһылааһын, сыыртан сырылааһын, хаар кириэппэстэрин оҥоруу, хаарынан бырахсыы тэриллэрэ.

Сэрэдэ — «Лакомка». Билиинчик бөҕөтүн буһаран, аймахтарын ыҥыртыыллара.

Чэппиэр — «Широкий четверг». Сарсыардааҥҥа диэри күүлэйдииллэрэ.

Бээтинсэ — «Тещины вечерки». Күтүөттэр ийэ кынныларын күндүлүүллэр.

Субуота — «Золовкины посиделки». Кийииттэр дьүөгэлэрин, аймах кыргыттарын ыҥыртаан, маанылаһаллара.

Баскыһыанньа — «Прощеное воскресенье». Дьэ, ити курдук аһаан, күүлэйдээн баран, бу күн бэйэ-бэйэлэригэр бэлэх бэрсэллэрэ, бырастыы гынарга көрдөһөллөрө, Улуус Пост хааччахтааһыннарны тутуһарга бэлэмнэнэллэрэ. Кыһын чуучулатын уматаллара.

Быйыл кулун тутар 18 күнүттэн ыам ыйын 5 күнүгэр диэри православнай христианнарга 40 күннээх Улуу Пост саҕаланар.

Төһө да православнай итэҕэлгэ бэлиэтэннэр, былыргы Палестина манаахтара Пасха иннинэ кумах куйаарга 40 күн устата баран үҥэллэриттэн саҕаланнар,  Масленица нууччаларга түҥ былыргыттан баар языческай бырааһынньык. Сааскы күн тэҥнэһиитин кэмигэр — кулун тутар 22 күнүгэр бырааһынньыктыыллара. Ол дьыл сырдык кэмин көрсүү үөрүүтэ этэ. Ол да иһин күн курдук төгүрүк, араҕас билиинчиктэри буһараллара. Быйылгы үүнүү үчүгэй буоллун диэн араас элбэх сиэри-туому толороллоро, алгыыллара.

Кыһын чуучалатын оҥорон, сиэртибэ биэрэллэрэ. Эдэрдэр бу кэмҥэ ыал буолаллара. Христианствоны ылыммыт кэннэ, бу бырааһынньык айылҕа күүстэригэр сүгүрүйэр сакральнай суолтата сүтэн, көннөрү көр-нар курдук буолан хаалбыта.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Хаарбах, саахалланар туруктаах дьиэлэр аҕыйаатыннар

 “Кимиэхэ эрэ “Сулустаах” дьиэ, кимиэхэ эрэ...” диэн кыһалҕалаах дьиэлээх-уоттаах үс оҕолоох ийэ туһунан суруйбуппут. Бу…

38 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьиэ кэргэн сылын түмүктүүр үөрүүлээх тэрээһин буолла

Ахсынньы 13 күнүгэр Дьокуускайга Ю.Гагарин аатынан Култуура киинигэр Дьиэ кэргэн сылын үөрүүлээхтик сабыы тэрээһинэ буолла.…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Кэлэр сыллааҕы бүддьүөт уонна Арассыыйа ядернай бэлиитикэтэ

Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин бу күннэргэ сылы түмүктүүр мунньахтарын ыыталыыр. Ахсынньы 10 күнүгэр Гражданскай…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга:  ахсынньы 14 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий?  Ленскэй, Халыма-Индигиир улуустарыгар, күнүс Дьааҥыга…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

14 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

14 часов ago