Массыына атыытын ырыынагын Кытай баһылаан эрэр
Массыына атыытын ырыынагар баар балаһыанньаттан сылтаан араас уларыйыылар-тэлэрийиилэр тахсыталыыллар. Ол курдук, соторутааҕыта Япония Арассыыйаны утары сааҥсыйатын күүһүрдүбүтүн түмүгэр, “тойота” тимир көлөлөр биһиги дойдубут боруогун атыллыылларыгар хааччахтар олоххо киирдилэр.
Атырдьах ыйын 9 күнүттэн Японияттан Арассыыйаҕа саҥа тимир көлөлөр уонна эргэлэр атыыга киириилэрэ тохтотулунна.
Ол чуолаан ханнык массыыналар?
– Оттук умайарыгар 1900 куб см улахан оробуочай сабардамнаах мотуордаахтар;
– Уотунан барар уонна гибриднэй дэниллэр (уотунан уонна бэнсиининэн) тимир көлөлөр;
– Таһаҕаһы тиэйэр массыыналар (тимир көлө мааркатыттан уонна мотуорун кыаҕыттан тутулуга суох);
– Таһаҕаһы тиэйэр универсальнай дэниллэр тимир көлөлөр (тимир көлө мааркатыттан уонна мотуорун кыаҕыттан тутулуга суох);
– Маны тэҥэ, Арассыыйаҕа ыарахан уйуктаах улахан массыыналар (таһаҕас тиэйэр фуралар) хаамыраларын киллэрии бобуллубут.
Онон дром.ру эспиэртэрэ этэллэринэн, ити үөһээ этиллибит хааччахтааһын түмүгэр, Японияттан быйыл киириэхтээх тимир көлө аҥаара сарбыллыбыт.
Ыскылаат…
Кытайдар обургулар ити уларыйыы киириэн эрдэттэн таайбыт, билбит курдуктар. Атырдьах ыйын 8 күнүгэр Арассыыйа уонна Кытай кыраныыссатын быысаһар сирин аттыгар, Суйфэньхэ куоракка тимир көлө ыскылаатын аһан үлэлэппиттэр. Бу былаһааккаҕа Арассыыйаҕа атыыга киириэхтээх тимир көлөлөрү түмүөхтэрэ диэн эспиэртэр иһитиннэрэллэр.
Ыскылааты аһар үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Суйфэньхэ мэрэ Ван Лэй Арассыыйа Кытай массыыналарын атыылаһар биир улахан килийиэн буолан эрэрин туһунан иһитиннэрбит. Бу былаһаакка ыыра өссө кэҥээн, Владивосток атыылаһааччыларын болҕомтотун тардыаҕа диэн эспиэртэр тойоннообуттар. Ордук хоһу таайбакка да ылан көрдөххө оннук, Суйфэньхэттэн Владивосток баара-суоҕа 155 км ыраах сытар.
Чуолкайа өссө да биллэ илик
Владивостоктан Дьокуускайга тимир көлөнү аҕалан атыылыырынан 10-тан тахса сыл дьарыктаммыт уопуттаах киһиттэн тугун-ханныгын чуолкайдык быһааран кулу диэн көрдөспүппэр, билигин ити эппитиҥ курдук балаһыанньа диэтэ. Ол эбэтэр, Кытай Арассыыйа кыраныыссатын аттыгар улахан ыскылааты аһан үлэлэтэн эрэрэ чуолкай диэн быһаарда. Ол эрээри, атыылааһын өттө өссө чуолкайдана илигин туһунан эттэ. Сотору биллэрэ буолуо, ону тугун-ханныгын быһааран биэриэм диэн мэктиэ тылын биэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: