Массыына чэпчэтиилээх кирэдьиитин өссө элбэх киһи туһанар кыахтаныаҕа
03.11.2023, 18:00
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:
Массыына чэпчэтиилээх кирэдьиитин бырагыраамата кэҥээн, мантан ыла инбэлиитэр, туһанар кыахтаныахтара. Маны тэҥэ, чэпчэтиинэн туһанааччылар испииһэктэригэр мэдиссиинэ үлэһиттэрэ, учууталлар, байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ киирсэллэр.
Тульскай уобалас собуоттарыгар оҥоһуллубут АвтоВАЗ, УАЗ, ГАЗ, Haval чэпчэтиллибит массыыналары, ону тэҥэ, Evolute уонна «Москвич 3е» электромобиллары атыылаһыахтарын сөп.
Чэпчэтии кээмэйэ маннык:
25% — Уһук Илин олохтоохторугар;
20% — мантан атын эрэгийиэннэргэ;
35%, ол эрээри 925 тыс. солк. иһинэн — электромобиллары атыылаһарга.
Массыына чэпчэтиилээх кирэдьиитин бырагыраамата 2026 сыл бүтүөр диэри үлэлиэҕэ. Тустаах бырагыраама көмөтүнэн элбэх киһи массыына атыылаһар кыахтаныаҕа.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: