Массыына харсыһыытын түмүгэр биир киһи өлбүт, икки киһи балыыһаҕа киирбит
Суукка устата өрөспүүбүлүкэҕэ 4 буруйу кэһии туһунан бэлиэтэммит. Ол туһунан дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрэр.
Орто Халыма куоракка 1977 с.т. эр киһи доруобуйатыгар улахан эчэйиини ылан балыыһаҕа киирбит, уорбаланар дьахтары туппуттар.
Дьокуускай куоракка уоруу туһунан сайабылыанньа суруйбуттар, Сунтаар сэлиэнньэтигэр кыыһы “тыытыынан” (половой неприкосновенность) буруйу оҥоруу туһунан иһитиннэрбиттэр.
Алдан оройуонугар “Өлүөнэ” федеральнай суол 849 килэмиэтиригэр 1995 сыллаах суоппар ГАЗ 22177 массыынаны ыытан иһэн, наһаа чугаһаан, “КАМАЗ” массыынаҕа баран кэтиллибит. Ол түмүгэр ГАЗ массыынаҕа олорсон испит, 1974 с.т. киһи миэстэтигэр тыына быстыбыт, иккис киһи (1978 сыллаахха төрөөбүт) уонна массыына суоппара балыыһаҕа киирбиттэр.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр суол быһылаана тахсыбытын туһунан иһитиннэрбиттэр, Суксид уонна Виста массыыналар харсыһыыларын түмүгэр, массыынаҕа олорсон испит 1959 сыллаахха төрөөбүт дьахтары балыыһаҕа киллэрбиттэр.
Суукка устата арыгы иһэн баран массыына ыыта сылдьар 12 суоппары туппуттар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: